Ахсынньы 18 күнүгэр биһиги нэһилиэк сынньалаҥ пааркатыгар лаглайбыт Харыйа уота холбонно. Халлаан тымныытыттан толлубакка, оҕо-аймах, улахан дьон мунньустан, харыйа тула хороводтаатыбыт.
Чысхаан оҕонньор сиэнэ кыыс Хаарчааналыын кэлэн көрү көҕүлүттэн туттулар, мустубут дьоҥҥо кэһиилэрин түҥэттилэр. Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Семен Андреевич Семенов эҕэрдэ тылынан көрүстэ.Хаһан да буоларын курдук нэһилиэк актыбыыс эбээлэрэ «Алаас Хотуна» түмсүү көхтөөхтүк кыттан, хоробуоту оройуттан туттулар.
Пааркабыт ортотугар уоттаах Харыйа Саҥа дьыл кэлэн иһэрин, дьэрэкээн уотунан оонньоон ыҥыра-угуйа турдун, оҕо-аймах харыйа тула мустан көрүлээтин.
Олег Адамов 10 кылаас,
«Ыллык» эдкорпост
Ньурба, Ханалас.