Билиҥҥи үйэҕэ оҕо араас хайысхаҕа дьарыктанарыгар, дьоҕурун сайыннарарыгар аналлаах элбэх бырайыак үлэлиир. «WorldSkills Junior Russia» хамсааһыҥҥа хас биирдии оскуола бэйэтин үөрэнээччилэрэ араас хайысхалаах идэҕэ уонна эйгэҕэ кыахтарын, дьоҕурдарын бэлэмниир тэрээһини ыытар. Онон, манна көхтөөхтүк кыттыбыт оҕо, оскуолатын бүтэрэн баран, баҕарбыт идэтин дириҥник баһылыыр кыахтанар.
Дьокуускайга буолбут «WorldSkills Junior Russia» муниципальнай сүүмэрдиир түһүмэх «Эстетическая косметология» кэмпитиэнсийэтигэр Хатас орто оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ Настя Кардашевская кытынна. Кини тыҥыраҕы киэргэтэргэ саҥардыы идэтийэн эрэр маастар. Кыыс шеллак оҥорор тэрилин кэриэй табаардаах маҕаһыынтан 5 тыһыынча солкуобайга атыыласпыт. «Үчүгэйдик кырааскалыырга хаачыстыбалаах тэриллэри туһанар ордук», — диир.
Биирдэ сайын Настяҕа эдьиийэ шеллак оҥорбут. Шеллак диэн гель уонна лаах холбоспут булкааһа. Ол кыраасканан тыҥыраҕы соттоххо, көннөрү лаахтааҕар өр сылдьар, туох да эбилигэ, куһаҕан сыта-сымара, доруобуйаҕа буортута суох. Биир ый устата тыҥырах букатын алдьаммат.
Эдьиийигэр оҥорторон көрөн баран, олус ымсыырбыт. Бэйэтэ манныгынан дьарыктаныан баҕарбыт. Харчы мунньан, шеллак оҥорорго үөрэтэр кууруска сылдьыбыт, тута тыҥырах оҥорор нобуору атыыласпыт.
– Аан бастаан киһи хаһан баҕарар дьон илиитигэр болҕомтотун хатыыр. Кини бэйэтин төһө көрүнэрэ, ырааһа, чэнчиһэ — барыта тыҥырахтан, илииттэн көстөр. Араас ньыманы, сүбэлэри YouTube нөҥүө көрөн билэбин. Эксээмэҥҥэ бэлэмнэнии иннинэ билэр кыргыттарбыттан сакаас хомуйан, күүскэ үлэлээбитим. Билигин иллэҥим суох.
Настя тыҥырах лааҕын атыылаһарга маннык сүбэлиир:
1. Чэпчэки сыаналаах лааҕы ылбаппыт. Хаачыстыбалаах табаар чэпчэки сыанаҕа хаһан даҕаны атыыламматын өйдүөхтээхпит.
2. Лаах састаабын хайаан да аах. Өҥ улахан оруолу оонньообот.
3. Киистэтэ арбаҕар буолуо суохтаах.
4. Лаах олус хойуу эбэтэр убаҕас буолуо суохтаах.
5. Арай тыҥыраҕыҥ тостор түгэнигэр, аптекаттан эмтээх лаахтары атыылас. Маны оҥоруоҥ иннинэ, хайаан даҕаны маҥнай тыҥыраххын харыстыыр битэмииннээх убаҕаһынан сотоҕун.
– Мин ый аайы тыҥырахпын оҥорторобун. Хас биирдии кыыс үчүгэйдик көстөөрү киэргэнэр. Маны сатыыр олус ыарахан дии саныыбын. Дьүөгэм Настя саҕалаан эрэр маастар. Онон киниэхэ ситиһиилэри баҕарабын уонна миигин ыҥырбыккар махтанабын! Барыта көнө уонна сөпкө, үчүгэй лааҕынан соппута олус бэркэ көстөр. Шеллак оҥорор тэриллэрэ үчүгэйдэр, – диэн Инна Местникова, Дьокуускай 16 №-дээх орто оскуолатын IX «В» кылааһын үөрэнээччитэ, үрдүктүк сыаналаата.
Павел ИЛЬИН.