Үөһээ Дьааҥы улууһун Эҥэ орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Витя Томский Бүтүн Россиятааҕы «Инникигэ хардыы» научнай-практическай конференцияҕа «Химия уонна химическэй технологиялар» диэн салааҕа «Араас фирма сакалааттарын хаачыстыбатын чинчийии» диэн тиэмэнэн Москва куоракка кыттан иккис миэстэни ылан кэллэ. Витя кыайыытынан улуус олохтоохторо уонна оскуола кэлэктиибэ олус үөрдүлэр.
Витяттан мин Москваҕа хайдах, туох кытта кэлбитин туһунан ыйыталастым.
— Мин республиканскай конференцияҕа 3 миэстэни ылан, Россияҕа кыттарга ыҥырыы биэрбиттэрэ.
Москваҕа элбэх буолан сырыттыбыт. Мин секциябар уон этибит. Кэпсиирбэр долгуйбутум. Элбэх ыйытыыны биэрбиттэрэ. Онно барытыгар эппиэттээбитим. Конференция икки күн устата буолбута.
Иллэҥ кэммэр Кыһыл болуоссаты, ВДНХ-ны, музейдары көрдүм, сылайыахпар диэри сырыттым.
— Витя, оттон өссө салгыы бу тиэмэҕинэн дьарыктанар буоллаҕыҥ дии. Чинчийииҥ түмүгэр туох түмүккэ кэллиҥ?
— Салгыы дьарыктаныам. Киһиэхэ буортута суох сакалааттарынан «Бабаевскай», «Alpen gold», «Dudo» буоллулар. Оттон киһиэхэ буортулааҕынан «M&M», «Крокант» эбиттэр. Ону билэргит наада.
— Витя, кэпсээниҥ иһин, махтал. Эйиэхэ өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Кэпсэттэ Нарыйа Бурцева, Эҥэ , «Саһарҕа» пост.