Cарсын, от ыйын 8 күнүгэр, Бэрдьигэстээххэ «Чыпчаал» стадиоҥҥа аан бастакытын биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр спордунан дьарыктанар кыргыттарга ыытыллар кэрэ көстүү уонна спорт күрэһэ «Кырсаада Куо-2021» буолара күүтүллэр. Манна барыта спорду өрө тутар 11 кыыс күөн көрсүөхтэрэ, төрөөбүт улуустарын аатын ааттатыахтара. Олор истэригэр Хотун Бүлүү улууһун аатын 17 эрэ саастаах, быйыл орто оскуоланы саҥа бүтэрбит эдэркээн Аэлита Дмитриева көмүскүүр чиэскэ тигистэ.
Мин Аэлитаны @kyrsaada_kuo Инстаграм сирэйигэр буламмын кэпсэтэргэ сананным. Кыыһым, мин үөрүүбэр, бэрт улгумнук сөбүлэстэ уонна биэрбит ыйытыыларбар хоруйдаата:
— Мин кырдьаҕас Бүлүү куоратыгар күн сирин көрбүтүм. Быйыл Дьокуускай куораттааҕы 17-с №-дээх оскуолатын бутэрдим. Биир кэлим эксээмэннэри ситиһиилээхтик туттаран физкультура уонна спорт институтугар туттарсар былааннаахпын. Оҕо эрдэхпиттэн ийэм угуйбут спордунан — фитнес-аэробиканан сөбүлээн дьарыктанабын. Бу спорт туһунан сэгэтэн кэпсээтэххэ, имигэс хамсаныынан, түргэн музыканан алта-аҕыс кыыс буолан икки мүнүүтэ иһигэр тохтоло суох араас элеменнары оҥорооһун буолар. Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар фитнес-аэробикаҕа хас да төгүллээх чемпионка буолабын. Аммаҕа буолбут норуоттар икки ардыларынааҕы спартакиадаҕа 1 миэстэ ылбыппыт. “World Skills” региональнай чемпионакка физкультура уонна спорт, фитнес компетенциятыгар эмиэ бастакы миэстэлээхпин.
Миигин фитнес-аэробикаҕа уһуйбут киһинэн күн-күбэй ийэм Лилия Петровна Дмитриева — фитнес-аэробика тренера буолар. Кини миигин бу олоххо сирдиир, өйүүр-өйдүүр саамай чугас киһим буолар. Ийэбинээн үҥкүүлээн «Ийэ уонна кыыс кэрэ ситимэ» күрэххэ 2 миэстэлээх лауреат аатын ылбыппыт. Бэйэм Сочи куоракка ыытыллыбыт «Akva Temp+» үҥкүү күрэҕэр эмиэ 2 миэстэлээх лауреат буолбутум.
Манчаары оонньууларыгар ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи спорду өрө тутар кыргыттар «Кырсаада Куо-2021» күрэстэригэр бэйэм баҕабынан кыттарга санаммытым. Кыра оҕо эрдэхпиттэн араас тэрээһиннэргэ кыттарга үөрүйэх буоламмын, кыттарга бэлэммин диэххэ сөп уонна олус долгуйбаппын.
Бу куонкурус тыҥааһыннаахтык, интэриэһинэйдик ааһыаҕа диэн бигэ эрэллээхпин. Бастакы түһүмэх бэйэни билиһиннэрии-визитка буолар, ол кэннэ талаан көрдөрөөһүнэ, үһүс түһүмэх спортивнай таҥастаах дефиле, төрдүскэ 200 м сүүрэбит, бүтэһик түһүмэххэ киэһээҥҥи платьелаах тахсыынан түмүктэниэ.
Кыттааччы кыргыттарга барыгытыгар ситиһиини баҕарабын, ким бэлэмнээх ол кыайдын!
Кырсаада сибэкки курдук саҥа тыллан эрэр кэрэчээн Аэлитаҕа ситиһиилэри баҕарабыт уонна талан ылбыт идэтигэр үөрэххэ киирэн өрөспүүбүлүкэбит биир тарбахха баттанар, киэн туттар, таһымнаах спортсмена буола үүнэ сайдарыгар алгыс тылбытын аныыбыт.
Анна СЛЕПЦОВА.