Чурапчы улууһун Дириҥ И.Е. Федосеев-Доосо аатынан орто оскуолата 1988 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн аан бастаан агро-оскуола аатын ылбыта. Оскуола аныгы тэтимнээх олоххо сатаан үлэлиир дьону иитэн таһаарар.
Билигин агро-оскуола ырыынак инфраструктуратыгар, үөрэх уонна үлэ баазатын тэрийиигэ, оҕо урбаан хайысхатыгар үлэлииригэр улахан болҕомтотун уурар. Бүгүн биһиги Дириҥ орто оскуолатын урбаанньыт оҕолорун кытта билсиэхпит. Кинилэр туох биисинэстээхтэрин, тугунан дьарыктаналларын билиэхпит.
Спиридон Пестерев, XI кылаас үөрэнээччитэ:
— Кыра сааспыттан аҕам уһанарын көрөн улааппытым. II кылаастан саҕалаан, аҕам уһанарга үөрэппитэ. Билигин номнуо дьиэ миэбэлин оҥорон, нэһилиэгим дьонугар атыылыыбын. Биллэн турар, аҕам үтүө сүбэтинэн, хонтуруолунан. Дьон үксэ остуол, олоппос, көннөрү дуоскалары сакаастыыр. Сакаас дьыл кэммиттэн эмиэ тутулуктаах. Холобур, кыһын элбэхтэ хаар күрдьэр оҥоробун.
Ханнык баҕарар үлэ син биир ыарахаттардаах. Сорох кэмҥэ сакаас олох кииримиэн сөп, сороҕор матырыйаал тиийбэт буолан хаалар. Быйыл аҕабын кытта уһанарга аналлаах станок атыыластыбыт. Бу күһүнтэн ыла, дьэ, саҥа тэрилбинэн үлэлиэм. Элбэх сакааһы ылыам.
Света Эверстова, XI кылаас үөрэнээччитэ:
— Иллэҥ кэммэр иистэнэрбин олус сөбүлүүбүн. Ол иһин биисинэс- инкубатор көмөтүнэн дьоҥҥо сакааска таҥас тигэр буоллум. Кыра эрдэхпиттэн эбээм, норуот маастара М. К. Эверстова иистэнэрин көрөн, иистэнэр баҕа санаалаах улааппытым. III кылаастан саҕалаан, иистэнэргэ технология уруогун учуутала М.Н. Васильева уонна производственнай маастар Т. И. Эверстова үөрэппиттэрэ.
Аан бастакыбын сакааска ааспыт Саҥа дьыл бырааһынньыктарыгар мааскалары тикпитим. Маҥнай мин таҥас тигэн харчы өлөрүөм дии санаабат этим. Тоҕо диэтэр, дьон эрэнэн сакаастыа суоҕа дии саныырым. Билигин сакаас элбэх, чуолаан бырааһынньыктар чугаһаатахтарына. Үп-харчы киириитин туһунан кылгастык этэр буоллахха, холобур, биир былааччыйаны 1500 солк. тигэбин. Сыана таҥаһыттан, матырыйаалыттан тутулуктаах. Инникитин ателье арыныахпын баҕарабын.
Сахая Иванова, X кылаас үөрэнээччитэ:
—Мин “Алые паруса” оскуола актыыбын чилиэнэбин, “Дабаан” тыйаатыр куруһуогар, “Эрэл хоптото” волонтердар түмсүүлэригэр дьарыктанабын. Иллэҥ кэммэр суши уонна саахар баататын оҥорон атыылыыбын. Сушины астыырга бу сайын үөрэнним. Убайым идэтинэн повар буолан, суши оҥорорго үөрэппитэ.
