«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» фестиваль чэрчитинэн ахсынньы 3 күнүгэр «Күөрэгэй» КЭК дьиэтигэр «Морозко» диэн нуучча остуоруйатын көрдүбүт.
Остуоруйаны драмкуруһуок иитиллээччилэрэ туруордулар, 3-11 кылаастартан 22 оҕо кытынна. Уопсайа тоҕус көстүүлээх остуоруйаны олус сэргэхтик, биир тыынынан көрдүбүт. Артыыстар көстүүмнэрин төрөппүттэр наһаа кичэйэн-мүһэйэн тикпиттэрэ киһи хараҕар тута быраҕыллар.
Оҕолор олус ис дууһаларыттан толордулар. Ордук Иванушка оруолун толорбут 7-с кылаас үөрэнээччитэ Марат Сухомясов табыллан оонньообутун көрөөччүлэр биһирээтилэр. Күлүүлээх түгэннэриттэн күлэн астынныбыт.
Икки ыйга тиийбэт кэм иһигэр бэлэмнэнэн бэртээхэй остуоруйаны туруорбуттара оҕолор талааннарын, күүстээх баҕаларын уонна салайааччылар сатабылларын киһи эрэ сөҕөр уонна астынар.
Кыттааччылар маҥнайгы сүрэхтэниилэрэ табыллан, көрөөччүлэр артыыстар талааннарын биһирээн бэртээхэй киэһэ ааста. Оҕолорго инники өссө ситиһиилээх, таһаарыылаах үлэлэринэн көрөөччүлэри астыннардыннар диэн баҕарабыт.
Гея Винокурова, 11 кылаас үөрэнээччитэ,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.