Улуу поэт төрөөбүт күнэ
Александр Сергеевич ПУШКИН туһунан бэрт элбэҕи, уһуннук уонна уустаан-ураннаан туран кэпсиэххэ сөп. Ол эрээри биһиги бүгүҥҥү тиэмэбит чопчу соруктаах: кини төрөөбүт күнүн ураты суолтатын туһунан.
Россия Президенэ бастакы Б.Н. Ельцин 1997 сыллаахха “А.С. Пушкин төрөөбүтэ 200 сыла туолуутун бэлиэтиир уонна Россияҕа Пушкин күнүн аныыр туһунан” диэн Ыйааҕа тахсыбыта. Оттон 2011 с. В.В. Путин бэс ыйын 6 күнүн Нуучча тылын күнүнэн ааҕар туһунан Ыйааҕа тахсыбыта.
Бастакытынан, А.С. Пушкин нуучча литературнай тылын төрүттээччинэн ааҕыллар уонна бу тылга муҥура биллибэт, түгэҕэ көстүбэт киэҥ аартыгы арыйааччы буолбута. Ол далааһыннаах суолтатын өйдөөн, Пушкин төрөөбүт күнүн нуучча норуотун тылын кытта сибээстээтибит. Иккиһинэн, аан дойдуга ордук сабыдыаллаах үс тыл иһигэр кииристибит, атыттартан хаалсыбат, өссө инникилээччи да буоларга кыах ылан эрэбит. Ангылычаан тылынан судаарыстыбалар икки ардыларыгар дипломатияны ыытар табыгастаах диэн билинэллэр. Аны француз тылынан искусство, муусука, ырыа-тойук, көрүлээһин-нарылааһын, лириканы уонна тапталы этэргэ ордук табыгастаах үһү. Оттон нуучча тыла олох ханнык баҕарар түгэнигэр дьүөрэлээх, бу тылы дөбөҥнүк өйдүөххэ сөптөөх диэн билинэллэр. Ол эрээри Пушкин хоһооннорун аахтахха, нуучча тылыттан ордук дириҥ ис хоһоонноох тыл суох эбит диэн санааҕа кэлэҕин. Онон Пушкин төрөөбүт күнүн нуучча тылын кытта бииргэ холбоон бэлиэтиир олус наадалаах эбит.
Үсүһүнэн, ханнык баҕарар тыл, ол иһигэр нуучча тыла эмиэ, харыстаныахтаах, бөҕөргөтүллүөхтээх уонна сайыннарыллыахтаах. Билигин аан дойдуга цивилизациялар (норуоттар улахан холбоһуктара) күрэс былдьаһаллар, сайдыы суолугар тахса сатыыллар. Манна нуучча православнай цивилизацията биир инники кэккэҕэ сылдьар. Бу тылынан 300 мөлүйүөнтэн тахса киһи, ол аата аан дойдуга олорор дьонтон хас биирдии 20-с киһи саҥарар. Кытай уонна Индия курдук миллиардтан тахса нэһилиэнньэлээх дойдулары учуокка ыллахха, бу куһаҕана суох миэстэлэһии.
Төрдүһүнэн, нуучча тылыттан сибээстэнэн, аны «нуучча эйгэтэ» (“русский мир”) диэн политическай өйдөбүл үөскээтэ. 2006 с. В.В. Путин нуучча тылын күнүн иннинэ, Санкт-Петербурга “нуучча эйгэтэ” диэн термини тутунна. «Ол быстыспат сорҕотунан “нуучча тыла” уонна “нуучча култуурата” буолаллар», – диэтэ. “Нуучча” диэн тыл былыргы Киевскэй Русь диэн судаарыстыбаттан саҕаланар, оттон “мир” диэн “бар дьон”, “бүттүүн күн сирэ” диэн суолталаах.
Аан дойдуга В.В. Путиҥҥа саба түһүү саҕаламмыта. «ВВС» ханаалга Англия бөлүһүөгэ Т. Гартон-Эш бу курдук суруйбута: “Путин нууччалыы саҥарар дьону барыларын Россияҕа холбуу сатыыр”. Дьиҥинэн, Путин култууралар сыһыаннаһыыларын туһунан этэр, кинилэр ханнык судаарыстыба дьоно буолалларын туһунан буолбатах. Т. Гартон-Эш нуучча култууратын, тылын-өһүн сабыдыалын, ол аата Россияны утарсар быһыытын көрдөрөр. Норуот сайдыытын туох да, ким да саба тутар кыаҕа суоҕун өйдөөбөт эбит.
Онон нуучча тылын, нуучча култууратын, Россия сабыдыалын утарсыы аан дойдуга бара турар. Оҕолоор, Пушкин тылын үөрэтиҥ, сайыннарыҥ, онтон холобур уонна күүстэ-уохта ылыҥ, иҥэриниҥ! Пушкин: “Я памятник себе воздвиг нерукотворный”, – диэн мээнэҕэ эппэтэҕэ.
Николай СЛЕПЦОВ,
политолог.