Суши оҥорон, бу сайын баһаам элбэх харчыны онордубут, 30-35 тыһ. кэриҥэ, оттон саахар баататын атыылаан, 1 тэрээһиҥҥэ 3-4 тыс. оҥоруоххун сөп. Суши астыырга ыарахана диэн, киһи соҕотох сатаан кыайбат. Сакаас элбэх буоллаҕына, өр кэтэһиннэриэххин сөп. Ол табыгаһа суох. Улааттахпына, бэйэм ресторан эбэтэр кафе арыйыахпын баҕарабын. Араас экзотическай бүлүүдэлэрдээх. Баҕа санаабын толорорго күүстээхтик үлэлиэм уонна үөрэниэм.
Вася Аммосов, IX кылаас үөрэнээччитэ:
—Кыра эрдэхпиттэн маһынан уһанары интэриэһиргиибин, онно миэхэ күүс-көмө буолаллар аҕам уонна учууталларым. Нэһилиэнньэттэн сакаас ылан үлэлиибит. Холобура, хаар күрдьэр, хортуоска уурар дьааһык, саас тэпилииссэ рейкатын оҥорон атыылаабыппыт. Атыыга күрдьэх ордук хамаҕастык барар эбит. Үлэлээбит харчыбынан төлөпүөн атыыластым. Инникитин кыра оҕону сайыннарар оонньуурдары оҥорор баҕалаахпын. “Сатаа” диэн кейстаах күлүүс нобуорун мастан оҥорбуппут.
Оскуолаҕа «Уол оҕо — аҕа — учуутал» диэн ситимнээх үлэ ыытылларын түмүгүнэн, Кыайыы 75 сылыгар анаан, “Орудие Победы” диэн куонкуруска тимиртэн “Максим” пулемет оҥорон кыайдыбыт. Бу пулемету оҥоро сылдьан аҕам сыбааркалыырга үөрэттэ. Түгэнинэн туһанан учууталларбар Фёдор Трофимовичка, Альберт Анастасиевичка махтанабын.
Ньургуйаана Харитонова, XI кылаас үөрэнээччитэ:
—Карантин кэмигэр парикмахерскайдар үлэлээбэттэрин иһин аҕам баттаҕын кырыйан дьарыкпын саҕалаабытым. Баттах кырыйары олус сөбүлээн, ютубка араас ньымалары көрөн элбэххэ үөрэнним. Ордук эр дьон, уолаттар баттахтарын кырыйабын.
Сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр күүскэ үлэлээтим. Нэһилиэккэ бассаап нөҥүө биллэриибин ыытабын, дьон суруттарар. Үлэлээбит харчыбынан төлөпүөн ылынным. Үөрүүм үгүс. Үөрэх саҕаланнаҕына, оскуолам биисинэс-инкубаторыгар туспа хос ыламмын дьарыкпын салгыыр былааннаахпын.
Кирилл Петров, V кылаас үөрэнээччитэ:
Былырыын саас «хара буор сиидэлээн атыылыахха сөп дуу» дии санааммын, ийэбиттэн ыйыппытым. Ийэм биһирээбитэ уонна өйөөн түөлбэбит бассаап бөлөҕөр биллэрии ыыппыта. Ол киэһээ биэс куулу чугас ыалбыт ылбыттара. Бастакы 1250 солкуобайы ылан наһаа үөрбүтүм. Күһүн рассадаҕа, дьиэ сибэккитигэр диэн 5-тии киилэнэн пакеттарга кутан, фломастерынан «Бэйэ буора» диэн этикетка ойуулаан, оскуола дьаарбаҥкатыгар таһаарбытым. Быйыл саас 24 куул сиидэлэммит хара буору атыылаатым.
Быйылгы хамнаспынан дьонум эбэн, ускуорастаах бэлисипиэт ыллым. Билигин мантан күһүн, кыһын пакеттарга кутуллан атыыланыахтаах буорбун сиидэлии сылдьабын. Үлэм дьоҥҥо туһалыырыттан үөрэбин эрэ. Кэлин баҕар буорбун чинчийэн туох састааба тиийбэтинэн удабырыанньа эбэн ситэрэн биэриэхпин сөп буолуо дии саныыбын.
Ааптар: Айыына Трофимова