Балаҕан ыйын 7 күнүгэр Горнай улууһун Софрон Данилов аатынан Дьиикимдэ орто оскуолатыгар быйыл өрөспүүбүлүкэ агрооскуолаларын 35 сылларын чэрчитинэн сэминээр ыытылынна.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин агро хайысхалаах оскуолаларын Сойуустарыгар 96 оскуола киирэн турар. Олор ахсааннарыгар 37 – малокомплектнай оскуола, 18 – Арктика оройуоннарын оскуолалара киирэллэр. Саамай элбэх быраһыаны дьиэ сүөһүтүн иитиитинэн дьарыктананар оскуолалар — 77 % уопсай көрүҥтэн ылаллар, онон сылгыны, ынах-сүөһүнү, дьиэ табатын, сибиинньэни, көтөр кыылы көрүү бастыҥнар кэккэлэригэр киирэр. Маны таһынан өрөспүүбүлүкэ агрооскуолалара үүнээйини олордууга — 46 % үлэлииллэр.
Сэминээр ыҥырыылаах ыалдьыттара, оскуола дириэктэрдэрэ, педагогтар, үөрэх салаатын үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар. Кинилэр оскуолаларын үлэлэрин, ситиһиилэрин билиһиннэрдилэр, оскуолаларыгар баар кыһалҕаларын этиннилэр, санаа атастастастылар, сүбэ-ама бэристилэр, инники сайдыыларын тула истиҥник кэпсэттилэр. Ол курдук, бу аһаҕас кэпсэтиигэ кыттыыны ыллылар: өрөспүүбүлүкэ агрооскуолаларыгар билим хайысхатын консультана, Арктикатааҕы агротехнологическай университет испэсэлииһэ Александра Аржакова, Арктикатааҕы агротехнологическай университет профессора Константин Степанов, Софрон Данилов аатынан Дьиикимдэ орто оскуолатын дириэктэрэ Алексей Саввин, Горнай улууһун үөрэҕин салалтатын начальнигын солбуйааччыта Мария Корякина, П.И. Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолатын дириэктэрэ Дмитрий Андросов, дириэктэри агро хайысхаҕа солбуйааччы Михаил Петров, Кэбээйи улууһун И.Е. Левин аатынан Танара орто оскуолатын дириэктэри билим чааһыгар солбуйааччы Татьяна Аммосова, Хаҥалас улууһун 2-с Дьөппөн орто оскуолатын дириэктэрэ Дарья Скрябина, П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын дириэктэрэ Николай Слепцов. Маны тэҥэ Горнай улууһун 5 агрооскуолаларын салайааччылара: Кэптин орто оскуолатын дириэктэрэ Ия Владимировна, Маҕарас орто оскуолатын дириэктэрэ Максим Васильевич, Күөрэлээх орто оскуолатын дириэктэрэ Василий Васильевич уонна Атамай орто оскуолатын дириэктэрэ Матрена Николаевна.
«Төгүрүк остуол» хас биирдии кыттыылааҕа агрооскуола суолтата үрдээн иһэрин, аныгы үйэ ирдэбилигэр сөптөөх хайысхалардааҕын бэлиэтээтилэр, саҥа сайдар суоллары ыйдылар. Ыраах олорор малокомплектнай оскуолалар бастыҥ агрооскуолалар хамсаныыларын кэтээн, кинилэр үтүө холобурдарынан бэйэлэрин үлэлэригэр сөп түбэһиннэрэбит диэн маннык тэрээһиннэр ыытыллаллара улахан суолталааҕын эттилэр. Агрооскуолалар сайдыыларыгар сүрүн кылааты киллэрбит өрөспүүбүлүкэ агрооскуолаларын Сойууһун бэрэсэдээтэлигэр, СӨ Ил Түмэн билимҥэ, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, маассабай информация сириэстибэлэригэр уонна уопсастыбаннай үлэ дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлигэр Феодосия Габышеваҕа махтал тылларын эттилэр.
Сэминээр түмүгэр оскуола тиэргэнигэр яблоко маһын уонна долокунаны олортулар. Маны тэҥэ Дьиикимдэттэн төрүттээх улуу суруйааччыларга Софрон, Семен Даниловтарга, талааннаах худуоһунньукка Афанасий Осиповка аналлаах түмэлгэ сылдьан, кинилэр тустарынан билиилэрин сөргүттүлэр. Салгыы балаҕан ыйын 20 күнүгэр Уус Алдан Суотту нэһилиэгэр улахан мунньах буолара күүтүллэр.
Сиһилии биһиги матырыйаалбытыгар Арктикатааҕы агротехнологическай университет профессорын Константин Степанов уонна Дьиикимдэ орто оскуолатын биология, химия учууталын Наталья Заровняева санааларын истиэҕиҥ.
Ааптар: Снежана Воронова.
Аэлита Мир видеоҕа устуута уонна хаартыскаҕа түһэриитэ.