Үүммүт 2023 сыл Үөһээ Бүлүү улууһугар бөдөҥ государственнай, политическай деятель Исидор Никифорович Барахов сылынан биллэриллибитэ. Сыл саҕаланыаҕыттан улахан да дьоҥҥо, оҕолорго да араас таһымнаах тэрээһиннэр, күрэхтэр быыстала суох ыытылла тураллар.
Олунньу 20 күнүгэр Бүлүү бөлөх улуустарыгар онус төгүлүн «Уол оҕо — норуот кэскилэ» уус-уран хоһоон ааҕыытыгар күрэх буолан ааста. Барыта 150-тан тахса уол оҕо кыттыыны ылла.
Ороһу орто оскуолатын уолаттара икки бөлөххө кытыннылар. «Ороһу уоланнара» (7,8,9 кылаас уолаттарын бөлөҕө) уонна «Кустук» (5 кылаас уолаттара). Күрэх түмүгүнэн «Ороһу уоланнара» «Өйдүүбүт, кэриэстиибит, киэн туттабыт!» диэн ааттаах композицияны ааҕан Гран-при үрдүк аатын ыллылар (салайааччылар Люция Петровна Кондакова, Сардаана Алексеевна Осипова). «Кустук» бөлөх «Бараахап тыыннаахтан тыыннааххын!» хоһоону ааҕан үһүс истиэпэннээх лауреат аатын ыллылар (С.А. Осипова).
Уолаттар ситиһиилэриттэн үөрүүбүт үксээтэ. Өссө да ситиһиилэр сиэттиһэ турдуннар!
«Тымтык» эдкорпост, Ороһу.