Алтынньы 20 күнүгэр оскуолабыт 100 сылын көрсө «Маҥнайгы оскуола турбут сирдэринэн» түөрт тохтобуллаах сатыы айаҥҥа 5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ уонна учууталлар буолан астына сылдьан кэллибит. История быыһын саха тылын уонна литературатын учуутала Антонина Павловна Филиппова сэгэттэ.
Антонина Павловна 1921 сыллаахха «Хайахтаахха» маҥнайгы оскуола арыллыбытын, онно Михайлов Николай Петрович (Кээйэ уола) уолунаан Саввалыын улахан өҥөлөөхтөрүн оҕолорго сиһилии сырдатта. Оччолорго 17 саастаах педтехникум студена Савва Николаевич Чыамайыкыга оскуоланы астараары дьону түмэ тардыбыт. Куоракка киирэн үрдүк салалталарга оскуола астарары туруорсан, «Хайахтаахха», аҕатын кыстык дьиэтигэр, маҥнайгы үөрэх кыһатын аспыт.
Хас биирдии тохтобул историческай суолталааҕын биллибит. Учууталбыт кэпсээнин сэӊээрэн иһиттибит, алгыстаах алаадьыбытын уурдубут, хаартыскаҕа түстүбүт.
1 тохтобул — 1921 сыллаахха аһыллыбыт оскуола дьиэтэ билигин нэһилиэкпитигэр көһөрүллэн кэлэн турар, ону көрдүбүт. Бу дьиэ Михайлов Николай Петрович (Кээйэ уола) кыстык дьиэтэ эбит. Оҕолору үөрэтэргэ дьиэ-уот суоҕун иһин, кыстык дьиэтин оскуолаҕа анаан биэрбит.
2 тохтобул — маӊнайгы оскуола турбут сиригэр «Хайахтаахха» сырыттыбыт.
3 тохтобул — 1923-1925 сс. «Маарга» үөрэх буолбут эбит. Ол сири баран көрдүбүт. Ол кэмнэргэ үлэлээбит учууталлар туһунан кэпсээни иһиттибит.
4 тохтобул — оскуолабыт. Оскуолабыт олбуорун иһигэр 1925 сыллаахтан уопсайа үс оскуола тутуллубут эбит. Yһүс, 2003 сыллаахха тутуллубут, билигин үөрэнэ сылдьар оскуолабыт таһыгар, экскурсиябытын оскуолабыт гиимнин толоруунан түмүктээтибит.
Оскуолабыт историятын дириӊэтэн, бу сирдэри кэрийбиппититтэн, илэ харахпытынан көрбүппүтүттэн оҕолор олус астынныбыт, элбэҕи биллибит.
Чыамайыкы орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччилэрэ
Настя РОМАНОВА, Ангелена ФЕДОРОВА, «Проба пера» эдкордара.