Чурапчы улууһугар буолан ааспыт XIX өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогтар дьаарбаҥкалара бүгүҥҥү уопсастыба иитии, үөрэтии эйгэтигэр туох ирдэбиллэри туруорарын көрдөрөр.
Аныгы төрөппүт оҕотун ханнык суолунан-ииһинэн сайыннарыан баҕарарый? Онуоха оҕо саада, оскуола утары уунара тугуй? Төрөппүт сакааһын толороругар ханнык программалары, бырайыактары оҥорон таһаарарый?
Кушнир ньыматын уратыта
С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын алын кылааһын учууталларын бөлөҕө “Ааҕыы алыптаах дойдута”, “Остуоруйа алыптаах дойдута” диэн внеурочка программаларын “Лев Толстой оҕолорго”, араас омуктар остуоруйаларын кинигэлэринэн оҥорбуттар.
– Ааҕыыга А.М. Кушнир ньыматын туһанабыт. Бу ньыма уратыта диэн – айымньыны быспакка толору барытын аахтарабыт. Оҕо айымньы тылын-өһүн хараҕынан сирдэтэр, ис хоһоонун чугастык ылынар, көрөр, толкуйдуур, буукубаны көрө үөрэнэр, кинигэҕэ интэриэһэ үөскүүр. Сахалыы тылынан оҕолорго сөптөөх хоһооннор олус аҕыйахтар. Онон бэйэбит учууталбыт Ульяна Николаевна хоһоон суруйуутунан дьарыктанан, буукубалар туһунан айбыт хоһоонноругар дидактическай матырыйааллары эбии оҥорбуппут, – диэн Варвара Ильинична Леонтьева кэпсиир.
“Мин төрөөбүт тылым – эбэҥки тыла”
Уус Маайа улууһун Күп нэһилиэгэ быйылгыттан “эбэҥки национальнай нэһилиэгэ” диэн статустаммыт. Онон нэһилиэнньэ ортотугар тылы үөрэтии боппуруоһа сытыытык турар. Иитээччи Нуруяна Васильевна Максимова эбэҥки тылыгар оҕону олох кыра сааһыттан үөрэтиэххэ диир.
– “Эбэҥки национальнай нэһилиэгэ” статуһу ылыахпыт иннинэ култуурабытын барытын түмпүппүт. Билигин онно олоҕуран тылы үөрэтиигэ киирэбит. Сөптөөх эйгэни тэрийэн, оҕо кыра эрдэҕиттэн “бу мин төрөөбүт тылым” диэн өйү-санааны уган, оҕону кытта тэҥҥэ үлэлэһэр былааммыт киэҥ. Нэһилиэкпитигэр 300-кэ киһи олорор, оҕобут ахсаана – 50-ча. Баһылыкпыт Константин Константинович Иванов нэһилиэк эбэҥки статуһун ыларыгар элбэхтик сүүрдэ-көттө. Кини туруорсан “эбэҥки национальнай нэһилиэгэ” буоллубут, – диэн кэпсиир Нуруяна Васильевна Максимова.
158 кинигэ – бэлэх
Таатта улууһун Игидэй орто оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала Варвара Константиновна Ефимова уонна Дьокуускайдааҕы 7 №-дээх оскуола педагога Саргылана Прокопьевна Маркова холбоһуктаах бырайыктара – ааҕыы тула.
Онуоха Россия сурунаалыстарын сойууһун чилиэнэ, Таатта хаһыатын урукку редактора Нил Самиулович Иевлев бэйэтин бибилэтиэкэтиттэн Игидэй оскуолатыгар саха тылын, литературатын кабинетыгар 158 кинигэни бэлэх ууммут.
– Маннык элбэх кинигэни тутан олорон оҕолор ааҕыыларын хайдах ситимниибит диэн толкуйга түспүппүт. Улуустааҕы И.А. Аргунов аатынан киин бибилэтиэкэтин кытта сүбэлэһэн, куорат 7 №-дээх оскуолатын, Пушкин аатынан Национальнай бибилэтиэкэни, Ойуунускай аатынан Литературнай музейы кытта Нил Иевалев бэлэхтээбит кинигэлэринэн дьиэ кэргэн ааҕыытын куонкуруһун ыытабыт. Оҕолор аахпыт айымньыларынан викториналары, остуол оонньууларын, таайбараҥнары оҥорон таһаараллар, – диир бырайыак ааптара Варвара Константиновна Ефимова.
Үөрэх хаачыстыбатын тирэҕэ – иитии
Хаҥалас улууһун Хачыкаат нэһилиэгин Кыһыл Үрүйэ уопсай үөрэхтээһинин оскуолатын кэлэктиибэ педагогтар дьаарбаҥкаларыгар “Бары бииргэ буоллахпытына, ситиһиилээх буолабыт” диэн үлэлэрин көрдөрдүлэр.
