П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас агро хайысхалаах орто оскуолата бэйэ оҥорор бородууксуйатынан өрөспүүбүлүкэ иһигэр эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа киэҥник биһирэнэр: оскуола хас да төгүллээх агро-быыстапка кыайыылааҕа. Быйылгы «Инникигэ хардыы» научнай кэнпириэнсийэ тыа хаһаайыстабатын наукатын секциятыгар Хатас агрооскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Милада Николаева түргэнник буһар сэлиэйдээх ис миинин бэлэм бородууксуйатын билиһиннэрдэ.
Түргэнник буһар «Сэлиэйдээх ис миинэ» хатарыллыбыт буспут ис мииниттэн оҥоһуллар. Харайарга да боростуой, оҥоһуллара да чэпчэки: итии ууну куттуҥ — бүтүн эбиэт бэлэм!
— Маннык миини киһи күн аайы да иһиэн сөп. Састааба барыта натуральнай, иҥэмтиэлээх, онон олус тотоойу. Маннык мииҥҥэ элбэх иҥэмтиэлээх веществолар уонна белок баар буолан, киһи доруобуйатыгар үчүгэй. Ол-бу араас химия аһын сиэхтээҕэр, бэйэ аһын сиир ордук, — диэн кэпсиир Милада Николева.
Маны таһынан эдэр чинчийээччи түргэнник буһар сэлиэйдээх ис миинин атыыга таһаарар былаан баарын биллэрдэ.
keskil14.ru