Быйылгы үөрэх дьыла биһиги үөрэхтээһиммит холбоһугар олус сэргэхтик ааһан эрэр. Тоҕо диэтэххэ, киэн туттар биир дойдулаахпыт норуодунай суруйааччы Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 115 сыла буолла. Туох баар үөрэххэ, араас көрүҥнээх күрэхтэргэ ситиһиилэрбит кини сырдык аатыгар ананаллар. Күһүҥҥүттэн суруйааччы үбүлүөйүгэр аналлаах араас ис хоһоонноох үлэлэр тиһигин быспакка бара тураллар. Ол туһунан “Кэскил” хаһыакка сырдатан турабыт.
Кулун тутар 17 күнүгэр Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан үөрэхтээһин холбоһугар “Амма Аччыгыйа уонна билиҥҥи кэм” кэмпириэнсийэ буолла. Кэмпириэнсийэҕэ барыта 25 чинчийэр үлэни иһиттибит. Дьүүллүүр сүбэҕэ “Бырааттыы Мординовтар” түмэл сэбиэдиссэйэ С.А. Васильева, олохтоох дьаһалта исписэлииһэ, төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Д.В. Атасыкова, нэһилиэк бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ А.А. Федорова, үөрэхтээһин холбоһугун үөрэтэр үлэҕэ саабыһа А.М. Толстяков уонна холбоһук психологтара Е.Н. Наумова, В.И. Дьяконова үлэлээтилэр.
Алын сүһүөх үөрэнээччилэрэ суруйааччы иитиллибит эйгэтин, “Тоҕус төгүл тоҕо?” кэпсээннэрин чинчийэн, иһитиннэрии, дакылаат оҥорбуттара биһирэннэ. Сонун үлэнэн Артем Уваров (II кылаас) “Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа “Тоҕус төгүл тоҕо?” кэпсээннэрин ис хоһооно саха өс хоһоонноругар сөп түбэһиитэ” дакылаата буолла. Артем бу үлэтин улахан кылаастарга таҕыстаҕына, өссө дириҥэтэн, кэҥэтэн иһэригэр сүбэ биэрдилэр. Маҥнайгы миэстэҕэ Мичил Спиридонов (IV кылаас), «Микиитэ таптыыр оонньуута хаамыска – мин сөбүлүүр дьарыгым” үлэтэ таҕыста. Мичил Микиитэ курдук буолуон баҕаран, остуол оонньууларынан сөбүлээн дьарыктанарын, ити оонньуулар билиҥҥи кэмҥэ хайдах сайдан иһэллэрин хасыһан, чинчийэн суруйбутун кэрэхсээтилэр. Иккискэ Лейла Никонова (IV кылаас) “Тоҕус төгүл тоҕо?” айымньыны ырытан суруйбут үлэтэ ылла. Бу үлэлэри учууталлара Т.С. Севастьянова иилээн-саҕалаан суруйтарда. Үһүскэ Н.Е. Мординов хаан аймаҕа Слава Мординов эһэтин туһунан “Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ, САССР үтүөлээх учуутала Т.Е. Мординов” дакылаата таҕыста. Слава эһэтин туһунан олус элбэҕи архыып матырыйаалларыгар олоҕуран суруйбута хайҕанна. Бү үлэни “Харбалаах кыымнара” юнкор поһу үлэлэтэр И.Р. Бястинова салайда.
Орто сүһүөхтэр Амма Аччыгыйын киһи быһыытынан, айымньыларын ырытан чинчийбиттэр. Саша Оконешников (VII кылаас) “Н.Е. Мординов сөбүлүүр дьарыктара” диэн олус интэриэһинэй дакылааты суруйбута биһирэннэ. Манна биһиги Николай Егоровиһы булчут, тууһут, дуобатчыт быһыытынан билистибит. Саша аҕата, география учуутала, В.Е. Оконешников уонна кылааһын салайааччыта И.А. Дорофеева ыйан-кэрдэн биэрдилэр. Бастакы миэстэни “Сааскы кэм арамаан уонна мин аймахтарым” дакылаатынан Мария Корякина (V кылаас) ылла. Ийэтэ Т.И. Литвинцева салайыытынан үлэлээбит, “Сааскы кэмҥэ” прототип буолбут аймахтарын туһунан чинчийбиттэр. Иккис миэстэни Сардаана Кривошапкина (VIII кылаас) “Суруйааччы иитиллиитигэр норуот педагогикатын суолтата” дакылаатынан ылла. Төрөөбүт сириттэн саҕалаан, бары эйгэни барытын хабан чинчийбитэ, киэҥ үлэни оҥорбута хайҕанна. Үлэни М.С. Попова, Г.Г. Сорова салайбыттар. Үһүс миэстэни Виктория Большакова история учуутала А.Д. Соломонова салайыытынан суруйбут ““Сааскы кэм” арамаанынан киинэ уһуллуута” дакылаата ылла.
Үрдүкү сүһүөхтэргэ 7 үөрэнээччи дакылаат суруйбут, XI-c кылаастар, экcээмэннээх буолан, босхоломмуттара. Бу сүһүөххэ И.Р. Бястинова салайан, Егасова Лилиянаны үлэлэппит “Амма Аччыгыйа үтүөҕэ, кэрэҕэ уһуйбут, олоҕор олук уурбут учууталлара” дакылаата биһирэннэ. Дириҥ ис хоһоонноох чинчийэр үлэ барбытын анаан эттилэр. Наташа Никифорова (IX кылаас) “Саха сээркээн сэһэнньитэ Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа мин биир дойдулаахтарым ахтыыларыгар” дакылаата маҥнайгы миэстэни ылла. Дьүүллүүр сүбэ уонна истэн да олорооччулар олус сэҥээрдилэр. Наташа бэйэтин тылынан, биир кумааҕыта суох, ис-иһиттэн иэйэн туран, кэпсээбитин биир тыынынан иһийэн олорон иһиттилэр. Иккис миэстэни эмиэ Лаура Уварова (IX кылаас) “ “Алдьархай” сэһэн сүрүн дьоруойа Николай Тогойкин прототиба Н.Д. Терешкин хорсун олоҕо биһиэхэ үтүө холобур” дакылаата ылла. Лаура прототип Тогойкин туһунан сэһэҥҥэ суруллуутун уонна дьиҥнээх дьоруой Н.Д. Терешкин олоҕун хасыһан үөрэтэн, тэҥнээн көрөн, үтүө өрүттэрин анааран суруйбут. Лаура бу дакылааты суруйаары “Алдьархай” сэһэни толору аахпыта олус хайҕаллаах. Үсүһү ылбыт Александра Ксенофонтова “Н.Е Мординов-Амма Аччыгыйа “Сааскы кэм” романыгар оҕо ис эйгэтин арыйыыта” дакылаатын суруйарыгар литэрэтиирэ түөрүйэтин олус бэркэ билэрин көрдөрдө. Бу үс дакылаатчыты мин, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Валентина Семеновна Кривошапкина, салайан үлэлэттим.
Ити курдук, үөрэнээччилэрбит үлэлэригэр киэн туттар биир дойдулаахпытыгар саха норуотун сүдү киһитигэр Н.Е. Мординовка сүгүрүйүү, махтаныы, үтүө холобур оҥостуу дириҥ иэйиитэ иҥэн сылдьарыттан олус үөрэн, сүргэбит көтөҕүллэн тарҕастыбыт.
Валентина Семеновна Кривошапкина,
төрөөбүт тылга уһуйааччы.
Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун алын кылаастарга “Аччыгый атастар” үлэбитин маннык хайысхаларынан ыытабыт: “Даарыйа түһүлгэтэ ” – төрөппүттэргэ оҕону иитэргэ-үөрэтэргэ лекторий; “Микиитэ түһүлгэтэ” –
спортка оҕону эти-хааны сайыннарыыга ыытыллар үлэлэр. “Эбэлэр оскуолалара”, “Сиэрдээх буолуу” хайысхаларынан Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа “Тоҕус төгүл тоҕо?” айымньытын нөҥүө оҕону эппиэтинэстээх, сиэрдээх буоларга такайабыт. Оҕоҕо дириҥ убаастабыллаахтык сыһыаннаһан, хас биирдии оҕо ис уйулҕатын учуоттаан, бэйэтин кыаҕын дьоҕурун билинэр, инникигэ сыал оҥостор киэҥ билиилээх, сайдам санаалаах оҕону иитэн олоххо үктэннэрэргэ кыһаллабыт.
Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйыгар аналлаах үлэлэргэ көхтөөхтүк кыттабыт. Быйылгы үөрэх сылыгар иитэр үлэбитин саха норуотун сээркээн сэһэнньитэ Н.Е.Мординов –Амма Аччыгыйын төрөөбүтэ 115 сылыгар анаатыбыт.
Бары кылаастарынан кини айымньыларын ааҕан, ырытыһан билиибитин чиҥэтэбит.
Үөрэнээччилэр холбоһук иһинэн дакылаат ааҕыытыгар, НПК-ҕа кытыннылар. Куйаар ситимин нөҥүө өрөспүүбүлүкэтээҕи “Онус тоҕо?” кэпсээн суруйуу күөн күрэһигэр бары көхтөөхтүк кытынныбыт, миэстэлэстибит. Ол курдук үөрэнээччитэ Петрова Веолетта (IV кылаас) III миэстэҕэ, Слава Мординов, Мила Попова биһирэбил бириискэ тигистилэр.
Биһиги холбоһукпут сылын аайы алын сүһүөх кылаастарга улуустааҕы остуол оонньуутун тэрийэн ыытабыт.
Былырыын, быйыл хамсыгынан сибээстээн, күрэх холбоһук иһинэн ыытылынна.
Хаамыскаҕа Ренат Федоров (II кылаас), Мичил Спиридонов (IV кылаас) бастаатылар. Хабылыкка Лена Горохова (II кылаас), Ангелина Малышева (IV кылаас) иннилэрин кимиэхэ да биэрбэтилэр. Тыксааҥҥа элбэх ынаҕы хомуйан, Уваров Артем (II кылаас), Бурцева Дарияна (III кылаас) инники күөҥҥэ таҕыстылар.
Күрэххэ кыттыбыт оҕолор бары астынан, дуоһуйан, үөрэн-көтөн илии тутуурдаах тарҕастылар.
Инникитин даҕаны үлэлэр салгыы ыытыллыахтара, үөрэнээччилэр көхтөөхтүк кыттыахтара.
Марианна Степановна Попова,
Татьяна Семеновна Севастьянова,
алын сүһүөх кылаас учууталлара.
II кылаас үөрэнээччитэ Артем Уваров “Н. Е. Мординов-Амма Аччыгыйа «Тоҕус төгүл тоҕо?» кэпсээннэрин ис хоһооно саха өс хоһоонноругар сөп түбэһиитэ” дакылаатын бэчээттиибит.
Үлэ актуальнаһа: Төрөөбүт тылбытын уонна өс хоһооннорун билэрбит наадалаах. Оҕолор сөбүлүүр кинигэлэрин ааҕан уонна онно сөптөөх өс хоһооннору талыы төрөөбүт тылбыт баайа эбиллэр.
Өс хоһооннору билии, үөрэтии киһиэхэ тыл баайын, төрөөбүт тылын билиитин хаҥатар.
Мин Н.Е Мординов-Амма Аччыгыйа «Тоҕус төгүл тоҕо» кэпсээннэрин аахтым, видеоларын көрдүм иһиттим, ырыттым уонна биирдии тоҕоҕо бу курдук сөптөөх өс хоһооннорун сыһыардым.
1 тоҕо. Сүрүн геройдара: Ваня, эбэтэ.
Өс хоһооно: Албын – албын атастаах, түөкүн-түөкүн дьүөгэлээх.Уолбат үрэҕи курааҥҥа, үчүгэй киһини алдьархайга билэллэр.
Ваня – албынчык, кырдьаҕастарга убаастабыла суох, сүрэҕэ суох.
2 тоҕо. Сүрүн геройдара: Коля, Сеня, Муза.
Өс хоһооно: Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат. Киһи эриэнэ иһигэр, сүөһү эриэнэ таһыгар. Албын тыла мүөттээҕэр минньигэс. Киһи тыла уот.
Сеня – албынчык, икки сирэйдээх.
3 тоҕо. Сүрүн геройдара: оҕонньор, эмээхсин, Өлөөнчүк, Тима, Мария Васильевна.
Өс хоһооно: Ат сүүрдэҕинэ, ыт хаалбат. Сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ.
Саҥарыан иннинэ санаан көр. Аччыгы аһат, тоҥмуту ириэр.
Өлөөнчүк, Тима – аҕа саастаахтары убаастаабаттар, аһамматтар, көмөлөспөттөр.
4 тоҕо. Сүрүн геройдара: Вера Михайловна, Артур, төрөппүттэр.
Өс хоһооно: Күлэр икки ытыыр икки аҕас-балыс. Күөскүн эрдэ өрүнүмэ. Барыам диэн маскын бараама. Атаҕа сири билбэт буолбут.
Артур – куһаҕан үөрэхтээҕиттэн кыбыһынна, эрдэ үөрдэ, хомойдо.
5 тоҕо. Сүрүн геройдара: Горик, Миша, Маша, Иван Иванович.
Өс хоһооно: Киһи тыла батыйа. Сэнээбиккиттэнсэттэҕинылыан. Барбах майгыланна, туора-тосту быһыыланна.
Горик – атын дьоҥҥо убаастабыла суох, киһиргэс, көҥөс.
6 тоҕо. Сүрүн геройдара: Хабырыыс, Сэмэн оҕонньор.
Өс хоһооно: Алдьатар дөбөҥ, оҥорор уустук. Токко сыа да сымсах, аска уу да минньигэс.
Хабырыыс – дьон үлэтин сыаналаабат, малы-салы харыстаабат.
7 тоҕо. Сүрүн геройдара: Катя, Люба, ийэлэрэ
Өс хоһооно: Доҕор доҕорун иэдээҥҥэ бырахпат. Дьиҥнээх доҕор көмүстээҕэр күндү. Атас туһугар атах тостор.
Катя – аһыныгас, үтүө майгылаах.
8 тоҕо. Сүрүн геройдара: Нюта, ийэтэ
Өс хоһооно: Эрэннэрбити толорортон ордук эрэйдээх суох. Сирэйиттэн түүнүк үүммүт.
Нюта – ыһыллаҕас, малы харыстаабат, бэйэтин эрэ саныыр.
9 тоҕо. Сүрүн геройдара: Маайа, Кэтириис.
Өс хоһооно: Солуута суохтан айдаан. Ороҕун устун сүүрпүт. Үрдэ суох хаһааҕа киирбит.
Кэтириис – ситэ өйдөөбөккө кыыһырда, сиэнин хомотто, сиэнин үлэтин сыаналаабата.
Маны тэҥэ, IV кылаас үөрэнээччитэ Мичил Спиридонова “Микиитэ таптыыр оонньуута хаамыска – мин сөбүлүүр дьарыгым” дакылаатын кытары билсиэххэ.
Мин Даарыйа эмээхсин такайыытынан Микиитэ Лэглээрин сөбүлээн оонньообут остуолун оонньуулара билиҥҥи кэмҥэ хайдах сайдан иһэрин чинчийии.
Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» романыгар Даарыйа эмээхсин Микиитэлээххэ остуоруйалыыра, таабырын таайтарара, өс хоһооннорун быһаарара, үөрэтэрэ, остуол оонньууларын оонньоторо.Ол Микиитэ киһи-хара буолуутугар улахан суолталааҕын туһунан эһэм Михаил Данилович Спиридонов анаан этэрэ. Дьиэбитигэр ол иһин иллэҥ буолларбыт эрэ хаамыскаҕа күрэхтэһэн тахсар олус үчүгэй дьарыктаахпыт. Мин эмиэ остуол оонньууларынан сөбүлээн дьарыктанабын. Ол иһин бу тиэмэни таллым.
Биһиги хаамыскабыт хас да суол араастаах. Биэһинэн эрэ буолбакка, сэттэ, аҕыс, тоҕус хаамысканан эмиэ оонньонор. Биэс хаамысканан оонньооһун алта түһүмэхтэн турар.
1 түһүмэх. Биирдиилээн хабыы.
Ылбыт хаамыскаҕын өрө быраҕаҕын. Ол кэмҥэ остуолга сытар хаамыскалартан биирдэстэрин ылаҕын уонна өрө бырахпыт хаамыскаҕын хабаҕын. Ити курдук түөрт хаамысканы барытын биирдиилээн хабыахтааххын.
2 түһүмэх. Иккилиинэн хабыы.
Биир хаамысканы өрө быраҕаҕын, ол кэмҥэ остуолга сыталлартан иккини ылаҕын уонна өрө бырахпыт хаамыскаҕын хабаҕын. Хаалбыт икки хаамысканы эмиэ ити курдук ылаҕын.
3 түһүмэх.
Биир хаамысканы өрө быраҕаҕын. Ол кэмҥэ остуолга сыталлартан биири ылаҕын уонна өрө бырахпыккын хабаҕын. Ити кэннэ биири өрө быраҕаҕын уонна үһү ылан баран, өрө бырахпыккын хабаҕын эбэтэр маҥнай үһү, онтон биири ылыаххын сөп.
4 түһүмэх.
Ытыскар хаамыскалары барытын ылаҕын, биири өрө быраҕаҕын, ол кэмҥэ түөрдү остуолга уураҕын. Эмиэ биири өрө быраҕаҕын, остуолга сытааччыларгын ылаҕын уонна өрө быраҕыллыбыты хабаҕын.
5 түһүмэх.
Хаамыскалары барытын остуолга быраҕаҕын. Биири ылан өрө быраҕа-быраҕа, барыларын биирдиилээн ытыскар хомуйаҕын.
6 түһүмэх.
Ытыскар хаамыскалары барытын ылаҕын, өрө быраҕаҕын уонна ытыһыҥ көхсүгэр тоһуйан ылаҕын. Ытыһыҥ көхсүгэр биир хаалыар диэри атыттары остуолга түспүт хаамыскалар аттыларыгар таммалатаҕын. Онтон ытыһыҥ көхсүтүгэр биири үөһэ быраҕаат, остуолга баар хаамыскалары уонна өрө быраҕыллыбыты хабаҕыт.
Мин хаамысканан дьарыктанан кыра ситиһиилэрбинэн киэн туттабын. Хаамысканан дьарыктаныы эт-хаан сайдыытыгар туһалааҕын бигэтик итэҕэйдим. Өбүгэлэрбит оонньуулара үүнэ-сайда турарыгар баҕарабын.