Чокуур Гаврильев диэн чаҕылхай ааты «Кэскил» хаһыат эрэллээх ааҕааччыта, сүгүрүйээччитэ буоларым быһыытынан, аан бастаан «Кэскилгэ» аахпытым.
Бу күннэргэ «Кэскил» саһарбыт лиистэрин арыйталыы олорон, оҕо сааспар аахпыт, өйдөөн хаалбыт строкаларбын булан ыллым: «Олимпиадаҕа 140 оҕо кыттыбытыттан уолун ахсаана тарбахха баттанар. Жюри Х кылаас үөрэнээччитэ Чокуур Гаврильевы ордук чорботто. Чокуур саха тылыгар уонна литературатыгар тылынан, суругунан үлэлэргэ оҕону барытын кэннигэр хаалларан I миэстэни ылла», – диэн, «Кэскил» 1991 сыллааҕы тохсунньу 26 күнүгэр бэчээттэммит.
Билиини тургутуу
«Кэскил» геройа Чокуур улаатан, ситэн-хотон, билигин СӨ Сибээскэ уонна информационнай технологияларга миниистирин солбуйааччы. Оччотооҕу кэми Чокуур Николаевич ахтан-санаан ааһарыгар көрдөстүбүт:
– Оскуолатааҕы кэммэр саха тылын, литературатын, нуучча тылын, физика, ахсаан улуустааҕы олимпиадаларыгар кыттарым. Саха тылыгар, литературатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан ыытыллыбыт олимпиадаҕа кыттан, бастаабытым. Олимпиадабыт 1 №-дээх ДьПУ-га ыытыллыбыта. Оҕолору кытары билсэн, алтыһан, элбэх доҕордоммутум. Ол кэннэ, дьэ, суругунан суруйсуу саҕаламмыта. Оччолорго, билиҥҥи курдук буолуо дуо, киһи суругунан кэпсэтэрэ, санаатын сайа суруйара.
Ааҕабын…
– Оҕо эрдэхпиттэн ааҕабын. Аан бастаан сөбүлээн аахпыт кинигэм – «Кылааттаах арыы» («Остров сокровищ») диэн Р. Стивенсон айымньытын бэртээхэй тылбааһа этэ. «Волшебник изумрудного города» кинигэни умсугуйан ааҕан баран, доҕорбор кэпсиир этим. Дьиэбитигэр араас дойдулары сырдатар энциклопедиялар бааллара. Аҕабын кытары киэһэ аайы хаһыат, сурунаал ааҕарбыт. «Бэлэм буол» («Кэскил»), «Пионерская правда» оҕо хаһыаттара, «Веселые картинки», «Юный техник», «Огонек» сурунааллар бааллара. «Бэлэм буолтан» оҕолор суруйууларын, бэйэм саастыы оҕолор тустарынан ааҕарбын ордорорум. Учууталларым этэн, оскуола олоҕун туһунан Бүлүү улууһун хаһыатыгар, «Бэлэм буолга» эмиэ, хам-түм суруйарым.
Үтүө дьарык этэ
– Оскуолаҕа политическай кылаас чааһа диэн ыытыллара. Бу санаатахха, оҕону ааҕар, саҥарар, толкуйдуур дьоҕурун сүрдээҕин сайыннарар дьарык эбит. Маҥнайгы кылааска үөрэнэ сылдьан, линейкаҕа кэпсээбиппин бары чуумпуран олорон истибиттэрин өйдүүбүн. Онно: «Сэбиэскэй Сойуус эйэни баҕарар, ону Рейган сэриинэн ииригирэр», – диэн иһитиннэрбитим. Үрдүкү кылааска тахсыбытым кэннэ, аҕам политология элбэхтик суруллубут «Огонегун» ыйан-кэрдэн аахтарара.
Оччоҕо эрэ сайдабыт
Ааҕар үтүө дьарыктааҕа кэлин Чокуурга чахчы көмөлөспүтэ. Оҕо эрээри, нэһилиэк бибилэтиэкэтин ааҕан бүтэрэ сыспыт ааҕааччы Чокуур Гаврильев оскуолатын үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрэн, Турцияҕа норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыларга үөрэнэн, политолог идэтин ылбыта.
– Оҕолоор, элбэхтик ааҕыҥ. Кинигэни аахпыт киһи тыла-өһө хомоҕой, сөпкө суруйар, таба саҥарар, билэрэ-көрөрө киэҥ, фантазията баай буолар. Мин санаабар, оскуола, уһуйаан, төрөппүт оҕону аахтарарга угуйуохтаах, соҥнуохтаах. Кумааҕы хаһыаты, сурунаалы, кинигэни ааҕар, көрөр эрэ буоллахпытына сайдабыт. Сыта-тура толкуйдаан, ырытан ааҕыы, кинигэни кытта соҕотоҕун алтыһыы саҕа үчүгэй туох да суох, – диэн Чокуур Гаврильев «Кэскил» ааҕааччыларыгар сүбэлээтэ.
Кэпсэттэ
Жанна ЛЕОНТЬЕВА.