Билиҥҥи көмпүүтэр, аныгы технология, промышленность үйэтигэр ыччат тыа хаһаайыстыбатыгар таласпата кистэл буолбатах. Бэл, агрооскуоланы бүтэрэр оҕолор инники олохторун куораты эбэтэр улуус киинин кытары ситимниир былааннаахтар. Ол эрээри, маннык чахчы баар: чинчийии түмүгүнэн, аан дойду үрдүнэн саамай нус-бараан, уйгу-быйаҥ олохтоох, улахан дохуоттаах дьонунан хотугу Европа дьоно буолаллара быһаарыллыбыт. Кинилэр былыр-былыргыттан тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаналлар, сүөһүнү, барааннары иитэллэр. Килиэккэлээх күндү түүлээхтэрэ аан дойдуга аатырар. Муораҕа балыктыыллар. Ойуурдарын маһын кэрдэн, тас дойдуга атыылыыллар. Ол оннугар саҥаттан-саҥа маһы олордон иһэллэр. Хайалаах дойду буолан, буордара таастаах, ону ылҕаан-ыраастаан, бурдук арааһын ыһан, өлгөм үүнүүнү ылаллар. Ону кинилэр хайдах ситистилэр? Тыа хаһаайыстыбатын өрө тутар, өбүгэлэрин төрүт үөрүйэхтэрин бырахпакка, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ илдьэ сылдьар буолан диэн эттэххэ, омун буолуо суоҕа. Холобур, биир дьиэ кэргэн хас эмэ үйэлэр тухары бараан иитиитинэн дьарыктанар, иккис – бурдук ыһыытынан…
Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатыгар наадалаах идэлэргэ уһуйар сүрүн үөрэх тэрилтэтинэн Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын государственнай академията буолар. Бу кыһа үрдүк уонна орто анал үөрэҕи биэрэр.
Александра Иннокентьевна ПАВЛОВА, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятын эбии профессиональнай үөрэхтээһин институтун дириэктэрэ, ветеринарнай наука доктора, профессор:
– Мин бу үөрэх тэрилтэтигэр үлэлээбитим 49-с сылыгар барда. Биһиги тыа сирин ыччатыгар киэҥ үлэни ыытабыт.
Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятын иһинэн үлэлиир эбии профессиональнай үөрэхтээһин института үлэтэ суох сылдьар 35 саастарыгар диэри ыччаты 5 ыйдаах кылгас кууруска үөрэтэн, дастабырыанньа туттарар. “Оленевод (коневод, животновод, овощевод) III категории” диэн идэлээх буолар. Бу дастабырыанньатынан ханнык баҕарар тэрилтэҕэ үлэҕэ киирэр кыахтанар.
Өскөтүн киин улуустарга орто анал үөрэхтээһин ситимэ киэҥник сайдыбыт буоллаҕына, Арктика улуустарыгар суоҕун кэриэтэ. Онон биһиги, сүнньүнэн, хоту улуустары хаба сатыыбыт.
Бастаан бэйэбит баран 9 күн үөрэтэбит. Салгыы 5 ыйы быһа олохтоох маастардар ыстаадаҕа эбэтэр сылгы базатыгар олорон эрэ көрдөрөн-быһааран үөрэтэллэр. Холобур, Үрүҥ Хайаҕа 30 сыл уопуттаах табаһыт, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Светлана Ильинична Туприна үөрэтэр. Муома Индигииригэр, Соболооҕор, Абый Ураһалааҕар эмиэ үчүгэй маастардар бааллар. Бэйэбит таһаарбыт үөрэхпит пособиеларынан үөрэтэллэр. Түмүгэр биһиги кэлэммит эксээмэн тутабыт, дастабырыанньаны туттарабыт. 5 ыйдаах куурус төлөбүрэ 10 тыһыынча. Маны нэһилиэк, улуус төлүүр.
Дастабырыанньа биир туһата диэн, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин, улууһу кытта «сылгыһытынан эбэтэр табаһытынан үлэлиэм» диэн дуогабардастаххына, 35 сааскар диэри хоту улуустарыгар 12, киин улуустарга 8 тыһ. солк. босуобуйаны ый аайы ылар буолаҕын. Бу бырагыраама үлэлээбитэ 10 сыл буолла. Бэл диэтэххэ, табаһыт кэргэнэ бу кууруска үөрэнэн, эмиэ босуобуйа ылыан сөп.