Дириэктэр Галина Гаврильевна Антипина: “Төрөппүт оҕотун кытта оскуола олоҕор, үөрэх чааһыгар тэҥ интэриэстээх буоларын, тэҥҥэ сылдьарын ситиһии биһиги сүрүн сорукпут. 2020 сылтан икки сыл устата Экономика үрдүкү оскуолатын кытта бииргэ үлэлэһэн кэлбиппит. Төрөппүт оскуоланы кытта бииргэ үлэлэһэригэр, төрөппүтү оскуола тула түмүүгэ бу сүрдээҕин көмөлөспүтэ, – диэн санаатын үллэстэр.
40-ча оҕолоох оскуола кэлэктиибэ биир сиргэ турбат. Аныгы олох туруорар ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн, үлэ саҥа хайысхаларын киллэрэн иһэр. Ордук улахан болҕомтону дьиэ кэргэни кытта үлэҕэ уураллар. “Тоҕо диэтэххэ, үөрэх хаачыстыбатын үрдэтии иитииттэн, түмсүүттэн, былааннаах үлэттэн тахсар”, – этэллэр оскуола учууталлара.
Тэрийээччи, иилээччи-саҕалааччы – оҕо
Генерал-майор А.И. Припузов аатынан Уулаах Аан орто оскуолата 2021 с. ылыллыбыт “РФ гражданнарын патриотическай иитии” федеральнай бырайыакка олоҕуран иитэр үлэтин барытын бииргэ ситимнээбит.
Хаҥалас улууһугар соҕотох мас оскуола дьиэлээх, 127 оҕолоох. Икки култуура, саха уонна дьаамсыктар, холбоспут нэһилиэктэрэ буолан, оҕо ону билэ улаатарыгар, көлүөнэ ситимин быспат үлэ күүскэ ыытыллар.
– Трибунаттан туран “патриот буолуҥ” диэн этэр чэпчэки. Оскуолабыт сыллааҕы иитэр үлэтигэр тэрийээччи, иилээччи-саҕалааччы быһыытынан оҕолор бэйэлэрэ кытталлар. “Орлята России”, РДДМ хамсааһыннарын оҕолорбут, төрөппүттэрбит наһаа үчүгэйдик ылыннылар. Барытыгар көхтөөхтүк кытталлар. “Орлята России” хамсааһыҥҥа быйыл үһүс кылаастары эрэ ылбыт буоллахпытына, быйылгы үөрэх дьылыгар алын кылаастар бары киирэллэр. Салгыы оҕолор кадетскай кылааска киирэллэр, – диэн кэпсииллэр учууталлар.
Оскуола үөрэҕи таһынан сыллааҕы иитэр үлэтин былаана олус киэҥ: “Өбүгэлэрбит суолларынан” экспедиция, кадеттары “сүрэхтээһин”, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Припуозвскай ааҕыылар”, “Дьаамсыктар биэчэрдэрэ”, байыаннай сбордар, “Технополис” иһинэн оҥорон, айан таһаарбыт ракеталарын көтүтүү, патриотическай ырыа күрэҕэ.
Оскуолаҕа меценаттар түмсүүлэрэ 1999 сылтан үлэлиир. Оскуола выпускниктара быйыл 21 бириэмийэни туттарбыттар. Иитэр үлэҕэ оскуола музейын кыаҕын-күүһүн толору туһаналлар эбит.
Тирэхпит – музейбыт
Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Надежда Николаевна Андреева, , педагог-бибилэтиэкэр Сардана Прокопьевна Жиндринская “Дьөһгөй” култуура оскуолатын үлэтин билиһиннэрдилэр.
Бу бырайыак оҕо төрөөбүт тылыттан тэйбэтин туһугар, нэһилиэгин историятын билэр, утуму удьуордуур киһи буолан таҕыстын диэн санааттан дурда-хахха, тирэх буолар соруктаах оҥоһуллубут.
– Оскуолабыт 1989 с. тэриллибит сүрдээх баай музейдаахпыт. Нэһилиэкпит эмиэ баай историялаах. Былыр биһиги сирбитинэн ыраахтааҕы суола ааһара. Бөдөҥ судаарыстыбаннай деятеллэрэ үүнэн-сайдан тахсыбыттара. Оҕо билэригэр-көрөрүгэр элбэх матырыйаал хараллан сытар. Ону барытын ороон, аныгы оҕоҕо ис хоһоонун сүтэрбэккэ туран тиэрдэр соруктаахпыт, –диэн кэпсииллэр Надежда Николаевна Андреева, Сардана Прокопьевна Жиндринская.
Сардаана МАТВЕЕВА