Күhүҥҥү үөрэх өрөбүллэрэ саҕаланаатын кытта биһиги Тереховтар дьиэ кэргэммитин кытта бары үөрэ-көтө муус ылан кэллибит.
Муус ылыыта – тыа дьонугар биир тыын боппуруоспут буолар. Кыстыгы туоруур уубутун билигин хаһааннахпытына эрэ табыллар. Сүрүн күүспүт — аҕам Петр Васильевич Терехов. Кини тордуоҕунан мууһу ууттан таһаарар, мин убайбынаан Петялыын анньыынан мууспутун соһон кытыыга таһаарабыт.
https://vk.com/clip-199463452_456242287
Ийэбит Анастасия Антоновна биһигини үлэһиттэри үүттээх сылаас чэйинэн, минньигэс аhылыгынан тото-хана аhатар үлэлээх, оттон кырачаан бырааттаах балтым сибиэһэй салгыҥҥа үөрдүлэр-көттүлэр, көрдүлэр-иhиттилэр.
Тыа сиригэр олорор олус үчүгэй! Оҕолоор, эһиги эмиэ сынньалаҥҥытын туһалаахтык атаарыҥ.
Анжелика Терехова, 10 кылаас,
“Дьоҕур” медиакиин, Кэбээйи орто оскуолата.