Бэс ыйын 12 күнүгэр, Россия судаарыстыбаннаһын күнүгэр, Дианна Егоровна Соломонова салайааччылаах Таатта улууһун Харбалаах бөһүөлэгин “Теплица” бэйэни салайынар общественнай тэрилтэ 2023 с. Ил Дархан гранын кыайан, оскуолабыт таһыгар “Биһиги сааскы кэммит” иитэр-үөрэтэр эйгэни үөрүүлээхтик арыллыыта буолан ааста.
Иитэр-үөрэтэр эйгэбит кэнчээри ыччаттарбытыгар саха норуотун биир киэн туттар суруйааччыта, сээркээн сэһэнньит Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа айымньыларын ааҕан, сиһилии үөрэтэн, кини олоҕун холобуругар төрөөбүт дойдуга тапталы, убаастабылы иитэр, олоххо дьоһуннаах миэстэни булунар сыаллаах-соруктаах тэрилиннэ. Маны таһынан оҕолорго саха фольклорун сайыннарыы уонна оҕону бэйэтин норуотун историятыгар уонна культуратыгар сыһыарыы буолар.
Бу биир сыл иһигэр бырайыак чэрчитинэн үгүс көрүҥ үлэ ыытылынна. Ол курдук, Амма Аччыгыйа кыра саастаах ааҕааччыларга анаабыт “Тоҕус төгүл тоҕо” тэттик кэпсээннэринэн республикатааҕы мас уустарын күрэҕэ, Россияҕа Дьиэ кэргэн сылынан спортивнай күрэх, республиканскай “Айар талаан утума” фольклор фестивалын тэрийэн ыытыы; бырайыак үлэтин хаамыытын, оскуола ыытар үлэтин киэҥ араҥаҕа «Саха» НКИХ быһа эфиригэр сырдатыы, суруйааччы чугас дьонун кытта “Кэрэ кэпсээн” биэриигэ истиҥ сэһэргэһии; ырааһырдар үлэлэр, тутуулар уо.д.а. Манна барытыгар бырайыагы өйөөн нэһилиэкпит олохтоохторо, тэрилтэлэрэ, педколлектив көхтөөхтүк кытыннылар.
Бары билэрбит курдук Амма Аччыгыйа биир бөдөҥ айымньытынан “Сааскы кэм” романа буолар. Ол иһин иитэр-үөрэтэр эйгэбитигэр Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа кинигэтэ сүрүн миэстэни ылла. Үөрэнээччилэрбитин “Сааскы кэм” романы ааҕалларыгар угуйуо, олох оскуолатыгар иитиэ-үөрэтиэ, сырдыкка, кэрэҕэ сирдиэ диэн бигэ эрэллээхпит. Маны сэргэ Н.Е. Мординов балаҕана, «Үс мас бүтэй» күрүө тутулунна, эйгэбит тула уот ситимэ тардыллан тула сандаарда. Н.Е. Мординов төрөөбүт, үөскээбит Хоптолооҕун хаартыската уоттаах панорамнай фон буолан турда.
Бу бырайыак олоххо киирэригэр күүс-көмө буолбут партнердарбытыгар, спонсордарбытыгар барҕа махтал тылларын этэбит. Өрөспүүбүлүкэ, улууспут, нэһилиэкпит чэчирии сайдарыгар саҥаны, үйэлээҕи оҥорууга мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьан эҥкилэ суох кыһамньыгытын астынабыт уонна киэн туттабыт! Инникитин даҕаны үлүскэн үлэҕит түмүгэ бар дьонуҥ үөрүүтүн үрдэттин!
Дьиэ кэргэҥҥитигэр ил-эйэ эҥэрдэстин, дьол-соргу тосхойдун!
Валентина Семеновна Кривошапкина, Таатта, Харбалаах.