Олунньу ый 15-19 күннэригэр Чурапчы улууһун Хайахсыт нэһилиэгэр Ильмен Күөл кыргыһыытын 80 сылыгар анаммыт түөрт күннээх өрөспүүбүлүкэтээҕи III Карбышевский байыаннай-патриотическай сбор буолан ааста.
Сборга уопсайа 14 оскуола, 74 оҕо Уус Алдан, Чурапчы, Амма, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Эдьигээн, Өлөөн, Тикси, Марха 2-с оскуолаларыттан кыттыыны ыллылар. Түөрт күн устата 10 инструктор байыаннай медицинэ, разведка уонна инженернэй-техническэй көрүҥнэргэ үөрэх ыытта.
Маны таһынан оҕолорго “Якутяне на страже Отечества” ырыа күрэҕэ, “Вектор патриотизма” дьылабыай, “Без права на ошибку”байыаннай-спортивнай оонньуулар ыытылыннылар.
“Юные Карбышевцы” оҕо хамсааһынын киин штабын начальнига, старшай лейтенант Анатолий Николаевич Храмов: «Оҕолор бу сборга ылбыт билиилэрэ, эт-хаан өттүнэн сайдыылара инники олохторугар хайаан да туһалаах буолуоҕа», – диэн эттэ.
Улууспут баһылыга Степан Анатольевич Саргыдаев Карбышевскай хамсааһын сайдарыгар бэйэтин кылаатын киллэрэн, Хайахсыт оскуолатыгар 100 тыһыынча суммалаах сертификаты бэлэх уунна.
Мин санаабар, хас биирдии киһи дойдутугар бэриниилээх, бары өттүнэн сайдыылаах, дьулуурдаах, тулуурдаах буолуохтаах. Бу хаачыстыбалары сайыннарыыга Карбышевскай сбор олук уурар кыахтаах эбит.
Вика БОРИСОВА, Х кылаас,
А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы.