Биһиги оскуолабытыгар бу нэдиэлэҕэ «Үтүө суруктар» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы акция буола турар. Манна оҕолор байыаннай операцияҕа кытта сылдьар саллааттарга санааларын көтөҕөр суруктары суруйаллар. Ону тэҥэ араас уруһуйунан киэргэтэн биэрэллэр.
Мин бэйэм убайым ОМОН сотруднига, ол иһин эмиэ биһиги дойдубутун көмүскүү анал операцияҕа иккистээн бараары сылдьар. Ол иһин мин кини санаатын көтөҕөөрү бу акцияҕа кытынным.
Сорох оҕолор аҕалара, убайдара барбыттар. Онон бу суруктарга кинилэр түргэнник кэлэллэрин, хорсун санаалаах уонна доруобай, этэҥҥэ сылдьалларыгар баҕардылар. Улахан Ааммыт сонунун кэпсээтибит, оҕолор кыралыын-улаханныын элбэх буолан, көхтөөхтүк кытыннылар. Саллааттар бу суруктарбытын ааҕан үөрүөхтэрэ диэн эрэнэбит.
Биһиги аҕаларбытыгар, убайдарбытыгар эрэнэбит, кинилэр санаалара Сахабыт сирин айылҕатын курдук күүстээх, туохтан да толлубат буоллун!
Аман ЕРЕМЕЕВ, М.Е.Васильева аатынан
2-с Малдьаҕар орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ.