Сунтаардааҕы политехническэй лицей библиотеката ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ, аҕа көлүөнэ албан ааттаах суолун үйэтитиигэ элбэх үлэни кинигэ ааҕыытын нөҥүө ыытар. Кыайыы күнүгэр биэс араас кинигэ быыстапкатын, стендэлэри, экспозицияны бэлэмнээн лицеистарга сырдатта.
Саха 25 суруйааччыта Аҕа дойду сэриитигэр бөрүөнү ыстыыгынан солбуйан кыттыбыттара. Уоттаах окуопаҕа сытан суруйбут хоһоонноро тыылга олороччулары кыайыыга ыҥыраллара. 7-а уолаттарын кылааһа суруйааччылар айымньыларын билистилэр, аахтылар уонна Албан аат болуоссатыгар тааҥка таһыгар кинилэр хоһооннорунан флешмобка кыттыыны ыллылар. Кылаас салайааччыта Алена Алексеевна Сивцева.
Сэбиэскэй Сойуус дьоруойдарын стендэтэ болҕомтону тардар. Хас биирдии кылаас бары кэлэн бэсиэдэ иһиттилэр. Хас биирдии Дьоруой хайдах быһыыга-майгыга хорсун быьыыны оҥорон үрдүк наҕарааданы ылбытын сиһилии кэпсээтибит. Холобур, Клавдий Краснояров Листвень дэриэбинэҕэ дьиэттэн уотунан уһуура сытар пулемекка түөһүнэн саба түһэн, Александр Матросов хорсун быһыытынан хатылаабыт 200 кытыл армия буойуннарыттан биирдэстэрэ буоларын, эбэтэр, Н.Н. Чусовской 1945 сыллаахха Берлини ылыыга «Зееловскай высотаны» кини хамаандалыыр батальонун тус бэйэтин хорсун быһыытынан холобур буолбутун сиһилии билиһиннэрдибит.
Онтон салгыы Сэбиэскэй Сойуус 4 төгүллээх Геройа Г.К. Жуковы кэпсээн сэбиэскэй хамаанда хайдах стратегиялааҕын, Кыайыы параадыгар Сунтаартан кыттыбыт А.И. Насыров туһунан, оттон 1941 сыллаахха сэтинньи 7 күнүгэр параадка 542 саха кавалеристара кыттыбыттарын кэпсээтибит.
Сэрии алдьархайын, саха биир ыалын дьылҕатын, сэрии иннигэр элбэх оҕолоох ыал икки эрэ буолан хаалбыттарын, сэрии огдооботун хаартыскатын хас саастаах буолуой диэн ыйыттыбыт, оҕолор 60-наах дииллэр, 35 саастаах сэрии ыараханын ааспыт дьахтар мөссүөнүн, тоҕо оннугун толкуйдаан быһаардылар.
Сэриигэ барбыт Данилов Егор Иннокентьевич суруктара,1942 сыл сэтинньи, оттон бу икки кинигэ, биирэ лицей 10-б кылааһа 8-ка сылдьан сэриигэ кыттыбыт эһэлэрин туһунан суруйбут кинигэлэрэ, салайааччы Селляхова Ньургуяна Григорьевна. Бу кыһыл кинигэ Кыайыы 70 сылыгар лицей оҕолоро ахтыы хомуйан таһаарбыта кинигэлэрэ.
Биир таайдара Иванов Петр Харитонович бастакы барыынан баран, тимир суол батальонугар сылдьан билиэҥҥэ түбэһэн өлбүтүн олус сэргээн иһиттилэр.
Бу быһыы килиэп блокада килиэбэ, оттон бу лэппиэскэни сэрии кэмигэр отчуттарга биэрэллэрэ, атын аһылык суох. Киэһэ үлэттэн кэлэн иһэн кутуйах эбэтэр моҕотой хороонун булан, онтон хаһаастарын ылаллар, маннык бурдук туорааҕын мунньар эбит, киэһэ аҕалан хатара охсон суоруналаан лэппиэскэ буһарынан сииллэрэ. Бу куруускаҕа баар бөлөнөҕү тулаайах оҕолору фермаҕа мунньан аһатар аһылыктара.
Оҕолор кинигэ быыстапкатын сэҥээрдилэр, Кытыл Сунтаар сэриигэ кыттыбыттар ааттара киирбит кинигэтиттэн дьоннорун ааттарын булан долгуйаллар.
Сыл аайы үгэс курдук олохтоох дьаһалта, оҕолор тэрилтэлэрэ тэрийиитинэн бочуоттаах харабыл үс күн турара эмиэ дойдуга бэриниилээх буолар тыыҥҥа иитэр. Салайааччылар физкультура уонна иитэр үлэ кафедралара (В.П. Васильева).
Библиотекардар З.Я. Иванова, А.С Гуляева.