Нам улууһун Хамаҕаттатыгар “Лингва” лааҕыр 23-с сезонун арыйан, үлэтин бэс ыйын бүтэһик күнүгэр түмүктээтэ. 50 оҕолоох лааҕыры уопуттаах учуутал, директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы Ю.Ю. Парникова салайан улуус оҕолоругар анаан үлэлэттэ. «Лингваҕа» үгэс быһыытынан Францияттан ыалдьыттар үлэлээтилэр.
Нам Хамаҕаттатыгар французскай тылы дириҥэтэн үөрэтэллэр, итиэннэ английскайы тэҥҥэ тутан дьарыктыыллар. Сайын ахсын манна «Лингва» лааҕыр үлэлиир. Быйыл бэс ыйын 17 күнүгэр арылынна. Иитээччилэринэн Хамаҕатта орто оскуолатыттан английскай тыл учуутала Д.Д. Местников, Намнааҕы гимназияттан педагог-организатор А.Д. Жирков үлэлээтилэр.
Лааҕыр оҕолору математическай-техническай хайысхаҕа сыһыаран, үлэтин онно туһаайда. Учууталларынан А.К. Матвеев, С.И. Москвитина математикаҕа уонна быйыл лицейи кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит, араас улахан конкурустарга ситиһиилээх Ион Григорьев робототехникаҕа дьарыктаатылар. Маны таһынан, биэс күн устата Францияттан учуонайдар кэлэн оҕолору кытта анал бырайыагынан үлэлээтилэр. Экс Марсель университет чинчийэр хамаандата араас айылҕа иэдээннэрин сиһилии үөрэтэр эбит, ол иһигэр Арктика нэһилиэнньэлээх пууннарыгар туох куттал баарын.
“Лингва” лааҕырга үтүөлээх профессор Жан-Луи Балэ, инженер-географ Анн Трико уонна студеннар Маркизар Жан-Жак, Жозеф Багур картографияҕа мастарыскыай үлэлэттилэр. Оҕолору Хамаҕаттаҕа халаан содулун, киһи олоҕор туох кутталлааҕын толкуйдаттылар, хайдах сэрэнэргэ үөрэттилэр. Кылгастык учуонайдар санааларын билсиэҕиҥ:
— Биһиги араас наукалар (география, геоморфология, космическай анализ) холбоһон чинчийии ыытабыт. Айылҕаҕа буолар баһаардар, халаан уута почва, сир-дойду уларыйыытыгар охсуулаахтар, дьон олоҕор олус кутталлаахтар. Оҕолорго ону өйдөтө сатаатыбыт, бэйэлэригэр карта уруһуйдаттыбыт, Өлүөнэ өрүс туһунан санааларын иһиттибит. 2010 с. улахан уу кэлбитин биллибит. Оҕолору кытта үлэ түмүгэр 3 улахан проблема баарын быһаарыстыбыт: халаан уута, ойуур баһаардара уонна бөх, айылҕаны киртитии. Бу проблемалары билсээри Үөдэй, Партизан нэһилиэктэригэр сырыттыбыт, Хамаҕатта биэрэгиттэн боруоба ыллыбыт. Үөдэйгэ дамба туппуттарын көрдүбүт, баһылык кэпсээнин иһиттибит, көмүскэнэр дьаһаллары ылбыттарын биһирээтибит.
Жан-Луи Балэ:
— Экс Марсель университет улахан чинчийэр лабораториялаах, онно элбэх учуонай үлэлиир. Биһиги спутниковай антенна, хаартыскалар нөҥүө картография оҥорон чинчийэбит. Катастрофалары үөрэтэбит, ону оҕолорго тиэрдэн, билиилэрин кэҥэтэбит. Маннык проблемалар баалларын, киһи-аймах онтон хайдах сэрэниэхтээҕин быһаарабыт. Бу үлэбит түмүгүнэн эһиил саҥа үөрэх дьылыгар 15 оҕону Францияҕа ыҥыраммыт салгыы дьарыктаныахпыт. Биһиги үлэбитигэр химия учуутала С.М. Васильева, француз тылын учууталлара Е.И. Аммосова, О.Д. Новгородова, В.Е. Лукина көмөлөстүлэр.
Маркизар Жан-Жак:
— Оҕолор интэриэстэрэ улахан, көхтөөхтөр. Картографияҕа быһаарсаллар, сорудахтары сөбүлээн толороллор. Дьон-сэргэ аламаҕай. Мин Россияҕа аан бастаан сырыттым. Айылҕа олус кэрэ, баай эбит, арай кумаардартан салынным. Сахалыы миини сөбүлээтим, повардарга А.Г. Бобровскаяҕа, Л.В. Охлопковаҕамахталбытын тиэрдэбит. Чинчийэр үлэбит таһынан олохтоох омук үгэстэрин, культураларын билистибит. Намнааҕы педколледжка, Олоҥхо дьиэтигэр быыстапкалары, паарка оҥоһуктарын сөҕө көрдүбүт. Таҥхайга турбазаҕа сынньанныбыт.
Франция учуонайдара кылгас кэмҥэ да буоллар саха оҕолоругар улахан проблемалары быһаарсан бардылар. Быйыл улууска Олоҥхо ыһыаҕа буоларынан сибээстээн үгүс оҕону лааҕырынан хаптылар. Саха-француз лицей интернатыгар 50 оҕону олордон, ыһыах сиэрин-туомун тэрийиигэ кытыннардылар. Манна Намтан “Ручеек” (сал. Н.Москвитина) уонна Партизантан “Сандаара” (сал. А. Дьячковскай) үҥкүү бөлөҕүн оҕолоро бэс ыйын 8-22 күнүгэр олордулар. Лааҕырга иитээччилэринэн лицей учууталлара Е.П. Лыткина, Е.М. Поротова, начальнигынан А.А. Аммосова оҕолору көрөн-истэн үлэлээтилэр.
Ааптар: Мария Винокурова, ulus.media