Ил Дархан Харыйатыгар Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын спортка уонна үөрэххэ үрдүк ситиһиилэрдээх 11-б кылаас үөрэнээччитэ Элла Сергучева кыттыыны ылар чиэскэ тигистэ. Элла оскуола киэн туттар, холобур оҥостор үөрэнээччитэ, эдэр кэрэспэдьиэн.
Элла үөрэх өттүгэр ситиһиилэрэ: саха литературатын олимпиадатын улуустааҕы призера, оскуола иһинээҕи медиакиин куруһуогун иитиллэччитэ, «Охлопков News» иһитиннэрэр биэрии тутаах корреспондена, «Феникс» оҕо хамсааһынын чилиэнэ буолар. Спорт өттүгэр ситиһиилэрэ: СӨ хас да төгүллээх чемпиона, 21-с «Манчаары ооньууларын» үрүҥ көмүс призера, бүтүн Арассыыйатааҕы «Метелица» күрэҕэр бронза мэтээл хаһаайына, Уһук Илин эрэгийиэн хас да төгүллээх призера, чемпиона.
«ОхлопковNews» медиакиин эдкора Ил Дархан Харыйатын делегатын Элла Сергучеваны кытары көрсөн, спорт, үөрэх уонна эдэр кэрэспэдьиэн буоларын хайдах барытын ситиһэрин туһунан сиһилии кэпсэттэ.
— Ил Дархан Харыйатыгар барар чиэскэ тиксибиккин туох дии саныыгын?
— Өр кэмнээҕи сыралаах үлэм түмүгэ буолар дии саныыбын.
— Тоҕо чуолаан чэпчэки атлетиканы талбыккыный? Хаһыс кылаастан дьарыктанаҕын? Ханнык күрэхтэһиии эйиэхэ саамай ыараханнык ааспытай?
— Мин иккис кылааска сылдьан телевизорынан «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуулары көрбүтүм уонна онно сүүрэ сылдьар буолуом диэн бэйэбэр сыал-сорук туруоруммутум. Онтон сылтаан эрчиллэн саҕалаабытым. Саамай ыарахан күрэхтэһиим бу сайын Соҕуруу Сахалиҥҥа буолан ааспыта. Онно бастакыбын бэйэбин «Бег с препятствиями» диэҥҥэ холонон көрбүтүм. Сүүрэ сылдьан охтон түспүтүм, тобукпар эчэйиилээх финишка кэлбитим. Ол иһин бу күрэхтэһии миэхэ саамай ыарахан буолар.
— Эн эдэр кэрэспэдьиэн буолбутуҥ туохха туһалаата, көмөлөстө?
— Эдкор мин быйылгыттан буолбутум уонна кыра бириэмэ иһигэр бу үлэм миэхэ элбэххэ көмөлөстө. Холобур, мин камераттан куттанан бүппүтүм, санаабын аһаҕастык кэпсииргэ, оҕолору кытары биир тылы чэпчэкитик буларга үөрэнним, бэйэм атын өттүнэн арыллан биэрдим.
— Туйгуннук үөрэнэргэр спордунан дьарыктанарыҥ уонна эдкор буоларыҥ эйиэхэ мэһэйдиир дуо?
— Бэйэм бириэмэҕин сөпкө атаарар, күннээҕи былаан оностор буоллаххына, туох даҕаны мэһэйдээбэт.
— Эн санааҕар туох ордук ыараханый? Спордунан дьарыктанар, оскуолаҕа үөрэнэр эбэтэр кэрэспэдьиэн буолар?
— Мин бэйэм санаабар, оскуолаҕа үөрэнэр быдан ыарахан. Тоҕо диэтэр, наһаа элбэх предмет баар, сорохторун өйдүүбүн, сорохторун өйдөөбөппүн. Ону ол өйдөөбөт предметтарбын бэйэбэр өйдөтөрбүн ыарырҕатабын.
— Эн инники былааныҥ? Туох сыаллааххыный?
— Бу билиҥҥи бириэмэҕэ үчүгэй үөрэххэ киирии, ол таһынан син-биир сүүрүүбүнэн эрчиллэбин.
— Оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй? Үөрэх да өттүгэр, спорт да өттүгэр.
— Быдан аһаҕас буолуҥ, сыал туруорунан, ону ситиһэргэ үлэлэһиҥ!
Даша Эверстова, «ОхлопковNews», Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолата.
keskil14.ru