Үөрэх дьылын бүтэһик күннэригэр түбэһиннэрэн, Хаҥалас улууһун киинэ Покровскай куораты чэбдигирдиигэ, ырааһырдыыга туһуламмыт бэртээхэй тэрээһин буолан ааста. “Өлүөнэ очуостара” айылҕа паарката, Айылҕа харыстабылын улуустааҕы тэрилтэтэ, Оҕо бибилэтиэкэтэ буолан, стадиону бөхтөн-сыыстан ыраастыыр сыаллаах “Күөх десаны” тэрийэн ыыттылар.
Кэнники сылларга, хомойуох иһин, стадиоммут көрүүтэ-истиитэ суох буолан, киртитиллэн, бөх-сыыс мунньуллан, урусхалланан, көрүөхтэн сүөргү буолбута. Физкультура уонна спорт сайдыахтаах, чөл олоҕу көҕүлүөхтээх сирбит күөрэ-лаҥкы, кир-хах буолан турарын көрөр олус хомолтолоох.
Ол иһин, үтүө санаалаах дьон көҕүлээһининэн, барыларын хамсатар ис хоһоонноох дьикти күрэх тэрилиннэ. Сайын төһө да саҕаланан эрэрин үрдүнэн, таһырдьа сөрүүн, тымныы күннэр турбуттара. Ол иһин икки эрэ оскуола оҕолоро кытыннылар. Покровскай 1, 3 №-дээх орто оскуолаларын 5-тии оҕолоох хамаандалара.
Онно үлэнэн эрэ муҥурдамматыбыт. Болҕомтолоох дьүүллүүр сүбэ быһаарбытынан, 30 мүнүүтэ иһигэр ханнык хамаанда төһө элбэх бөҕү хомуйбут кыайда. Бары биирдии кууллаах, илиибитигэр бэрчээккилээх түһүнэн кэбистибит. 30 мүнүүтэ, биһиги санаабытыгар, уһун курдук эрээри, дьиҥ иһигэр киирдэххэ, кыл түгэнэ эбит. Бириэмэ бүтэ охсубутун билбэккэ, үлэлээбиппититтэн астыммахха да хаалбыппыт.
Дьүүллүүр сүбэ бөҕүнэн-сыыһынан туолбут куулларбытын ааҕан, кыайыылаах ким буоларын быһаарбыта. Ол түмүгэр биһиги хамаандабыт I миэстэҕэ тахсан, анал грамотанан уонна Үөһээ Бэстээх туристическай базатыгар сынньанар сертификатынан наҕараадаламмыппыт! Оо, үөрүү бөҕө буолбуппут. II миэстэни 3 №-дээх оскуола IX кылааһын оҕолоро ылбыттара. Кинилэргэ эмиэ сертификат уонна бэртээхэй сувенир бэриллибитэ. Сыаналаах бэлэхтэри тутан, стадиоммут ырааһырбытыттан санаабыт көтөҕүллүбүтэ, үөрүүбүт үксээбитэ. Тапталлаах Покровскайбыт мэлдьи ыраас буоларын туһугар бары кыһаллыахтаахпыт, биир санаанан үлэлиэхтээхпит диэн түмүккэ кэллибит. Оччоҕо куораппыт өссө сайдыа, чэлгийиэ, кэрэ көстүүлэниэ, тулата ырааһырыа.
Биири бэлиэтиэм этэ. Общественнай сирдэргэ бөҕү-сыыһы быраҕар анал ууруналары элбэтиэххэ наада эбит. Айылҕаҕа сынньана, салгын сии тахсыбыт дьон, сыыстарын-бөхтөрүн ойуурга хаалларбакка, сылдьыбыт сирдэригэр быраҕан кэбиспэккэ, бэйэлэрин кытта илдьэ киирэн, бөххө анаммыт улахан ууруналарга быраҕыахтаахтар. Бөҕүнэн-сыыһынан туолбут айылҕаны көрөр наһаа куһаҕан, киһи санаата түһэр. Ойуурга буортуну, хоромньуну оҥорор куһаҕанын умнуо суохтаахпыт.
Вадим ПЕТРОВ,
VIII “Б” кылаас,
“Чуораанчык” пост, 1 №-дээх оскуола.
Покровскай, Хаҥалас.