Дастабырыанньа өссө биир кыһалҕаны быһаарар. Холобур, “Анаабыр алмаастара” тэрилтэ олохтоох уолаттары туох да үөрэҕэ, дастабырыанньата суох буоллахтарына, үлэҕэ ылбат. Онон улуус баһылыга Иван Иванович Семенов, уолаттарын үөрэттэрээри, массыына атыыласпыт, автодром оҥорторбут. Маастарынан ГАИ урукку начаалынньыгын, уопуттаах киһини, ылбыт. Онон уолаттар массыына ыытар быраабы ылан, үлэлиир кыахтаммыттар.
Ил Дархан 2016 сыллааҕы Ыйааҕынан сылгыны иитиигэ үөрэтэр-уһуйар базалар тэриллэн эрэллэр. Манна күрүө-хаһаа, эти астыыр сыах, маҕаһыын, гостиница, остолобуой баар буолуохтаахтар. Билигин Хаҥалас Улахан Ааныгар “Бөртө” сылгы базата (сал. А.В. Павлов) үлэлээн эрэр. Салгыы Өймөкөөн Томторугар, Ньурба Чаппандатыгар тэриллиэхтэрэ.
Ханнык баҕарар оҕо, физик да, математик да буоллун, “сахабын”, “эбээммин” дэнэн, “дойдулаахпын” диэн эргиллэн көрөр, сылгы-сүөһү, таба, балыктааһын, дьиэ кэргэн бүддьүөтэ, уус-иис, от, отон диэн тугун билиэхтээх. Тыа сирин үлэтин, кыһалҕатын билэр эрэ киһи үчүгэй учуонай, салайааччы буола үүнэр кыахтаах. Оччоҕо эрэ биһиги кэнэҕэски көлүөнэбит сайдыылаах Европаҕа курдук олоруохтара.
ДьГТХА тутар хамыыһыйатын чилиэннэрэ Н.А. Михайлова, П.Е. Васильева, Е.В. Зайцева 2018-2019 сылга үөрэххэ ылыы туһунан кэпсээтилэр.
Саҥа хайысхалар
Саҥа үөрэх дьылыгар саҥа идэлэр баар буоллулар. “Агрономия” салааҕа “Агробизнес”, “Технология производства и переработки сельскохозяйственной продукции” салааҕа – “Переработка и управление биоресурсами”, “Зоотехния” салааҕа – “Менеджент в животноводстве”, “Традиционные отрасли Севера”.
Маны таһынан, “охотовед”, “землеустроитель”, “технолог общественного питания” идэлэр киирэллэрэ бигэргэтиигэ сылдьар.
КГЭ-ҕэ ирдэбил
Оннооҕор учууталлар билбэттэр эбит: Академияҕа үөрэххэ киирэргэ математика КГЭ-тин “профильнайын” туттардаххытына эрэ киирэҕин! “Базовай” диэн сыыһа өйдөбүллээх буолан, оскуоланы кыһыл көмүс мэтээллээх да бүтэрбиттэр кыайан киирбэтэх түбэлтэлэрэ эмиэ баар.
Орто үөрэххэ саамай куонкурустаах
Идэнэн “юрист” буолар. Манна биир миэстэни 30 абитуриент былдьаһар!
РФ бүддьүөтүттэн миэстэтэ
Ол аата төлөбүрэ суох миэстэ уопсайа 808. Онтон үрдүк үөрэҕэр – 638, ортоҕо – 170. Онтон өрөспүүбүлүкэ миэстэтэ билигин биллэ илик. Былырыын 110 эбит.
“Целевой” миэстэ
“Целевой” миэстэни абитуриент ханнык баҕарар судаарыстыбаннай тэрилтэни кытта дуогабар түһэрсэн, көрдүөн сөп. Ол куорат, улуус, нэһилиэк администрацията, оскуола, судаарыстыбаттан өлүүлээх тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтиибэ буолуон сөп.
Олимпиадаларынан киирии
Таисия АЛЕКСЕЕВА.
Салгыыта иннин «Кэскил» хаһыакка ааҕыҥ!