Нууччалыы эйгэлээх куорат сиригэр оҕону төрөөбүт ийэ тылынан иитэр-үөрэтэр Саха политехническай лицей, уруккута 14-с оскуола, барытыгар дэгиттэр ыччаты олоххо бэлэмнээн таһаарар соруктаах үлэлиир. Дириэктэр Н.К. Тимофеева мындыр салайыытынан, учууталлар хас биирдии үөрэнээччи дьоҕурун таба көрөн сайыннарарга кыһаллаллар.
Бу лицейгэ, өссө “WorldSkills” хамсааһын Саха сиригэр киэҥник тарҕаныан инниттэн, оҕо оскуоланы орто анал идэлээх бүтэрэригэр усулуобуйа оҥоһуллубута, дуальнай үөрэхтээһин киирбитэ. Ол түмүгэр парикмахер, суоппар, повар идэлээх, ону сэргэ сатаан иистэнэр, уһанар, ойуулуур-дьүһүннүүр, астыыр сатабыллары иҥэринэн тахсаллар.
Идэҕэ уһуйууну таһынан, кэрэ эйгэтин кытта алтыһыннаран, баай дууһалаах, үчүгэйгэ талаһыылаах дьону иитэр соруктаахтар. Ол курдук, “Музыка для всех” бырайыак СПЛ-га күүскэ үлэлиир, бүтүн кылааһынан инструмеҥҥа оонньууллар.
Лицей оҕолоро, оскуолаларын эркиннэриттэн тахсыбакка, үрдүттэн сылдьан, үөрэхтэрин кэнниттэн ырыаҕа-үҥкүүгэ, төрүт инструменнарга уһуйуллар кыахтаахтар.
Күпсүүргэ, табыкка, хомуска үөрэтэр “Добун” норуодунай ансаамбыл (сал. М.И. Сокольникова-Мохначевская) барабаанньыт уолаттара, хомусчут кыргыттара аан дойду араас дойдутугар баран аатыраллар, норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарга өрүү бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьаллар.
“Добун” ырыаһыттарын Альбина Александровна Шубина эрчийэр. Бастыҥ үөрэнээччитэ Катя Винокурова “Саха” НКИХ ханаалынан көстөр “Эн — сулускун” бырайыакка кыттыбыта. Ансаамбыл оҕолоро соҕуруу баран, лауреат аатын ылан, ситиһиилээхтик кыттан кэлэллэр.
“Добуннар” хас сыл ахсын отчуоттуур кэнсиэри Дьокуускай улахан саалаларыгар тэрийэн ыытар үгэстээхтэр. Онно көрө олорон: “Музыкальнай буолбатах, көннөрү оскуола эрээри, наһаа да оҕолоро талааннаахтар эбит”, — дии саныыгын. Ол, биллэн турар, учууталлар сыралаах үлэлэрин ситиһиитэ, хас биирдии оҕону кытта дьаныардаахтык дьарыктаныы түмүгэ.
Бу олунньу 15 күнүгэр буолбут кэнсиэр “Добун” вокалистарын отчуотугар ананна. Ол быыһыгар этно-фольклорнайдар уонна үҥкүүһүттэр нүөмэрдэрэ киирэн биэрэн, дьоро киэһэни өссө тупсардылар.
Опера ырыаһытын курдук ыллыыр Мария Кириллованы, балет артыыһын курдук имигэстик хамсанар Вадим Старостины, эстрада сулустарыттан хаалсыбат К. Винокурованы, А. Потапованы, “Добун” ырыаһыттарын уонна барабаанньыттарын, оскуола хорун көрөөччүлэр олус биһирээтилэр, ытыс дохсун тыаһынан көрүстүлэр.
—“Добун” баар буолан, уолаттарбыт эбиэттэн киэһэ дьарыктаахтар, киһи да, талаан да өттүнэн сайыннылар. Ол курдук, улахан уолум Айтал Толстяков 5-с сылын “Добун” этно-фольклорнай ансаамбылыгар сылдьар. Олус сөбүлүүр күпсүүргэ оонньуурун. Сыанаҕа, дьон иннигэр үчүгэйдик тутта-хапта сылдьартан саҕалаан, төрүт үгэскэ уһуйуллан, саха буоларынан киэн тутта улаатан эрэриттэн үөрэбит, оскуолаҕа махтанабыт. Кыра уолум Мичил бастакы эрэ кылаас. Уонна номнуо “Добун” ырыа ансаамбылыгар сылдьан, кэнсиэртэргэ кыттан эрэр. Бу лицейгэ оҕо үөрэх кэнниттэн дьарыктаах буолуутугар, уруок таһынан эбии эрчиллэригэр болҕомтолорун уураллара хайҕаллаах, – диир төрөппүт Л.М. Архипова.
Төрөппүт махтала, оҕо сайдар кэскилэ – бу былааннаахтык, киэҥ далааһыннаахтык уонна ситимнээхтик үлэлиир оскуола туоһута.
А.Иевлева.