Мин тоһуттар тымныылаах хоту Эбээн-Бытантай улууһугар хос эһэм Иннокентий Николаевич Слепцов аатынан Кустуур орто оскуолатын 11 кылаас туйгун үөрэнээччитэ Надя Колесова буолабын. Өрөспүүбүлүкэбит ааҕааччыларыгар билиибит кыһатын туһунан сырдатыахпын баҕарабын.
«Төһөнөн үлэ хаачыстыбалаах да, соччонон ситиһии улахан буолар. Ол иһин үтүө киһи буола улаатарга, олоххо бэлэм буоларга күүстээх хамсаныы, тэринии наада» — диэн оскуолабыт дириэктэрэ биһигини өрүү сирдээн, сүбэлээн биэрэр.
2016 сыллаахха оскуолабыт агропрофилированнай ааты ылан, элбэх хайысхалаах үлэни утумнаахтык киллэрэн, учууталлары кытта күөх үүнээйини хотугу сиргэ үүннэрэн өлгөм үүнүүнү ыларга ылсыспыта.
Онтон 2017с. оскуолатыбытыгар саҥа дириэктэр, өрөспүүбүлүкэ үөрэҕириитин туйгуна Анна Егоровна Никитина, кэлээтин кытта туох барыта уларыйыыга, тупсарыыга дьулуста. Бу сыл оҕолор сиэмэлэри олордорго, арассааданы араарарга уонна да атын ньымаларга үөрэннибит.
Сайын производственнай маастарбыт Вера Герасимовна Стручкова салайыытынан оҕуруот аһын үүннэрэн, үөрэх кэмигэр остолобуойга күн аайы минньигэс, битэмииннээх аһы аһыыр буоллубут. Саас нэһилиэнньэҕэ арассаада, күһүн дьаарбаҥка тэрийэн, оҕуруот аһын атыылыыбыт.
Оҕуруот үлэтин таһынан, биһиги, оҕолор, араас ааксыйаҕа кыттабыт, холобур, ГПУ ГБ «Бытантай» саха сүөһүтүгэр анаан нэһилиэнньэттэн ас тобоҕун хомуйан туттарабыт, саас аайы хотоҥҥо тиийэн көмөлөһөбүт, саас- күһүн аһыы оту хомуйабыт.
2017с. оскуолабыт төрүттэммитэ 85 сылыгар уонна И.Н.Слепцов төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан табаһыт оҕолорго бастакы оройуоннар икки ардыларынааҕы спортивнай — этническай “Мы дети Севера” сүлүөт олус сэргэхтик интэриэһинэйдик буолбута. Манна хамаандалар кэлэн, сүрдээх тыҥааһыннаахтык күөн көрсүһэн, күрэхтэһэн барбыттара. Күрэхтэргэ көхтөөхтүк кыттан, көрөн, кыайыы туһугар бэйэ -бэйэбитигэр ыалдьан, ыһытаан — хаһыытаан, олус да үчүгэй тэрээһин ааспыта.
Хомойуох иһин, быйыл саас иккиһин ыытыллыахтааҕын COVID-19 аан дойдуга турбутунан сибээстээн тохтотуллубута.
2018с. төрөппүттэр көрдөһүүлэринэн оскуола иһинэн «Мэрлэнкэ» (Ньургуһун) көс бөлөх ттэриллэн үлэлиир. Бу бөлөххө табаһыт оҕолор киирэллэр. Кинилэр дьоннорун кытта «Кочевник – 1», «Кочевник – 2» общинаҕа Альберт Александрович Колесов салайыытынан сылын аайы ыстаадаҕа тахсан, көс олохтоохторго көмөлөһөн сайылыыллар.
