Ахтыыгын уонна эҕэрдэҕин суруй диэн бэйэлээх бэйэм сурунаалларым көрдөстүлэр. Соһуйдум, ол эрээри үөрдүм!
Мин, «Чуораанчык»-«Колокольчик+» оҕо сурунаалларыгар, 2010 сыл олунньу ыйыгар Галина Алексеевна Бочкарева сүбэтинэн редакторынан ананан кэлбитим. Оччолорго оҕо сурунааллара сылга 8-та 2 бэчээтинэй илиистээҕэ, ол аата 16 сирэйдээх эбит уонна бэрт боростуой соҕус «ВХИ» диэнинэн биллэр кумааҕылааҕа.
Ол кэмтэн ыла, номнуо 12 сыл ааста. Билигин глянцевай диэн аныгылыы эттэххэ «мааны», оҕо хараҕын тардар уонна балачча «эттэнэн-сииннэнэн», 3,5 бэчээтинэй илиискэ, өссө хас кыбаартал аайы эбилик сыһыарыылаах буолла. Дьэ, кырдьык, күүтүүлээх-кэтэһиилээх күндү ыалдьыт буолан саха оҕолорун ааҕыы алыптаах остуоруйатыгар ыҥырар, угуйар.
Чугдаарыйар «Чуораанчыктар»-«Колокольчиктар» айымньылаах түһүлгэлэрэ, үлэлиир эйгэлэрэ сүрдээх киэҥ: ол бастатан туран, кырачаан киһиэхэ анаан суруйар дьону, ордук оҕо суруйааччыларын бэйэтин тула түмэр үгэһин бу сыллар усталарын тухары тутан кэллэ. Редакция ыллыктаах этиитин өйөөн, СӨ «Суруйааччыларын Ассоциацията» (О.Г. Сидоров) «Айар ыллык» диэн үчүгэйкээн куонкурустаах. Бу бырайыак үбүлэнэр бириэмийэ харчылаах буолан, дьон санаатын ууран остуоруйаны да, кэпсээни кытта айара, онуоха сөптөөх видеону кытта устара барыбытыгар да олус наадалаах.
Редактор киһи айар эрэ куттаах буолуохтаах дииллэр, ити өйдөнөр, ол гынан баран, кини бастатан туран сирдээччи, көҕүлээччи уонна тэрийээччи быһыытынан күүстээҕэ уратытык тутуллара сөптөөх курдук. Дьиэ кэргэҥҥэ иитии сылаас эйгэтин тэрийии, үөрэхтээһин бары салаатын хабыы, оҕо уһуйааннара, оскуолалар, төрөөбүт төрүт тылынан саҥарыы, иитиллии уратытын иҥэрии, ааҕар нацияны иитэн таһаарыы курдук сүрдээх киэҥ үлэлээх ээ — редакция.
Бэйэм кэммэр, оччолорго 1987 сыллаахха, саха оҕолоругар соһуччу үөрүүнү аҕалбыт, бу сурунааллар баар буолар дьылҕаларын түстэспит Александр Васильевич Мигалкины (Саха сирин Комсомолун уобаластааҕы кэмитиэтин сэкирэтээринэн үлэлээбит кэмнэригэр) уонна «Чуораанчык» маҥнайгы редактора — народнай поэт Р.Д. Ермолаевы-Баҕатаайыскайы кытта билсибит, бодоруһан ааспыт дьоллоох киһи эбиппин. Александр Васильевич бу курдук этэрэ уонна санатара: «Татьяна, редактор эрэ буолларгын, бары өттүгүн көрүнээр эрэ. Хаһан да, хайдахтаах да балаһыанньа тыҥаан кэллэҕинэ, өрөспүүбүлүкэни салайар киһи кынатыттан сурунаалларгын түһэрээйэҕин. Учредитель кинилэр буолуохтаахтар, сол курдук суолталаахтар бу оҕо сурунааллара. Ону өйдөөрүҥ…».
Оттон Рафаэль Дмитриевич миигин: «Мин оҕом, Таанньа», — диэн таптаан аатыыра. Кырдьаҕастар күннэригэр, эбэтэр төрөөбүт күнүгэр Иван Васильевич Мигалкины кытта тиийэр этибит. Өр олорон кэпсэтэрбит, кэлин аһары чараас буолбут «Чуораанчыгын» көрө-көрө дэлби хараастара. Онтон сайдыыны тутан туруорсуу буолбутутугар, саамай үөрбүт кини этэ, ол туруорсуулары кини билэн-көрөн баран бу дойдуттан суох буолбута… Ытык кырдьаҕас, маҥнайгы редакторбыт үтүө алгыстаах сүбэтинэн, оччолорго биһиги Егор Афанасьевич Борисовка кэпсээн, көрдөрөн, быһааран хотуулаахтык туруорсубуппут. Биһигини ордук өйөөччүлэринэн бүтүн общественность буолбута, үтүө доҕотторбут — баспытааталлар, учууталлар уонна оҕо суруйааччылара буолбуттара: С.А.Попов-Сэмэн Тумат, И.В. Мигалкин, В.В. Ушницкай-Сэки, К.И. Сосин уо.д.а.
Билигин оҕо уус-уран, литературнай сурунаалларын редакцията, ааҕааччыларын кэмигэр тутан, сайдыы суолун тутуһан саҥа таһымҥа үктэннэ. 2020 сылтан ыла «Медиа-микс» диэн сүрдээх интэриэһинэй, сайыннарыылаах форматы тутта. Оҕо ааҕар, көрөр уонна истэр, үтүктэр, оонньуур. Бу барыта бииргэ хомуллан тахсар, бэчээттэнэр. Кыһабытыгар методическай сулууспа салаата тэриллиэҕиттэн, учууталларбытын, иитээччилэрбитин кытта өссө ордук систиэмэлээхтик үлэни бары сүбэлэһэн тэрийэн ыытабыт. Ол түмүгэр иитээччигэ көмө методическай пособияны эбии туһанныннар диэн таһаарар буоллубут. Бэрт сотору нууччалыы тыллаах «Колокольчик+» Арассыыйа эрэгийиэннэригэр тарҕанар буоларын ситиһэ сатыыбыт, Арассыыйа сурутуутун каталогар киириэхтээх. Бу эмиэ сайдыыбыт биир үөрүүлээх түгэнэ буолар.
Күндүтүк саныыр кырачаан ааҕааччыларбытын, доҕотторбутун, 35 сааспытын туолар үөрүүлээх күммүтүнэн бэйэ-бэйэбитин истиҥник эҕэрдэлэһиэх. Сурунааллар сайдыыларыгар, инникитин да кумааҕынан бэчээттэнэн баар буолалларыгар эһиги көмөҕүт сүҥкэн улахан.
«Чуораанчык»-«Колокольчик+» оҕо сурунаалларын сүрүн редактора Татьяна ЖИРКОВА.