Аан дайды иччитэ барыбытыгар биир ээ, Намыл күөгэй хотой нуоҕай Хотун ийэ барахсан ! Ити да иһин саха киһитэ ханна да сырыттын, ханна да тиийэн бүктүн – син биир эриэ дэхси олоҕу олорон ааһар эбит. Бу да түбэлтэҕэ Уус Алдан Дүпсүнүттэн төрүттээх саха кыыһа киин сиргэ олохсуйан, дьон-сэргэ төрдө буолбута наһаа үөрүүлээх суол. Кэпсэлим дьэ ити туһунан буолуо…
Худуоһунньук идэлээх Иван Нелунов «Күлүгүрбэт күлүктэр» кинигэтигэр «Улуу художник Илья Репин хараҕын далыгар киирбит саха дьахтара» диэн ыстатыйалаах. Онно народник , дворянин Николай Павлович Странден кыыһа Марта Николаевна туһунан суруллубут. Нуучча улуу худуоһунньуга Илья Репин бу дьахтары 1898 сыллаахха муус устар 17 күнүгэр хайдах уруһуйдаабытын туһунан.
Аҕатын дьылҕата тардан
Бу кыыс аҕата Николай Павлович Странден дьиэ көскө Дүпсүн Чэриктэйигэр олорбута. Ол төрүөтэ маннык.
1867 сыллаахха кинини К.В.Каракозов дьыалатыгар күтүрээбиттэрэ. Ыраахтааҕыны өлөрө сатааһынҥа буруйдаан. Уһун сыллаах күлүүс хаайыытыттан чэпчэтии көрөн, Саха сиригэр аҕалбыттара — Дүпсүн Чэриктэйигэр. Кини итиннэ олохтоох дьахтары кэргэн ылан, биэс оҕолонор. Болдьоҕо бүтэн , 1885 сыллаахха Пензаҕа көһөрүгэр , үс оҕотун Мартаны (Марфа) , Иннокентийы, Сергейи илдьэ барар. Кэргэнэ икки оҕотун кытта дойдутугар хаалбыта.
Пензаҕа тиийэн, Николай Павлович соҕотох кыыһын үөрэттэрэр. Марта музыка, уруһуй эйгэтигэр ордук сыстаҕаһа. Ол быһыытынан Санкт-Петербург консерваториятыгар туттарсыбыта.
Сиэнэ уол Сергей Анатольевич Волков этэринэн , Марта Николаевна пианистка эбит. Аһары элбэхтик оонньууруттан тарбаҕа ыалдьар буолбут. Ол иһин пианистаан бүппүт. Бу оннугар Строгановскайдааҕы үрдүкү художественнай училищаҕа киирэн, худуоһунньук идэтин баһылыыр. Итиннэ үөрэнэр сылларыгар улуу худуоһунньук Илья Репины көрсүбүтэ.Ол түмүгэр ити үөһэ ахтыллар хартыына уруһуйдаммыт эбит.
Ыал ийэтэ
Марта Николаевна консерваторияҕа уонна художественнай училищаҕа үөрэнэр сылларыгар талааннаах дьоҥҥо түбэһэн, билиитэ-көрүүтэ, сылдьар ыыра кэҥиир.
1907 сыллаахха олоҕун аргыһын Пензатааҕы художественнай училище студенын Валентин Викторович Волковы ( 19.04.1881 – 8.11.1964) кытта билсэр. Марта Николаевна ити кэмҥэ музыкальнай уонна художественнай үөрэхтээх саха биир мааны кыыһа эбит. Аҕатын дойдутугар Пензаҕа олорбут быһыылаах. Эдэр дьон сүрэхтэрин сылааһын холбоон, ыал буолбуттар. Нөҥүө сылыгар Пенза куоракка Марта Николаевна уол оҕону – Анатолийы төрөтөр. Кинилэр бу кэнниттэн үһүөн Санкт-Петербурга 1919 сылга диэри олорбуттара. Валентин Викторович Волков дьонун илдьэ ити сыл Минскэйгэ тиийэр. Мантан ыла кинилэр ханна да халбаҥнаабакка бу куораты дойду оҥостон барбыттар.
Валентин Викторович айар үлэтин күнэ-ыйа манна сандааран тахсар. Белорусия 1926, 1938 сыллааҕы гербэлэрин ааптара, норуодунай худуоһунньук буола үүнэр-сайдар.
