Билигин эн сүүс да үрдүк үөрэхтээх буол, тугу да сатаабат, идэҕин толору баһылаабатах буоллаххына, тугу да ситиһиэҥ, үчүгэй үлэни булуоҥ суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, профессионаллар кэмнэрэ кэллэ, билиилэринэн, сатабылларынан күөн күрэстэһэр, нууччалыы эттэххэ, конкурентноспособнай дьон үйэтэ үүннэ.
Ол иһин Европа дойдуларыгар үөдүйбүт, олоххо саамай наадалаах орто анал идэлэр суолталарын, хаачыстыбаларын, таһымнарын үрдэтэргэ туһаайыллыбыт “WorldSkills” диэн күрэхтэһии Россияҕа киэҥник тарҕанна. Эдэр профессионаллар “WorldSkills Russia” диэн Сойуустара баар буолла, ону ааһан оскуола оҕолоругар “WorldSkill Junior” диэн тэрилиннэ. Бу хамсааһын үөрэнээччи эрдэттэн идэтин таларыгар олус көмөлөөх, туһалаах.
Дьокуускайга “JuniorSkill ” өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэ буолан ааста. “Промышленный дизайн” диэн хайысхаҕа сүүмэрдэммит 6 бастыҥ куоталаста.
—-Мин Сунтаардааҕы гимназия VIII кылааһыгар үөрэнэбин. Былырыыҥҥыттан ыла Оҕо айымньытын киинигэр “Инженерный дизайн” диэн куруһуокка сылдьабын. Учууталым Андриан Егорович Максимов салайыытынан бырайыак оҥорон, НПК-ҕа, “Я — исследователь” кыттыбытым. “WorldSkills” күрэхтэһиигэ дойдубар бастааммын, манна ыҥырыллыбытым. Сорудахтара уустук соҕустар. Ол гынан баран, “Blender-3D”, “Coreldrow”, “Компас-3D” программалары Андриан Егорович үчүгэйдик үөрэппит, көмпүүтэргэ чертеж, бырайыак оҥорорго дьарыктаабыт буолан, төһө кыайарбынан оҥордум, — диир Артем Решетников.
—Оттон мин Мэҥэ Хаҥаластан сылдьабын. Көмпүүтэргэ дизайнныырга миигин ким да уһуйбатаҕа, бэйэм хасыһан үөрэтэрим. Ону бэлиэтии көрөн, физика учуутала Ньургуйаана Владимировна Дьяконова эрчийэн саҕалаабыта. Бу маннык күрэхтэһии баар буолбута үчүгэй. Холобур, мин инженер буоларга чопчу быһаарынным. Мантан инньэ күүскэ эрчиллиэм. Күнү быһа көмпүүтэр иннигэр олорор оҕо буолбатахпын. Спордунан эмиэ дьарыктанабын. Хайыһардыыбын, сүүрэбин, күрэхтэһиилэргэ кыттабын, — диэн кэпсиир Майа 1 №-дээх оскуолатын VIII кылааһыгар үөрэнэр Валера Кычкин.
Роботехника салаатыгар Сунтаартан кэлбит VI кылаас үөрэнээччилэрэ Аскольд Сергеев уонна Егор Мохначевскай бэриллибит сорудахтарын толорон, тэлиэгэ оҥоро олороллорун көрөн кэпсэттим.
—Дьэ, манна бастаан деталь былдьаһыыта буолар. Бары туох наадатын биир иһиттэн талан ылабыт. Син биир тиийбэтэ элбэх. Бу тэлиэгэни көрдөххүнэ, судургу баҕайы курдук буолуо. Дьиҥэр, оҥоһуллара уустуктардаах ээ. Иккис күммүтүн хомуйабыт. Аны VEX IQ программанан өй угуохпутун наада. Биһиги роботехниканан V кылаастан дьарыктанабыт. Салайааччыбыт Игорь Семенович Саввинов диэн. Күрэхтэһиибит кванториумҥа буолла. Биһиэхэ лицейбитигэр эмиэ маннык кванториум тэриллибитэ. Оҕо сайдарыгар усулуобуйа оҥоһуллара наһаа үчүгэй.
А.Иевлева