«Сосновый бор» сынньалаҥ уонна чэбдигирии киинигэр «Кампус молодежных инноваций «Цифровое поколение» диэн симиэнэ саҕаланна. Манна биһиги хаһыаттарбыт эдэр кэрэспэдьиэннэрэ кэлэн, күннээҕи сонуннар, тэрээһиннэр тустарынан сырдатыахтара. Эһиги болҕомтоҕутугар — бастакы күннэртэн фоторепортаж (ааптар — суруналыыс Айаана Третьякова), видеоустуу (ааптар — Майя Гоголева, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Аллара Бэстээх оскуолатын эдкора).
Н.Е.Мординов -Амма Аччыгыйа аатынан оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ Ольга Ивановна Семенова оҕолорго сыал-сорук туруорда, тугу суруйуохтаахтарын, уһулуохтаахтарын санатта.
Билсиҥ, бу биһиги эдэр кэрэспэдьиэннэрбит:
Лааҕыр көрүдүөрүгэр баһаатайдарын кытта мунньахтыы олорор оҕолору көрүөххэ сөп.
Хас күн аайы «Цифровое поколение» үөрэх ыытыллар.
Бары маннык мунньустан олорон кэпсэтэллэр, элбэх саҥаны билэллэр-көрөллөр.
Ол кэнниттэн — эмиэ үөрэх.
Үөрэнэ олорор кэмнэригэр баһаатайдар тугу гынар эбиттэрий?
Мунньахтыыллар, аныгыскы тэрээһини хайдах ыыталларын туһунан кэпсэтэллэр.
Ол быыһыгар күлүү-үөрүү.
Туох баар оонньуу, тэрээһин бу хоско толкуйданар.
Оҕолор бары наһаа «дьыалабыайдар». Хас биирдии оҕо Интэриниэттээх төлөпүөннээх буолан, сорудахтарын түргэнник толороллор.