Ыал соҕотох уола Анатолий Волков ийэтин уонна аҕатын утумнаан худуоһунньук үөрэҕэр киирэр. Витебскэйгэ 1925-1930 сылларга бэрт үчүгэй маастардар Ф. А. Фогт, М. Г. Эндэ, В. В. Волков уһуйууларын ааһар. Уоллара үөрэнэр кэмигэр аҕата Харьковка үлэлээбит курдук. Онон дьиэ кэргэн ити сылларга Харьковка олоро сылдьыбыт быһыылаах. 1933 сыллаахха Анатолий Валентинович худуоһунньук идэлэнэн, Минскэйгэ төннөр . Кэлээт да республика художественнай олоҕор кыттыбытынан барар…
Иллээх-эйэлээх олох сотору кэминэн тохтообута. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии саҕаланар. Бэс ыйын 28 күнүгэр немец сэриилэрэ Минскэйгэ киирбиттэрэ. Үс сыл устата Минск куорат өстөөх илиитигэр түбэһэр. Волковтар дьиэ кэргэннэрэ ити курдук оккупация ыар тыынын этинэн-хаанынан билбитэ. Марта Николаевна Волкова – Странден сырдык тыына Минск куоракка быстыбыт.
Оккупация дьайыыта
Валентин Викторович Волков бастакы кэргэнэ Марта Николаевна Странден буолар. Кинилэр сотору кэминэн арахсыбыттар.Соҕотох уоллара Анатолий ийэтин-аҕатын эҥэрдэһэн сылдьыбыт. Бу кэнниттэн Волков үстэ кэргэннэммит.
Валентин Викторович Волков атын кэргэниттэн икки кыыстаммыта. Балары оккупация кэнниттэн кимнээх эрэ КГБ-га үҥсүбүттэр. Немецтэри кытта сибээстэһэр этилэр диэн. Бу иһин Нина уонна Ирина Волковалары сэбиэскэй хаайыыга укпуттара. Нина итиннэ өлбүт. Ирина тыыннаах хаалан, 1950 сылларга төттөрү эргиллибит.
Марта Николаевна уола Анатолий Волков үс оҕолоох эбит. Балар немецкэй оккупацияттан кыл мүччү тыыннаах хаалбыттар. Улаханнара кыыс оҕо 1940 сыллаахха төрөөбүт. Уоллара Сергей 1942-гэ. Сэрии бүппүтүн кэннэ, Сергей эдьиийин кытта аатырбыт худуоһунньук Сергей Петрович Катков куруһуогар дьарыктаммыттара. Эдьиийэ кэлин Белоруссиятааҕы театральнай-художественнай институкка туттарсыбыт. Онно эһэлэрэ Валентин Викторович кафедра сэбидиссэйинэн үлэлии сылдьыбыт.
Сиэн уол уонна кини сиэннэрэ
Марта Николаевна Странден сиэн уола Сергей Анатольевич Волков. Кини билигин Белоруссия биир биллэр худуоһунньуга.Эбэтин уонна эһэтин үчүгэйдик өйдүүр-саныыр киһи. Эбэм саха дьахтара, пианистка, худуоһунньук этэ диэн киэн тутта ааттыыр.
Аҕатын Анатолий Валентинович баай архыыбын энчирэппэккэ харыстаабыт. Ол курдук 330 бастыҥ уруһуйун белорусскай литература историятын муһуойугар бэлэхтээн турар. Тоҕо диэтэххэ, аҕата Анатолий Валентинович сааһын тухары оҕо кинигэлэрин киэргэтиигэ үлэлээбит. Онон белорус оҕолоругар аналлаах литература историятын биир кэрэһитэ буолбут.
Бу уруһуйдары Белоруссияҕа оҕо литературатын классикатын курдук сыаналыыллар.
Сергей Анатольевич урукку өттүгэр станковай графикаҕа ылса сылдьыбыт. Кэлиҥҥи сылларга автолитография үлэлиир. Акварельнай сериата олус элбэх. Аҕатын утумнаан, кинигэни иллюстрациялыыр.
Сергей Анатольевич кыыс оҕолоох. Онтукайа ыал. Аспирантураны бүтэрбит математик идэлээх дьахтар. Кини билигин бөдөҥ фирмаҕа бизнеһынан дьарыктанар.Иллэҥ кэмигэр уруһуйдуур эбит. Аҕата этэринэн, уруһуйдуох киһи атын идэни талбыт. Кыра эрдэҕинэ таах үөрэппэтэхпин диэн Сергей Анатольевич кэмсинэ саныыр эбит.
Кини икки сиэннээх : Даша уонна Федор. Иккиэн үөрэнээччилэр. Уруһуйдуур дьоҕурдаах эбиттэр. Илии-атах буолан, мастарыскыайтан арахпакка, эһэлэрин дьоллуур, астыннарар дьон буолбуттар. Дьэ ити курдук, уруу-аймах белорусстар Марта Николаевна Странден хаанын салгыы тэнитэ-ууһата сылдьаллар эбит.
А.Павлов-Дабыл.