Бу күннэргэ Горнай улууһугар баһаар буола турар Одуну уонна Солоҕон ойуурдарыгар Германиятааҕы «Шпигель» сурунаал Москватааҕы бюротуттан кэлэн үлэлээтилэр. Суруналыыстар матырыйаал хомуйа таарыйа баһаар умулларыытыгар биир суукка эмиэ үлэлээбиттэр. Ол туһунан Горнай улууһун «Үлэ күүһэ» хаһыата суруйар.
Кристиан Эш Гамбургтан, Эмиль Дуг Баварияттан сылдьаллар эбит. «Хата, дьонуҥ олус боростуой дьон», — диэн бииргэ үлэлээбит уолаттар кэпсииллэр. Кэлии суруналыыстар тыраахтыр бырысыабыгар олохтоох уолаттары кытта тэҥҥэ айаннаан, бииргэ асаһан сылдьыбыттар.
Баһаардар буолар биричиинэлэрин үөрэтии кинилэр үлэлэрин сүрүн соруга буолар эбит.