«Эдэр профессионаллар» чөмпүйэнээт улуустааҕы түһүмэҕэ сэтинньи ый 11-15 күннэригэр буолан ааста. Оскуола оҕолорун инники идэлэрин талалларыгар уонна баһылаабыт сатабылларын сайыннаралларыгар туһуланар күрэс улууспут биэс нэһилиэгэр ыытыллар. Ол курдук, Игидэй, Дьүлэй, Тааттыныскай, Орто Амма уонна Амма нэһилиэктэригэр.
Биир бастакынан Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолата сэтинньи 11 күнүгэр икки хайысханы ыытан саҕалаата. Манна улууспут түөрт оскуолатыттан холбоон тоҕус күрэхтэһээччи кытынна.
«Агрономия» компетенциятыгар биэс үөрэнээччи, биэс сатабылга күрэхтэстилэр. Кинилэр истэригэр Н.Д.Неустроев аатынан Уус-Таатта орто оскуолатыттан 7-с кылаас үөрэнээччилэрэ: Нарыйа Оконешникова, Оляна Колодезникова. А.И.Софронов-Алампа аатынан Ытык-Күөл маҥнайгы нүөмэрдээх оскуолатыттан 8-с кылаас үөрэнээччитэ Диляра Ефимова уонна Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатыттан 8-с кылаас үөрэнээччитэ Лилия Кычкина, 10-с кылаастан Амгана Хаптагаева кытыннылар. Оҕолор бу хайысхаҕа бары да тэҥ сатабыллаахтарын көрдөрдүлэр. Ол курдук, экспердэр сыаналаабыттарынан: Диляра Ефимова, дьиҥнээх лаборант курдук сатабыллаахтык туттара-хаптара көстөр, Лилия Кычкина саҥа кыттааччы диэтэххэ түргэн-тарҕан туттуута сөхтөрөр, Амгана Хаптагаева сыл аайы кыттан сатабыла сайдан-кэҥээн иһэрэ кэрэхсэннэ.
Түмүккэ, үһүс миэстэҕэ Диляра Ефимова, иккис миэстэҕэ Лилия Кычкина уонна бастакы миэстэни ылан өрөспүүбүлүкэҕэ сүүмэрдиир түһүмэххэ Амгана Хаптагаева ааста.
Иккис компетенция «Кылынан-сиэлинэн оҥоһуктар». Бу хайысхаҕа түөрт оҕо кытынна. Кыргыттар бары кылынан-сиэлинэн өрүүнү баһылаабыттарын көрдөрөн түөрт эрэ чаас устата дэйбиир уонна тымырдаайы оҥорон таһаардылар.
Иккис, үһүс миэстэҕэ Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Саина Миронова, Лиза Канаева буоллулар. П.А. Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Аялита Борисова кыайыылаах үрдүк аатын сүгэн үөрүүтэ үгүс. Кинини бэлэмнээн илдьэ кэлбит салайааччыта, ийэтэ Юлия Васильевна Борисова маннык бэлиэтиир: «Түөрт чаас иһигэр сувенирнай дэйбиир, тымырдаайы техническай картанан оҥордулар. Тыҥааһыннаах киирсии. Оҕолор аҕыс утаҕы ааһан иһэн оҥороллор эбит. Түргэннэрэ сөхтөрдө. Дэйбиири техникатын сатыыллар да, бириэмэтэ да чугаһаан буолуо кыратык ыксаан арыый кыллара чараас диэн көрдүм. Оҕом кыайан олус диэн үөрдүбүт. Күрэхтэһиини ыыппыт тэрийээччилэргэ, Чычымах оскуолатыгар улахан махталбытын тиэрдэбит».
Улууспут оҕолоро араас сатабыллары баһылыыллара инникитин олохторугар элбэх туһалаах буолуоҕа. Улуус хамаандатыгар киирбит оҕолорбут өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэн улууспут аатын чиэстээхтик көмүскүөхтэрэ, элбэх кыайыыны аҕалыахтара диэн эрэнэбит.
А.П. Малышева, Чычымах орто оскуолатын
директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы.