Саха сирин үрдүнэн билигин от үлэтэ бара турар. Оту охсуохха, субуулуохха, бугуллуохха, оту туруоруохха эбэтэр аныгылыы ньыманан рулуоннуохха диэн этэргэ түргэн, дьиҥэ от үлэтэ элбэх түбүктээх-садьыктаах. Онуоха биир төһүү күүһүнэн… сиэннэр буолаллар.
Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Бэдьимэ нэһилиэгин биир киэн туттар ыаллара Евдокия Федотовна, Петр Николаевич Ходуловтар — хотуу үлэһит дьон. Эбэлээх эһэлэрин үтүө хаачыстыбатын удьуордаан, сиэннэрэ сайын аайы кэлэн, от улэтигэр улахан көмөнү оҥороллор,
Крисьян Ходулов (9 кылаас), Вова Дьяконов (6 кылаас), Максим уонна Валера Бочкаревтар (7, 5 кылаастар): «Уол дьон быһыытынан от-мас үлэтин сатыахтаахпыт, дьоммутугар күүс-көмө буолуохтаахпыт,» — диэн санаалаахтар. Онон кыраларыттан сыл ахсын кэлэн. дьоннорүн үлэлэрин үмүрүтэн барар үтүө үгэстээхтэр.