Мин хос эһэм Гаврил Иевич Кононов 1901 сыллаахха Ньурба оройуонун Түмүкк нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Омугунан саха, үөрэҕэ суох. Сэрии иннигэр Стаханов аатынан колхозка үлэлээбитэ, кыайыылаах-хотуулаах үлэһит стахановец үрдүк аатын сүкпүтэ. Сэриигэ 1942 сыл бэс ыйын 26 күнүгэр Ньурба оройуонун байыаннай комиссариатынан ынырыллан барбыта.
84 стрелковай дивизия 382 стрелковай полкатын састаабыгар өстөөҕү утары Ленинградскай, Волховскай фронка сэриилэспитэ. Ленинград куоратыбосхолооһуҥҥа кыттыбыта. Салгыы Псковскай уобалаһы босхолуур сэриигэ кыттыыны ылбыта. 1942 сыл алтынньы 20 кунугэр ыараханнык бааһыран, өр кэмҥэ госпитальга эмтэммитэ, доруобуйатын туругунан 1943 сыл бэс
1943 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр армияттан босхоломмута. Сэриигэ сылдьан көрдөрбүт геройдуу быһыыта «Хорсунун иһин» мэтээлинэн бэлиэтэммитэ. 1962 сыллаахха эрэ ветеран түөһүгэр иилиллибитэ.
Нарыйа Васильева,
И.Д.Винокуров-Чаҕылҕан аатынан Нам алын кылаас оскуолатын I «Б» кылааһын үөрэнээччитэ