Маай кэллэ, маай үүннэ!
Бырааһынньыгы көрсөөрү
Кыһыл былаах киэргэллээх
Скверга мусталлар.
Сибэкки, шаар тутуурдаах,
Музыка ньиргийэр тыастаах
Бука бары парадтаан
Кэккэлээн хаамабыт.
Ветеран эбэлэрбит, эһэлэрбит
Түөстэригэр уордьаннарын анньынан
Инники кэккэҕэ бу иһэллэр,
Долгуйа хаамаллар.
Кинилэргэ сибэкки дьөрбөтүн,
Кырачааннар ууналлар,
Ырыа хоһоон бэлэхтииллэр,
Эҕэрдэ тылларын этэллэр.
Маай кэллэ, маай үүннэ!
Эйэ, үлэ, маай күнэ
Уруйданнын өрүүтүн!
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма