- Россияҕа аан бастакынан 2013 с. тэриллибит “Дьулуур” («Стремление») оҕо биир сомоҕо хамсааһына төрөөбүт күнүн хаһан бэлиэтиирин билэҕин? Ахсынньы 5 күнүгэр!
Дьэ, бу бэлиэ күнүнэн сибээстээн Оҕо хамсааһынын сайыннарар өрөспүүбүлүкэтээҕи киин “Оҕо хамсааһына бириэмэни кытта тэҥҥэ хардыылыыр” диэн өрөгөйдөөх тэрээһини Бырабыыталыстыба 2-с №-дээх дьиэтин аактабай саалатыгар тэрийэн ыытта.
Төрөөбүт күҥҥэ ыҥырыллан кэлбиттэр: Үөрэх миниистирэ В.А. Егоров, оҕо хамсааһынын бэтэрээннэрэ, “Ил Дархан 7 сорудаҕа” марафон кыайыылаахтара, оҕо хамсааһынын өйүүр оскуола дириэктэрдэрэ, МТ баһылыктара, итиэннэ бу күннэргэ “Сосновый бор” лааҕырга сынньана сылдьар бастыҥ актыбыыстар.
—Биһиги Уус Алдан Бороҕонуттан Нарыйаана Бубякина, Юлия Лазарева, Валерия Татаринова, Саина Литвинцева, Сахаайа Павлова диэн буолабыт. “Сулус” педагогическай этэрээккэ баһаатайдыыбыт. Итиэннэ улуус туох баар оҕо тэрилтэлэрин сүрүннүүр “Уус Алдан кэскилэ” түмсүүгэ сылдьабыт. Бу дьарыкпыт лидердии хаачыстыбабытын уһугуннарда, сытыы-хотуу, бэйэбитигэр эрэллээх, көхтөөх уонна түмсүүлээх буоллубут, салайар-тэрийэр, айар уонна саҥарар дьоҕурбутун сайыннардыбыт? — дииллэр Мүрү 1-кы №-дээх оскуолатын кэрэчээн кыргыттара.
Ыалдьыттары Майа 1-кы №-дээх оскуолатын “Ларионовец” кулуубун оҕолоро Россия үөрэнээччилэрин хамсааһынын өрөгөйүн ырыатынан (гимн РДШ) эҕэрдэлээтилэр.
—Бу ырыаны сахалыы тылбаастаабыппыт сонуннук иһилиннэ. Кулууппут икки бөлөхтөөх: үрдүкү кылаастар – “Түмэн”, орто сүһүөхтэр – “Смид”. Салайааччыларбыт А.Ф. Рязанская уонна Л.К. Иванова. Биһиги үөрэхпит кыһата РДШ пилотнай оскуолата буолар. Онон РДШ 4 хайысхатын («Личностное развитие» (айар дьоҕуру сайыннарыы, чөл олоҕу көҕүлээһин, идэҕэ туһаайыы), “Гражданский активизм” (волонтердааһын, ирдэбил үлэ, кыраайы үөрэтии), «Военно-патриотическое» (байыаннай иитии, дойдуга тапталы иҥэрии), «Информационно-медийное» (хаһыат таһаарыыта, пресс-кииннэр )— барытын хабан үлэлиибит. Ол курдук, биһиги кулууппутугар баар — хорсун быһыыны оҥорон, “Горячее сердце” бириэмийэни ылбыт Харысхаана Аммосова. Кини билигин “Маленькие герои” бырайыагынан Москваҕа күүлэйдии сылдьар. Аны туран, VI кылаастарбыт 100% (барыта холбоон 150 оҕо) “Юнармия” кэккэтигэр киирдилэр.
Майа 1-кы №-дээх оскуолата аныгы олох ирдэбилигэр эппиэттиир сайдыылаах ыччаты иитэр тосхолу тутуһар. Ол сыалтан бизнес-инкубаторы тэрийбиттэрэ. Манна 3 үөрэнээччибит урбаанньыт быһыытынан үлэлиир: Дайаана Игнатьева мүөт, Варя Захарова сублимационнай термопресс көмөтүнэн куруускаларга, футболкаларга ойуу-бичик, Дайаана Сыроватская лазернай станогунан араас өҥөнү оҥороллор, — диэн кэпсииллэр “Ларионовецтар”.
Үөрүүлээх түгэҥҥэ “Мир изменится вместе с нами” гражданскай форум Резолюциятын ылыннылар, итиэннэ СӨ оҕолорун общественнай холбоһуктарын сойууһун бэрэссэдээтэлинэн бастыҥ баһаатай Александра Охлопкованы анаабыттарын туһунан иһитиннэрдилэр.
