Таатта улууһун биир ураты кэрэ айылҕалааҕынан биллэр, арылыйа устар Амма өрүс кытылыгар турар Чымынаайы бөһүөлэгэ буолар. Нэһилиэк сүрүн боппуростарын быһаарар тутаах киһибитин, баһылыкпытын Егор Владимирович Васильевы кытары 5 кылаас үөрэнээччилэрэ кэпсэттибит.
– Бэйэн тускунан кылгастык билиһиннэриэн дуо?
– Үтүө күнүнэн! Мин бэйэм Таатта улууһун Туора-Күөл нэһилиэгиттэн төрүттээхпин, финансовай-экономическай үөрэҕи бүтэрбитим. Чымынаайы нэһилиэгэр 2005 сылтан баһылыгынан ананан олоробун.
– Егор Владимирович, биһиги нэһилиэкпит атын нэһилиэктэртэн туох уратылааҕый?
– Таатта улууһугар уопсайа 14 нэһилиэк баар. Биһиги нэһилиэкпит биир кытыы сытар сүрдээх үчүгэй айылҕалаах нэһилиэгэ буолабыт. Биһиги биир уратыбыт буолар: Сааскы халаан кэмигэр араас моһоллору көрсөбүт, ол эрэн Амма кытыытыгар сытар ураты кэрэ айылҕалаах сиргэ олорор буолан дьон-сэргэ тоҕуоруһа сөбүлээн сынньанар сирдэрэ буолар.
– Нэһилиэк иннигэр туох сүрүн кыһалҕалар туралларый? Ону быһаарарга туох үлэ ыытылларый?
– Билигин нэһилиэк сүрүн кыһалҕатынан кэнчээри ыччаппыт үөрэнэр усулуобуйатын тупсарыы буолар. Ол курдук быйыл оскуолабыт дьиэтэ сабыллан, билигин оҕолор 4 сиринэн үөрэнэллэр. Иннэ гынан, билигин үөрэнээччилэр да учууталлар да уустуктары көрсөллөр. Бу биһиги нэһилиэк улахан кыһалҕабыт буолар. Билигин оскуола бырайыага оҥоһулла сылдьар, төһө кыалларынан түргэнник оскуола-уһуйаан саҥа таас дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киириэ дин эрэнэбит, күүспүтүн барытын онно уура сылдьабыт.
Егор Владимирович оскуола оҕолоругар, ыччакка баҕа санаата: «Оскуола оҕолоругар билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ үөрэхтээх үлэһит буолаларыгар баҕарабын. Үөрэхитигэр үрдүк ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны ханнык баҕар түгэҥҥэ төрөппүттэргитин истиҥ, улуус, нэһилиэк аатын ааттатар дьон буола улаатыаххыт диэн эрэнэбин!» – диэн Егор Владимирович оскуола оҕолоругар, ыччакка баҕа санаатын эттэ.
Чымнаайы оскуолатын V кылаас үөрэнээччилэрэ Толстякова Сандаара,
Кондаков Юра