Бэс ыйын 12 – Россия күнэ
Бэс ыйын 12 күнүгэр биһиги судаарыстыбабыт биир бэлиэ күннэриттэн биирдэстэрин бэлиэтиир. Туох күнэй, туохха аналлаах бырааһынньык буоларын биһиги билигин кыратык ырытан көрүөхпүт.
1990 сыллаахха бэс ыйын 12 күнүгэр РСФСР норуодунай депутаттарын маҥнайгы сийиэhигэр РСФСР судаарыстыбаннай суверенитетын туhунан Декларация ылыллыбыта. Бу Декларация Россия Федерациятын төрүттээбит сүрүн докумуоннарыттан биирдэстэрэ буолар. Бу докумуон ылыллан, билиҥҥи кэмҥэ биһиги Федерациябыт аан дойду биир тутаах дойдута буоларыгар тирэх буолбута.
Ону таһынан, мин санаабар, бу докумуон сүрүнэ диэн— сайдыыга быраап биэрбитэ. Билэргит курдук, биһиги дойдубутугар 190-тан тахса норуот олорор. Биһиги бары тус-туспа култууралаахпыт, тыллаахпыт. Бу норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ бэйэлэрин тылларынан холкутук саҥаралларыгар быраап биэрбит сүдү докумуон бу Декларация буолар.
Декларация ылыллыыта биһиги өрөспүүбүлүкэбит сайдарыгар эмиэ сүрүн кылааты киллэрбитэ. Бу докумуоҥҥа олоҕуран, 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр биһиги Сахабыт Сирин судаарыстыбаннай суверенитетын туhунан Декларация ылыллыбыта. Бу Декларация Сахабыт Сирин сайдарыгар күүстээх тирэх буолбута.
1992 сыллаахха бэс ыйын 12 күнүгэр Россия Федерациятын Үрдүкү Сэбиэтин уурааҕынан, ити күн бэлиэ күнүнэн биллэриллибитэ уонна Россия тутулуга суох буолуутун күнүнэн ааттаммыта.
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Россия биир улахан регионнарыттан биирдэстэрэ буолар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит Россияны кытта ыкса сибээстээх. Быйыл биһиги холбоһуктаах историябыт 388 сылын бэлиэтиибит. 1990 сыллаахха РСФСР судаарыстыбаннай суверенитетын туhунан Декларация ылыллыытыгар биһиги маҥнайгы Президеммит Михаил Николаев уонна Сахабыт Сириттэн РСФСР маҥнайгы съеһин норуодунай депутаттара улахан оруоллаахтар. Бу докумуону национальнай өрөспүүбүлүкэлэртэн Саха сирэ маҥнайгынан өйөөбүтэ.
Бэс ыйын 12 күнүгэр биһиги Россия үгүс үйэлээх историятын, сыралаах уонна дьоруойдуу суолун үйэтитэн, өбүгэлэрбит, эһэлэрбит хорсун быһыыларын ахтабыт. Билиҥҥи уонна кэлэр көлүөнэ кэскилэ биһиги уопсай үлэбититтэн, күүспүтүттэн уонна гражданскай позициябытыттан быһаччы тутулуктаах. Бу биһиги кэлэр көлүөнэлэр иннилэригэр иэспит буолар, тугу оҥорбуппутун санаан-ырытан көрүөхтээхпит, сарсыҥҥы күммүт кэскиллээх, тирэхтээх буоларын ситиһиэхтээхпит.
Ааптар: Дмитрий Апросимов, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын проблемаларын институтун аспирана.