Ахсынньы 5 күнүгэр Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар олоҥхону истии дьоро күнэ буолан ааста. Олоҥхоҕо аналлаах күннэри түмүктүүр бэлиэ тэрээһин“Олоҥхо диктанын” туйгун сыанаҕа суруйбут үөрэнээччилэри “Махтал суругунан” бэлиэтээһининэн саҕаланна. Барыта 52 үөрэнээччи суруйбутутуттан 24-дэ туйгун сыананы ылан, үөртүлэр.
Бу күн бары кылаастар олоҥхону күргүөмүнэн толорорго күрэхтэстилэр. Күрэҕи ускуустуба оскуолатын уһуйааччыта СӨ култууратын туйгуна Варвара Алексеевна Парфенова киирии тылынан саҕалаата. Онно билиһиннэрбитинэн, Василий Васильевич Илларионов “Искусство якутских олонхосутов” кинигэтигэр суруйарынан, дьиҥ олоҥхону истии саҕаланыан иннинэ “Уос аһар олоҥхо” диэн ааттаан саҥа саҕалаан эрэр эдэр кэскиллээх олоҥхоһутунан саҕалаттараллар, оттон олоҥхону истии түмүгэр кыыбаҕалаах дьайдар омуннаах олоҥхону истэн баран, салгыы хаалаары гынар баҕаларын уоһуннаран, “Кутурук салайар олоҥхону” истэллэрэ үһү диэтэ.
Онон ити сиэри тутуһан, 2021 сыллаахха М.Н. Ионова аатынан кыыс олоҥхоһуттарга анаан ыытыллыбыт күрэх “Кылаан чыпчаал” кыайыылааҕа Ванесса Федорова, маҥнайгы кылаас үөрэнээччитэ, С.И. Черноградскай-Чуорунай “Оҕо Бочоох” олоҥхотунан “уос аста”.
Онтон кылаастар күргүөмүнэн тахсан ис-истэриттэн иэйэн туран, бэлэмнээбит олоҥхолорун иһитиннэрбитинэн бардылар. Хас биирдии толорооччу кыһамньытын истэн олорооччулар: “Ноо!” — диэн сэҥээрэн истилэр. Олоҥхоһуттары саха тылын учуутала Варвара Павловна Трофимова муоһалаан, бэрт сэргэхтик билиһиннэртээн истэ. Дьүүллүүр сүбэҕэ Варвара Алексеевна Парфенова-бэрэссэдээтэлинэн, саха тылын уонна литературатын учуутала Валентина Семеновна Кривошапкина, ускуустуба оскуолатын фольклорго уһуйааччыта Светлана Тимофеевна Федорова чилиэннэрин үлэлээтилэр.
Дьүүллүүр сүбэ түмүк таһаарар кэмигэр сэттис кылаас үөрэнээччитэ, Варвара Алексеевна уһуйуллааччыта, Никита Ксенофонтов, “Кутурук салайар олоҥхону” сүүрбэ мүнүүтэ устата толордо.
Алын сүһүөх кылаастарга 1 миэстэни Айтыына олоҥхотуттан быһа тардан, “Орто дойдуга айыы дьонун олохтооһун” диэни үгэс буолбут канону сиһилии тутуһан толорбут 2 кылаас кэлэктиибэ ылла, учууталлара Севастьянова Т.С. 2 миэстэни “Нуоҕалдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр” олоҥхоттон быһа тардан толорбут 4 кылаас үөрэнээччилэрэ ыллылар, учууталлара Винокурова С.Р. Үсүһү “Оҕо Бочоох” олоҥхоттон толорбут маҥнайгы кылаастар ыллылар, учууталлара Винокурова В.И.
Орто сүһүөх кылаастарга маҥнайгы миэстэни 5 кылаастар ыллылар, кинилэр Петр Решетников “Айыы Дьураҕастай бухатыыр” олоҥхотуттан быһа тардыыны олус бэркэ толордулар, учууталлара Петрова В.С. Иккис миэстэни бэрт кыра баалынан хаалан, сэттистэр ыллылар.Кинилэр Петр Решетников “Күн Дархан” олоҥхотун толордулар, учууталлара Бястинова И.Р. Үсүһү алтыс кылаас олоҥхоһуттара ыллылар, кинилэр быйыл үөрэппит Сергей Васильев “Мөҥүрүүр Бөҕө” олоҥхотуттан быһа тардан, итэҕэтиилээхтик иһитиннэрдилэр, учууталлара Уварова Нь.А.
Үрдүкү сүһүөх кылаастарга маҥнайгы миэстэни олоҥхоҕо олох кыра кылааска үөрэнэ сылдьыахтарыттан Варвара Алексеевнаҕа уһуйуллубут 10 кылаастар уһуйааччылара суруйбут “Бэдэр Бухатыыр” олоҥхотун дьиҥнээх толоруу маастарыстыбатын көрдөрөн, ылыахтарын ыллылар, кылаас салайааччыта Соломонова А.Д. Иккиһи 9 кылаас үөрэнээччилэрэ “Модун Эр Соҕотох”олоҥхону олус кэрэхсэбиллээхтик толорон тигистилэр, учууталлара Трофимова В.П. Быйыл оскуоланы түмүктүүр 11 кылаас үөрэнээччилэрэ “Дьырыбына Дьырылыатта”олоҥхоттон быһа тардан иһитиннэрэн, 3 бириистээх миэстэҕэ тигистилэр, учууталлара Григорьева К.В.
Онон бу дьоро түгэн үүнэр көлүөнэ ыччат олоҥхону кэрэхсиирин, уһуйдахха, умсугуттахха олоҥхону толорууга сыстан, дьоҕурдара арыллан иһиэн сөбүн көрдөрдө. Харбалаахха олоҥхо олохсуйан барыытыгар улахан үтүөлээх киһинэн Варвара Алексеевна Парфенова буолар. Киниэхэ үөрэнээччилэр,төрөппүттэр, учууталлар, олохтоохтор махталлара кэмэ суох уонна айымньылаах үлэтигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри баҕараллар!
Валентина Кривошапкина, Таатта Харбалаах.