Тохсунньу 26 күнүгэр Бүлүү улууһун бибилэтиэкэтигэр биһиги биир дойдулаахпыт, улуу талааннаах суруйааччыбыт И.М.Гоголев-Кындылга аналлаах аһаҕас уруок буолла. Уруок «Өйгүн үтүөҕэ эрэ туһан» диэн тиэмэни арыйан, ыытылынна.
Уруогу биһиги оскуолабыт учуутала Н.Д. Семёнова, Чинэкэ нэһилиэгин «Кыталык» норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ уонна нэһилиэк бибилэтиэкэрэ Л.П. Корякина тэрийэн ыыттылар.
Биһиги оскуолабыт XI кылааһын үөрэнээччилэрэ бу уруокка көхтөөхтүк кыттан, Кындыл Уйбаан хоһоонун ааҕан, ырыатын ыллаан, тэрээһини сэргэхситтилэр.
Бу уруокка Бүлүү куорат оскуолаларын үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ сырыттылар. Ыалдьыттар Кындыл Уйбаан туһунан сэргээн иһиттилэр. Бүлүү улууһун талааннаах суруйааччыта И.М.Гоголев-Кындыл аата ааттана, айар талаана кэрэхсэнэ турдун!
«Чинэкэ кэскилэ» эдкорпост.