Бу дьиҥнээхтии буолбут түбэлтэ. 60-с сыллар ортолоругар биир киин улуус нэһилиэгин сопхуоһугар сайын от биригээдэтигэр сиэрэ суох быһыы тахсыбыт. Түөрт уончаларын саҥа ааһан эрэр уолаттар кырдьан, сатаан көппөт буолбут тойон кыыл олорорун булбуттар. Уонна өлөрөргө санаммыттар. Уолаттар хотой кырыйдаҕына өлөттөрөөрү дьоҥҥо чугаһыыр диэн кэпсээни истибиттэрэ эбитэ дуу, эбэтэр көр-оонньуу оҥосторго санаммыттара эбитэ дуу, биллибэт.
Урут сэбиэскэй кэмҥэ сайын аайы оттуур биригээдэлэргэ оскуола оҕолоро улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлииллэрэ. Уот куйааска үлэ үөһүгэр сылдьан оҕо-оҕо курдук мэниктээн, оонньоон аралдьыйаллара. Күтэри, баҕаны арааһынайдаан сордуур, өлөрөр адьынат баара. Бу да түбэлтэҕэ соннук мэник бэдиктэр көрүдьүөс, көр-нар курдук санаабыт, оонньуу оҥостубут буолуохтарын сөп. Ол эрээри тыҥырахтаах кыыл обургу кинилэри кыралар диэн аһымматах, оҕолор диэн бырастыы гымматах.
Уолаттар хас күн аайы омурҕан ахсын ханна эрэ баран сүтэллэр эбит. Кинилэр тугунан дьарыктаналларын улахан дьон билбэтэх. Бастакы күнүгэр биир уол тааһы быанан дьаакырдаан, кырдьаҕас хотой моонньугар баайан, тимирдибит. Уута булдьугураан, салгына тахсан бүтүөр дылы кэтэһэн олорбуттар уонна «өллө быһыылаах» диэн барбыттар. Сарсыныгар кэлбиттэрэ кыыллара кытылга олорор эбит. Онтон иккис уол уматааччы буолбут. Түүтэ барыта умайан, буруолаан, хотой бүтэһик мөхсүүтүн кэннэ хамсаабат буолбут. Сарсыныгар көмөөрү оҥостон кэлбиттэрэ, эмиэ бу олорор үһү. Үһүс уол ыйаабыт. Хотой эмиэ өлбүт курдук буолбут. «Сарсыҥҥа дылы турдун», — дии санаан барбыттар. Нөҥүө күнүгэр кырдьаҕас көтөр бу хороллон олорор эбит. Төрдүс уол атырдьаҕынан үөлбүт. Хотойдоро өлбөт үөстээх өксөкү буолан биэрбит. Онтон атаҕыттан быалаан баран соһо сырыттахтарына, улахан дьон түбэһэ көрөн, улаханнык аймаммыттар. Биригээдэҕэ баар кырдьаҕас оҕонньоттор уолаттары үнтү мөҥөн баран, ытык көтөрү бэйэлэрэ сиэри-туому тутуһан дьаһайбыттар. Тыллара тиийэринэн алҕаан, бырастыы гыннаран баран, киһини көмөр курдук ытыктаан харайбыттар. Өбүгэ үгэһинэн, тумсугар түүтүн кыбыппыттар.
Бу уолаттар бары улааппыттар. Бары туруу үлэһит дьон буолан тахсыбыттар. Сорохтор эрдэ кэргэннэммиттэр, оҕоломмуттар. Онтон урукку оҕо сылдьан оҥорбут буруйдарын боруостуур кэмнэрэ эмискэ тиийэн кэлбит курдук буолбут. Утуу-субуу аҕыйах сыл иһигэр төрдүөн суорума суолланаахтаабыттар. Урут оҕо сылдьан кырдьаҕас хотойу хайдах өлөрө сатаабыттарай да, соннук дьылҕаламмыттар. Ууга тимирдибит уол бэйэтэ ууга былдьаммыт. Умаппыт — умайбыт. Ыйаабыт уол моҥнон кэбиспит. Онтон саамай дьиктитэ — атырдьахтаабыт уол эмиэ соннук барбыт. Сайын биригээдэҕэ үлэлии сылдьан от түстээччинэн (кэбиһии үлэтигэр от үрдүн чөмчөтөөччү) сылдьыбыт. Кыдамаһыттар үлэ бүппүтүн кэннэ атырдьахтарын бары биир сиргэ турбут окко өйөннөрү уурар идэлээхтэр. Онно тоҕо эрэ биир киһи атырдьаҕын салаатынан үөһэ гына туспа уурбут. Үөһэттэн түһээччи ону өйдөөн көрбөтөх. Оттон сырылаан түһэн иһэн, ол атырдьахха үөлүллэн хаалбыт.
Оҕолоор, айылҕаҕа сылдьан сиэри-туому тутуһар буолуҥ. Уонна биири өйдөөҥ: тыҥырахтаах кыылы бэйэтин да, уйатын да, оҕотун да тыытымаҥ, чугаһаамаҥ. Кыайан көппөт буолбут кырдьаҕас хотойу сиэрин-туомун билэр, толору куттаах кырдьаҕас киһи харайыахтаах. Маннык уустук дьыала көр-оонньуу курдук буолуо суохтаах.
Ааптар: Ондьук сиэнэ