Бу күннэргэ «Дьоһуннааҕы кэпсэтиигэ» оскуола оҕолоро «Интернеккэ уонна социальнай ситимнэргэ сэрэхтээх буолуу» диэн тиэмэ тула кэпсэттилэр. Кэбээйи орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ социальнай ситимнэри төһө сөптөөхтүк туһаналларын, үөлээннээхтэригэр бэйэни харыстаан, хайдах сэрэхтээхтик туттуохха сөбүн туһунан санааларын үллэстэллэр.
Саргы Лугинова, 11 кылаас: — Мин күҥҥэ Интернет ситимигэр ортото 4 ч. олоробун. Ол эрэн билиини биэрэр каналлары көрө сатыыбын. Холобура, «ТОПЛЕС» диэн научнай канаалы сөбүлүүбүн, наука киэҥ эйгэтигэр ханнык саҥа, сонуну арыйыылар тахсыбыттарын билэ-көрө сылдьабын.
Интернет сатаан туһаннахха, туһалаах буоллаҕа дии. Атын дьон бэйэлэрин үөрүйэхтэрин үллэстэллэр, дьон сыыһатын көрөн үөрэниэххин эмиэ сөп. Мөкү өттүтэ эмиэ элбэх, албыҥҥа киирэн биэриэххин сөп. Уонна биллэн турар, киһи бириэмэтин туһата суох ыытыан сөп.
Оҕолоор, Интернеккэ 2 ч. тахса биир кэмҥэ сытымаҥ. Хараххытын, сисикитин харыстааҥ. Туран хаамыҥ, туһалааҕынан дьарыктаныҥ. Чөл туруктаах буолуҥ!
Диана Кобякова, 11 кылаас: — Хомойуох иһин, мин Интернеттан олус тутулуктаахпын. Күҥҥэ 24 чаастан үөрэнэр бириэмэбэр 5-6 чаас телефоҥҥа олоробун, онтон каникулларга, өрөбүл күннэргэ 12-14 чаас олоруохпун сөп. Интернет туһата олус элбэх. Мин тугу билбэппин киирэн интернеттан булуохпун сөп. Тугу эрэ сатаабаппын интернеттан киирэн көрөн эбии үөрэнэбин. Экзаменнарбар интернетынан эбии бэлэмнэнэбин. Оҕолор баҕардахтарына, Интернеттан бастакы көмө оҥорорго да үөрэниэххэ сөп, ас астыыры да баһылыахха сөп. Интернет буорталааҕа диэн «кыра» оҕолорго сыһыаннаах. Кыра оҕолор 3-10 саастарыгар диэри көр-күлүү эрэ каналлары көрөллөр. Ол онтон онно-манна үөрэнэллэр, куһаҕаҥҥа эмиэ сыстыахтарын сөп. Кинилэр ити саастарыгар туһалаах, туһата суох диэни араарбат буоланнар, тугу күлүүлээх, «популярнай» диэбиттэрин үтүктэн иһэллэр. Онтон сылтаан кыра саастарыттан ньиэрбинэй буола улааталлар.
Валя Гуляева, 8 кылаас: — Мин күҥҥэ 7-8 чаас олоробун, ону-маны үөрэтэр видеолары көрөрбүн сөбүлүүбүн уонна ватсабынн табаарыстарбын кытары кэпсэтэрбин астынабын. Мин санаабар, интернекка олороҥҥун, ону-маны хаһаҥҥын, олус көмөлөөх, билии биэрэр суруктарга, видеоларга түбэһэр олус үчүгэй. Дьиэҕэр да олороҥҥун, баҕарбыт инструменнар оонньуурга үөрэниэххэ, кыраһыабайдык уруһуйдуурга, баҕарбыт омук тылы үөрэтэргэ, минньигэс аһы хайдах астыырга биир тылы суруйаҥҥын билии ылыныаххын сөп! Табаарыһыҥ атын куоракка олорор буоллаҕына, чэпчэкитик сатаан кэпстиэххэ сөп. Ити олус да табыгастаах. Дьоннор дьиэлэригэр да олорон харчы хомуйаллар, онно Интернет көмөлөһөр. Онон мир санаабар, Интернет олус да туһалаах, ол да буоллар син-биир куһаҕаннаах буолар
Тэттик сүбэлэрим –
1. Хаһан да биллибэт номерга эппиэт биэримэҥ, үксүгэр ити мошенниктар буолаллар.
2. Биллибэт, олус элбэх рекламалаах саайтарга кииримэҥ, эмиэ да куһаҕан дьоннорго түбэһиэххэ сөп.
3. Бэйэҥ тус дааннайдаргын кимиэхэ да биэримэ, ханна да суруйума.
4. Ол-бу биллибэт приложенийалары хачайдаамаҥ, ханан да биллибэт ол сыһыарыыҥ вируса суоҕа.
5. Биллэр, элбэх киһи туттар уонна итэҕэллээх эрэ саайтарыттан, дьонтон ону-маны атыылаһыҥ.
Сара Майкифер, 11 кылаас: — Мин оҕолорго манныгы сүбэлиэм этэ. Бастаан гуглга “безопасный поиск” диэн туруоруохха наада, оҕолорго 12+ саастарыгар дылы араас бобуулаах социальнай ситимнэри көнүллээбэт буолуохха наада, ону барытын төрөппүт хонтуруолуохтаах.
Сандаара Софронеева, 8 кылаас: — Интернет үөрэнэргэ туһалаах дии саныыбын, тымныы күннэргэ дистанционно үөрэнэргэ, олус куускэ көмөлөһөр. Араас интириэһинэй задачалары суоттаан, элбэх омук тылын видео көмөтүнэн үөрэтэн, үҥкүүгэ, ыллыырга дьарыктанан, минньигэс ас астаан уонна үчүгэйдик уруһуйдаан бэйэҕин сайыннаран саҕалыаххын сөп. Сорох дьон тугу гыналларын билбэт кэмнэригэр, Интернеттэн бэйэлэригэр сүбэ ылыныахтарын сөп, ол үчүгэй баҕайы дии саныыбын. Киһи дьиэтигэр олорон үлэлээн, харчы ылыан сөп, ол киһи олоҕун олус чэпчэтэр.
Айна Аргунова, 8 кылаас: — Билиҥҥи олоххо, Интернеттэн тутулуга суох киһи аҕыйаҕа буолуо дии саныыбын. Ордук оҕолор телефона, Интернетэ суох сатаан сылдьыбаппыт. 7-8 чаас олоробун, ол иһинэн Интернетынан үөрэнээччибин. Мин ордук туһалаах саайтары, каналлары сөбүлээн көрөөччүбүн, араас сүбэни-аманы ааҕан туһанааччыбын. Интернет туһата элбэх: араас информацияны билэргэ, кэпсэтэргэ, үөрэххэ, эбии харчы оҥосторго, түргэнник сибээстэһэргэ, улэҕэ уонна да атын. Интернет мөкү өрүттэрэ: гаджетка кутталлаах вирустар, албын билсиһиилэр (мошенниктар), күүстээх тутулук, харах мөлтүүтэ. Оҕолоор, бэрэбиэркэлэммэтэх саайтарга кииримэҥ, тус дааннайдаргытын кимиэхэ да биэримэҥ, спамнары тарҕатымаҥ, билбэт дьоҥҥутун кытта кэпсэтимэҥ диэн сүбэлиибин.
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.