Балаҕан ыйын 28 күнүгэр Дүллүкү нэһилиэгэр ураты сонун күн буолла.Сарсыарда 11 чаастан библиотека дьиэ тиэргэнигэр оҕо-аймах, улахан дьон муһунна. Аныгылыы толору оҥоһуулаах, модельнай библиотека аанын ааҕааччыларыгар саҥалыы арыйда.
Үөрүүлээх түгэни үллэстэ улуустааҕы О.Д.Федорова аатынан модельнай библиотека дириэктэрэ Тамара Герасимовна Саввинова уонна библиотека үлэһиттэрэ ыалдьыттаатылар. Дүллүкү нэһилиэгин баһылыга Николай Петрович Романов, тэрилтэ салайааччылара эҕэрдэлии кэллилэр. Үөрүүлээх арыллыыга «Алгыс» эбээлэр түмсүүлэрэ арыылаах алаадьынан маанылыы көрүстэ.
Элбэх үтүө тыл этилиннэ. Яна Октябровнаҕа, ситиһиилээх үлэтин иһин, Өрөспүүбүлүкэтээҕи национальнай библиотека махтал суруга туттарылынна. 8 кылаас үөрэнээччилэрэ норуодунай поэт Петр Тобуруокап «Библиотека дьиэ» хоһоонун доргуччу ааҕан иһитиннэрдилэр.
Салгыы саҥардыллыбыт билии дьиэтигэр экскурсия ыытылынна. Оҕо, улахан дьон сынньалаҥ кэмин библиотекаҕа кэлэн туһалаахтык атаарарыгар сөптөөх усулуобуйа оҥоһуллубута көһүннэ.
Библиотекаҕа түргэн тэтимнээх интернет ситимэ киллэрилиннэ, саҥа компьютердар кэллилэр, миэбэл уларыйда, ис көстүүтэ тупсаран оҥоһулунна. Олохтоох дьаһалта, депутаттар көрбүт үптэринэн библиотека үрдэ аныгылыы саҥардылынна.
Билиҥҥи кэм ирдэбилинэн саҥалыы оҥоһуллубут библиотека дьиэ олохтоохторго туһаны эрэ аҕалыа.Ким ааҕар — ол билиилээх, сайдыылаах уонна кэскиллээх!
Алина САННИКОВА,
X кылаас,
Дүллүкү орто оскуолата, Үөһээ Бүлүү