Ситиһии үлэттэн кэлэр
«Ситиһии үлэттэн тахсар. Ону таһынан кыайыыны, хотторууну тэҥҥэ тутан, ырытар буолуоххун наада. Оччоҕо киһи өйө-санаата үрдүүр, сайдар. Уустуктартан чаҕыйбакка, иннин диэки дьулус, туруоруммут сыалгын ситис»
Спорт эйгэтигэр Горнай улууһа Контоевтарынан биллэр. Степан Степанович, Варвара Иосифовна уолаттарын тулуурдаах, кытаанах санаалаах, туруоруммут сыалларын ситиһэр гына иппиттэрэ. Аҕалара Степан Степанович дуобакка ССРС спордун маастарыгар кандидат. Кэлин хайыһарга сүүрэн, ветераннарга Россия биир күүстээх спортсмена буолбута. Улахан уол Герман Контоев көҥүл тустууга Аан дойду чемпиона, Европа призёра, 2000 сыллаахха Cиднейгэ ыытыллыбыт ХХVII Олимпиадаҕа төрдүс миэстэлээх. Иккис уол Станислав Контоев дуобакка Аан дойду эдэрдэргэ икки төгүллээх чемпиона. Үһүс уол Александр Контоев көҥүл тустууга Россия чемпион, Европа үс төгүллээх призёра, Иван Ярыгин бирииһин икки төгүллээх чемпиона.
Спорт толкуйдуур дьоҕуру сайыннарар
Кристина Тимофеева-Устинова, оҕунан ытыыга Аан дойдутааҕы кылаастаах спорт маастара, «Азия оҕолоро» Аан дойдутааҕы спортивнай оонньуулар боруонса призера (2008 с.), Россия, Европа Кубогын, Аан дойду чемпиона, Лондоҥҥа ыытыллыбыт ХХХ Олимпиада кыттыылааҕа (2012 с.).
«Спорт киһини бары өттүнэн сайыннарар. Эт-сиин хамсаныыта өйгүн-санааҕын сааһылыыр. Толкуйдуур дьоҕургун сайыннарар, эрчийэр. Спорт инникини былаанныыргын, сыалгын ситиһэргэ, дьулуурдаах буоларга үөрэтэр. Онон спордунан дьарыктаныҥ, үүнүҥ-сайдыҥ, доруобай, чэгиэн буолуҥ!»
Бэйэҕэр ирдэбиллээх буол
Осип Михайлов, Аан дойдутааҕы кылаастаах спорт маастара, көҥүл тустууга Россия чемпиона, Аан дойдутааҕы Кубок хаһаайына.
«Режимы кытаанахтык тутуһар, чопчу сыал-сорук туруорунар, бэйэтигэр ирдэбиллээх, сүрэхтээх киһи спорка ситиһиилэнэр. Күн ахсын тохтоло суох үлэттэн ситиһии кэлэр. Чэбдик өй-санаа, чөл турук, чэгиэн эт-сиин баар эрэ буоллаҕына киһи сайдар. «Чуораанчык» ааҕааччылара бэйэҕитигэр ирдэбиллээх буолуҥ, бириэмэҕитин сөпкө былааннаан, толкуйдаан туһаныҥ. Күннээҕи режимы тутуһа улаатыҥ».
Спорт — эн күүһүҥ, кыаҕыҥ
Дьулустаан Ноговицын, мас тардыһыытыгар Саха өрөспүүбүлүкэтин, Россия, национальнай многоборьеҕа Саха өрөспүүбүлүкэтин маастара, тааһы көтөҕүүгэ «Дыгын оонньууларын» рекордсмена.
«Дьарыкка бэриниилээх, күүстээх санаалаах, тулуурдаах киһи спорт эйгэтигэр киирэр. Дьоҕура да суох буоллаххына, спорт эн күүһүҥ, кыаҕыІҥбуолуон сөп. Бу эйгэ киһиэхэ олус элбэҕи биэрэр. Холобур, ыксаллаах түгэҥҥэ сөптөөх быһаарыныыны ылынарга, үлэлиир дьоҕуру сайыннарар. Ол иһин мин оҕолорго спорду өрө туталларыгар баҕарабын. Эрчиллиҥ! Бэйэҕитигэр эрэллээх, эт-хаан өттүнэн чэбдик, өй-санаа өттүнэн ыраас буоларга дьулуһуҥ!».