Өймөкөөҥҥө Олоҥхо ыһыаҕа ааста
Эргиллэ туруом эйиэхэ, Өймөкөөн!
Үрдүк таас хайа ыалдьыта буоламмын,
Сиккиэр тыаллыын сиэллэрэн кэлиэҕим,
Сырдык күнтэн мин сылааһын ыламмын,
Хас биирдии дьоһун дьонум дьолугар тиэрдиэҕим.
Эргиллэ туруоҕум эйиэхэ, Өймөкөөн,
Кыһынын үрүҥ хаар, сайынын күн уота, кустук буоламмын
Индигир кытылын сылаас тыал кэриэтэ бигээн ыллыаҕым
Ахтылҕан сырдык уотугар уйдараммын.
Үчүгэйтэн айан аартыгар тахсыам,
Алгыстаах уһун суолбунан айанныам,
Томтортон үрдүккэ күүскэ дабайыам
Төрүппэр дойдубар дьол, үөрүү таарыйдын!
Өйүмү үрэх урсунан тыллыаҕа,
Чысхааннаах дьыбар, тумарык тымныыбыт,
Сүрэхпит сылаас тыынынан тахсыаҕа,
Өймөкөөн үүнэ-сайда турарын тухары!
Руслан Платонов,
Уус Ньара,
08.05.2020.
Ырыа буолбут хоһоон ааптара
Бу Өймөкөөн туһунан ис киирбэх ырыа ааптара “Биир ньыгыл Россия” Бүтүн Россиятааҕы паартыйа Саха сиринээҕи толорор кэмитиэтин салайааччыта Руслан Михайлович Платонов. “Бу хоһоону мин убайбар, доҕорбор, саха омук чулуутугар, дьиҥ Эбэ киһиэхэ Александр Крыловка анаабытым”,—диир Руслан Михайлович. Матыыбын эмиэ бэйэтэ айбыт. Ааптар 350 хоһооннооҕуттан уона ырыа буолан ылланаллар.
“Биир ньыгыл Россия” Бүтүн Россиятааҕы паартыйа Саха сиринээҕи толорор кэмитиэтин салайааччыта Руслан Михайлович Платонов Таатта улууһугар Сергей Степанович Михайлов уонна Дьокуускайга Алексей Петрович Герасимов дьиэ кэргэттэригэр “Чуораанчык” сурунаал сыл аҥаардах сурутуутун бэлэхтээтэ.
Оҕо ааҕыытын, сахалыы эйгэни кэҥэтиини өйүүр Руслан Михайловичка ис сүрэхпититтэн махтанабыт.
Жанна Леонтьева.