Олус итии сайын буолан, бэл, Саха сирин хотугу улуустарыгар отуттан тахса кыраадыс турар. Килиимэт уларыйыыта экологияҕа улахан охсууну оҥорор. Ойуур баһаара туран, улахан иэннээх тыа уокка былдьанар. Дьааҥы Табалааҕар эмиэ маннык кыһалҕа тирээбитэ иккис сыла буолла.
Мин дойдум Табалаах элбэх күөллээҕинэн биллэр. Хас биирдии күөл тулата сис хойуу тыанан эргиччи үүнэн, чэчирээн турара көрөргө астык да буолар!
Ол эрээри айылҕа кэрэни айар да, алдьатар да сүдү күүстээх. Кэнники сылларга сайын олус итии, +30 кыраадыстан тахса буолар буолан, ойуур баһаара, өрт туран, бу икки сыл сайын хаарыан тыабыт күл, хоруо, көмүөл буолла…
Биһиги сөбүлээн сир астыыр сирбитин уот сиэбитин умуруорар кыаҕа суохпутуттан киһи наһаа хомойор, абарар. Хойуу да сугуннаах, үөһэ халлаан диэки тардыһа үүммүт тииттэрдээх, талах арааһа арыылардаах сирбит буорайда…
Баһаар кэмигэр олохтоохтор, быйыл 11 кылааһы бүтэрбит уолаттар, араас тэрилтэлэр үлэһиттэрэ бэйэлэрин баҕаларынан айылҕа көмүскэлигэр туран, уоту умуруорууга бары сылдьаллар, кыахтара тиийэринэн үлэлииллэр.
Ол да буоллар, билигин дьиэ кэргэнинэн оттуу сылдьабыт. Сайын хас биирдии күн былдьаһык, сүөһүбүтүн иитиэхпитин наада. Эбэм ынах сүөһү тутар, бэйэбит сылгы иитэбит.
Ааптар: Сахаяна Эверстова, 10 кылаас үөрэнээччитэ. Табалаах, Дьааҥы.