Сэтинньи 28 күнүгэр Сунтаар бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатыгар “WorldSkills 2022” чемпионат ас астыыр түһүмэҕэ буолан ааста. Биһиги оскуолабытыттан 9-а кылаас үөрэнээччитэ Вика Платонова кытынна. Салайааччыта — Айгыына Васильевна Тотонова.
Бу түһүмэхэ барыта 8 кыттааччы кытынна. Түмүккэ кыайыылааҕынан биһиги оскуолабыт 9-а кылааһын үөрэнээччитэ Вика Платонова буолла.
Сунтаар бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатын медиакиинэ.