Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Төрүччү» куонкурус кыттыылааҕа — Виолетта Березкина, Г.В. Егоров аатынан Мүрү 1-дээх орто оскуолатын 7 «В» кылааһын үөрэнээччитэ. Бырайыак салайааччылара: Рожина Е.Т., Лыткина Л.Б.
Үлэм тоҕоостооҕо: Хайа баҕарар үүнээйини силис тартардахха эрэ силигилии үүнэр. Киһи эмиэ ол кэриэтэ төһөнөн үчүгэйдик төрдүн-ууһун билэр да, олоҕор ордук ситиһиилээх, кыахтаах буолар диэн биһиги өбүгэлэрбит муударай өйдөбүллээхтэр. Ол да иһин: “Тоойуом, ким оҕотоҕун? — диэн бэрт судургу ыйытык мээнэҕэ буолбатах эбит. Дьэ ол иһин мин төрүттэрбин билэр, кинилэр олохторун билсэр соруктаах үлэлээтим.
Бырайыак сыала: Төрүт дьонум туһунан билиибин хаҥатыы, удьуораймахха кэрэхсэбиллээх өрүттэрин булан бэйэм уонна чугас дьонум сайдалларыгар олук ууруу, көлүөнэ дьоннорум төрүччүлэрин маһын оҥоруу.
Бырайыак барыла (обьект): Мин дьонум төрүччүтэ.
Бырайыак научнай өрүтэ: Генеалогия уонна геронтология наукалары билсиһии, уһун үйэлэнии туһунан учуонайдар үлэлэрин билсии.