Биһиги, Ньурба оройуонун Хаҥалас орто оскуолабытыгар, сылын аайы дуобат куруһуога ыытыллар. Биһигини Туйаара Анатольевна Алексеева үөрэтэр. Мин манна сөбүлээн сылдьабын уонна дуобат диэн тугун, быраабылатын, билбэт оҕолорго боростуойдук суруйдум.
Шашки атыннык дуобат диэн олус интэриэһинэй оонньуу. Онно икки киһи маҥан уонна хара буолан арахсан оонньууллар. Маҥаннар бастаан түһэллэр, иккиһинэн харалар. Оонньуу маҥаннаах хара дуоскатыгар хара эрэ килиэккэтинэн хаамыллар, маҥанынан суох. Бу оонньуу сүрүн сыала диэн – утарсааччыҥ ахсаанын аҕыйатан, «сиэһин» буолар. Сэрэхтээхтик, өйдүү-өйдүү оонньуохха наада. Уочаратыҥ кэллэҕинэ толкуйдаан, ыксаабакка түһүллэр. Саамай бүтэһик, кытыы килиэккэҕэ кэллэххинэ эн хоруол буола түһэҕин. Онтон хоруол буоллаххына, хас баҕарар килиэккэни быһа түһэр кыахтанаҕын. Онньууну кыайаргар «шансыҥ» эбиллэр.
Биһиги бэҕэһээ куруһуокпутугар 6-с уонна 7-с кылаастар буоламмыт оонньуу тэрийбиппит. Манна биһиги 7-тэр 6-тары ыраастык кыайдыбыт. Кинилэр аныгыскыга аахсыахпыт, өссө оонньоон көрүөхпүт диэтилэр. Дуобат киһини итинник умсугутар оонньуу. Оҕолор оонньооҥ, бириэмэҕитин өйгүтүн үлэлэтэн атаарыҥ.
Володя Герасимов, «Ыллык» эдкорпост, Ньурба Хаҥалас.