—Президент В.В. Путин кэлэр чугастааҕы сылларга Россияны аан дойду үрдүнэн наука эйгэтигэр 5, үөрэхтээһиҥҥэ 10 бастыҥ иһигэр киллэрэргэ соруктуур. Онон биһиги өрөспүүбүлүкэбит эмиэ ити хайысхаҕа күүскэ үлэлэһэн эрэр. Ол курдук, Ил Дархаммыт А.С. Николаев бу соторутааҕыта «О стратегических направлениях развития образования в Республике Саха (Якутия)» ыйааҕа таҕыста. Онуоха бу Оҕо биир сомоҕо хамсааһына улахан оруоллаах буолуоҕа. Билигин “Дьулуурга” 800-чэкэ үөрэх кыһата, 850-ча уһуйааччы, 80 тыһыынча кэриҥэ үөрэнээччи хабыллан айа-тута, үлэлии сылдьар. Өссө да айымньылаах үлэни баҕарабын,-— диэн Үөрэх миниистирэ Владимир Егоров эҕэрдэлээн баран, “Ил Дархан 7 сорудаҕа” марафон кыайыылаахтарыгар наҕараадаларын туттарда.
5 тыһыынчаттан элбэх нэһилиэнньэлээхтэргэ:
I м. – Алдан оройуонун Аллараа Куранаах 4-с №-дээх оскуолата.
II м. – Жатайдааҕы “Бригантина” оҕо тэрилтэлэрин сойууһа.
III м. – Бүлүүтээҕи Оҕо айымньытын киинэ (“Бүлүү кэскилэ”).
600-тэн 5000-ҕа диэри нэһилиэнньэлээхтэргэ:
I м. – Уус Алдан Лөгөйүн “Кэскил” түмсүүтэ.
II м. – Уус Таатта оскуолатын “Аргыс” оҕо тэрилтэтэ.
III м. – Уус Алдан Сыырдааҕын “Майаҕатта удьуордара” түмсүүтэ.
600-тэн аҕыйах нэһилиэнньэлээхтэргэ:
I м. – Ньурба улууһун Акана “Дьулус” түмсүүтэ.
II м. – Чурапчы улууһун Хадаар оскуолата.
III м. – Таатта улууһун Уолба оскуолатын “Ил Ситим” түмсүүтэ.
Бу 7 сорудаҕынан оҕолор сыл устата үлэ бөҕөтүн ыыппыттар эбит: пааматынньыктары көрөн-харайан, дойдуларын историятын үөрэтэн, биллэр биир дойдулаахтарын туһунан ахтыы хомуйан, аһымал ааксыйалары тэрийэн, кыамматтарга, кырдьаҕастарга көмөлөһөн, көтөрү-сүүрэри харыстаан, бөһүөлэктэрин ыраастаан.
Онуоха оҕо тэрилтэлэрин оскуола салалтата уонна олохтоох дьаһалта өйүүр эрэ буоллаҕына түбүктээх үлэ түмүктээх, көдьүүстээх буолара чахчы. Ол иһин Оҕо биир сомоҕо хамсааһына тэрийэр үлэтигэр мэлдьи кыттыһар, үөрэнээччилэр саҕалааһыннарын өйүүр оскуола дириэктэрдэрэ В.В. Лопатиҥҥа (Игидэй, Таатта), С.С. Владимировка (Покровскай 2-с оскуолата) , Жатай баһылыга А.Е. Кистеневка уонна Хаҥалас улууһун баһылыга Г.Ю. Алексеевка, итиэннэ Хаҥалас улууһун оскуолатааҕы түмсүүлэрин сүрүннүүр «Хаҥалас эрэлэ» оҕо тэрилтэтин координатора Н.М. Шадринаҕа бастыҥнар номинацияларын кыайыылаахтара буолалларын туоһулуур анал ааттары туттардылар.
Маны сэргэ «Оҕо түмсүүлэрин бастыҥ лидерэ» ааты ыллылар: Ашот Шагенян ( Аллараа Бэстээх XI кыл.), Айдаар Ефремов (Дьокуускай 7-с оскуолата, XI кыл.), Марина Макенкова (Өлүөхүмэ «Эврика» гимназиятын Х кылааһа).
Оҕо хамсааһыныгар көхтөөх үлэлэрин иһин түөскэ кэтиллэр «Дьулуур» бэлиэнэн наҕараадаланнылар: Екатерина Марцынкевич ( Нерюнгри оройуонун Серебряный Бор 14-с №-дээх оскуолатын Х кылааһа), Людмила Архипова (Хаҥалас улууһун Ой оскуолатын XI кылааһа), Игорь Эверстов ( Майа оскуолатын XI кылааһа, «Феникс» оҕо тэрилтэтин лидерэ), Елизавета Алексеева ( Үөһээ Бүлүү М.А. Алексеев аатынан лицей-интэринээтэ).
Бу күн кэнчээри ыччаты уһуйууга, иитиигэ сыралаах үлэлэрин сыаналаан, Марианна Петроваҕа (Сыырдаах, Уус Алдан) «Ыччат политикатын туйгуна» , «Саха КВН» оонньууну, Оҕо биир сомоҕо хамсааһынын тэрийсэн, сайыннаран, киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт Геннадий Охлопковка, Оҕо хамсааһынын сайыннарар киин методиһа Екатерина Игнатьеваҕа, Нам алын сүһүөх оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы Анна Ядрихинскаяҕа, Кэбээйи Мастаах оскуолатын педагог-организатора Татьяна Михайловаҕа, Чурапчы Хадаарын педагог-организатора Лидия Лукинаҕа «За вклад в развитие детского движения Республики Саха» бэлиэлэри туттардылар.
Анисия Иевлева.