Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү орто оскуолатыгар Бэйэни салайыныы күнэ буолла. 11-с кылаас үөрэнээччилэрэ дириэктэри, завуһу, учууталлары солбуйан, уруоктары биэрдилэр, бэрээдэги көрдүлэр. Кинилэр уруоктарыгар кыһаллан бэлэмнэннилэр, расписаниены оҥордулар, оскуолабытын үөрэх күнүгэр бэлэмнээтилэр. Биһиги, оҕолор, бу күнү сыл аайы үөрэ-көтө кэтэһэбит.
Оҕолору кытта кэпсэтэн, бүгүҥҥү күн хайдах ааспытын, ким эбээһинэһин толорбуттарын уонна маннык күн ыытыллара туох туһалааҕын туһунан ыйыталастыбыт.
Айсан Егоров, 10-с кылаас үөрэнээччитэ:
— Бэйэни салайыныы күнэ тэрээһиннээхтик ааста. Инникитин учуутал идэтин талар оҕоҕо туһалаах дии санаатым.
Кеша Бурнашев, 9-с кылаас:
Маннык тэрээһин ыытыллара үчүгэй. Улахан оҕолор самостоятельнай буолалларыгар көмөлөһөр.
Лия Аталларова, 11-с кылаас:
— Бүгүн саха тылын учуутала Кыыма Гаврильевна оннугар уруок ыыттым. Үчүгэйдик ааста.
Петя Семенов, 11 кылаас:
— Мин бүгүн дириэктэр эбээһинэһин толордум. Оҕолор хайдах үөрэнэллэрин көрдүм. Бу күн оҕолор оскуола иһинээҕи үлэни бэйэбит бас билэн, дьаһайарга үөрэнэбит. Учуутал идэтин билсиһэргэ эмиэ көмөлөөх.
Аскалон Иванов, 11 кылаас:
— ИЗО уонна география уруоктарын үөрэттим. Учуутал буолан, үөрэтэр интэриэһинэй эбит. Ким эмэ учуутал идэтин талыан баҕарар буоллаҕына, бу тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттан, уруок биэрэн быһаарыныан сөп эбит дии санаатым.
Дайаана Федорова, 11-с кылаас:
— Завуч оруолун толордум. Анаммыт оҕолор уруоктарын бары эппиэтинэстээхтик биэрдилэр. Мин биология уонна английскай тылын үөрэттим. Сөбүлээбэтэҕим диэн, сорох оҕолор кыратык мэниктээтилэр.
Бу курдук кэтэһиилээх күммүт олус көрдөөхтүк, интэриэһинэйдик ааста. Оҕолор учуутал үлэтэ элбэх билиини, болҕомтону, сыраны эрэйэр эбит диэн түмүккэ кэллилэр.
Суруйдулар: Алина Санникова, 8-с кылаас, Илона Руфова, 9-с кылаас.
Хаартыскаҕа түһэрдилэр: Гульнара Тобохова, 8-с кылаас, Дайаана Гаврильева, 9-с кылаас.
«Эрчим» корпост, Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү оскуолата.