Итиэннэ оскуолабыт иһэ-таһа сылын аайы, саҥаттан – саҥа араас дьэрэкээн оҥоһуктарынан киэркэйдэр киэркэйэн иһэр, киһи эрэ астына сэргиир–көрөр. Ол курдук, икки теплица, оҕуруот, фонтан, аллея уонна сүрүн миэстэҕэ Иннокентий Николаевич Слепцов бюһа турар. Бу маны барытын кини кыра уола , производственнай маастар, дэгиттэр уус, талааннаах киһи Михаил Иннокентьевич Слепцов тутан–хабан оҥорбута. Киниэхэ күүс – көмө оскуола учууталлара, үлэһиттэрэ буолбуттара. Быйылгы үөрэх сылыгар олбуорбут иһигэр уоттаах – күөстээх , хартыыналаах лайт-бокс эбиллиннэ. Онон оскуолабыт таһа өссө киэркэйдэ, сандаарда. Бу улахан түбүктээх элбэх үлэни дириэктэрбит Никитина Анна Егоровна иилиир — салайар . Онон биһиги, үөрэнээччилэр, тупсаҕай, сырдык, сылаас, араас бырайыактарынан байытыллан,элбэх оҥоһуулаах оскуолаҕа үөрэнэ сылдьарбытыгар учууталларбытыгар сүгүрүйэн туран, махтаныах эрэ тустаахпыт. Салайааччы хайдаҕыттан үлэ таһаарыыта тутулуктаах диэн мээнэҕэ эппэтэх буолуохтаахтар.
2019с. – оскуолабыт «500 лучших образовательных организаций страны» диэн Россиятааҕы куонкуруска кыттан, Лауреат дипломун ылан, «Лучшая сельская школа» аатын сүкпүтэ. Ону таһынан, оҕолор уонна учууталлар өрөспүүбүлүкэтээҕи, Россиятааҕы куонкурустарга кыттан, ситиһиилэрэ сыл аайы элбээн иһэринэн киэҥ туттабыт.
Кэнники кэмнэргэ биһиги оскуолабыт аата өрөспүүбүлүкэ көрдөрөр-иһитиннэрэр ханаалларын таһаарыыларыгар бэрт элбэхтик сырдатыллынна. Быйыл үс төгүллээх олимпийскай чемпион, спорт маастаара уонна туйгуннаах тренер, Павел Пинигин «Кочевник» ыстаадаҕа ыалдьыттаабытын туһунан НВК- саха телевидениеҕа биэриитэ тахса турар.
Көс бөлөхпүт үлэтин түмүгүнэнэн быйыл оскуоланы бүтэрээччи 2 оҕобут эдэр табаһыттар кэккэлэрин хаҥатан, ыстаадаҕа үлэлии хааллылар, «оскуола-үлэ-үөрэх” диэн санаалаах.
Мин санаабар, оҕо төрөппүттэриттэн, учууталларыттан элбэҕи ылар. Кинилэр бэриниилээх үлэлэрин, үлэҕэ-хамнаска сыһыаннарын барытын оҕо көрөн – истэн, кинилэри кытары бииргэ сылдьыһан, тэҥҥэ табаһыттаан, оттоон – мастаан, бултаан – алтаан, үлэлээн ,буһан – хатан, тоҥон — тиритэн улаатар. Бу маннык иитиллибит оҕо бэйэтин бэйэтэ дьааһанар, бөҕө туруктаах, мындыр – өйдөөх, эппиэтинэстээх, тулуурдаах, күүстээх санаалаах, чөл олоҕу тутуһар, туруоруммут сыалын ситиһэр, хайа да үлэни кыайыгас, олоххо бэлэмнээх буола улаатар. Уонна инникитин дьонун суолларын салгыан да сөптөөх.
Билиҥҥи сайдыылаах олоххо ыччаты сиэр – майгы өттүнэн иитии, өбүгэбит төрүт үтүө үгэстэрин утумнаан үлэҕэ уһуйуу буолар. Төрөөбүт тылбытыгар болҕомто ууруу хайаан да наада дии саныыбын.
Уонна инникитин төрөөбүт дойдум үүнэ-сайда турдун , үөрэнэр оҕолорбут оскуолабытын, нэһилиэкпитин аатырда туралларыгар ыҥырабын.