Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан аатын курдук кылгас, ол эрээри чаҕылхай олоҕу олорбута. Хорсун майгытын булгуруппатах уонна күүстээх санаатын өһүлбэтэх буруйугар олохтон эрдэ туораабыта. Ханнык да түгэҥҥэ Ылдьаа Чаҕылҕан санаатын аһаҕастык этэрэ, кырдьыгы эрэ өрө тутара, саллар сааһыгар кими да сирэй салаан эккэлээбэтэҕэ…
Бүгүн Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан төрөөбүтэ 105 сыла. Биллиилээх поэт, тылбаасчыт, публицист балаҕан ыйын 9 күнүгэр Нам оройуонун Куһаҕан Ыал нэһилиэгэр (билиҥҥитэ Аппааны) сүөһү ииттэн олорор тыа сирин бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.
«Чаҕылҕан олоҕо уонна айар үлэтэ кылгас кэмҥэ да чаҕылыйан аастар,
саха литературатыгар бэйэтэ чиҥ миэстэлээх».
Н.Е. Винокуров – Урсун
Саха уолаттарын кыайыыга кынаттаабыт «Хайыһар» ырыа автора Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан чахчы даҕаны олус кылгас эрээри, уустук уонна үтүө олоҕу олорбута. Сытыы тыллаах, тута хоһуйар дьоҕурдаах, чаҕылхай талааннаах поэт бэриллибит кылгас кэмҥэ хорутуулаахтык үлэлээбитэ, норуотугар туһалаах буоларга дьулуспута. Тоҕо диэтэр кини ону дьолунан ааҕара.
Санатан эттэххэ, биһиги издательствобытыгар өр сыл үлэлээбит Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа Чаҕылҕан дьылҕатыгар улаханнык сабыдыаллаабыт, ыарахан күннэригэр дурда-хахха буолбут үтүөлээх. Билигин тэрилтэ кини аатын сүгэр.
Литератураҕа — эдэр сааһыттан
Илья сэттэ оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Оҕо эрдэҕиттэн элбэҕи аахпыт-билбит, айылҕаттан дьоҕурдаах буолан, Чаҕылҕан саха литературатыгар эдэр сааһыгар киирбитэ. Бастакы хоһоонноро 17 саастааҕар бэчээттэнэн барбыттара. 19-тааҕар «Чаҕылҕан уоттара» диэн бастакы кинигэтэ тахсыбыта. Баара-суоҕа 24 сааһыгар ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буолбута. Чахчы да литератураҕа чаҕылхай киирии!
Нам сэттэ кылаастаах оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн баран, Дьокуускайга батараактар үс ыйдаах куурустарын бүтэрэн, Байаҕантай улууһугар батараактар кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 1930 с. Дьокуускайга кэлэн, педтехникумҥа үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕин бүтэрэн баран, саха тылын уонна литературатын преподавателинэн үлэҕэ хаалбыта. Онтон Нам сэттэ кылаастаах оскуолатыгар учууталлаабыта, үөрэх оройуоннааҕы салаатыгар инспекторынан үлэлээбитэ. 1935-1937 сс. Саха государственнай издательствотыгар эппиэттиир эрэдээктэр буолбута.
1937-1938 сс. ити издательство Москватааҕы салаатыгар ыстаарсай эрэдээктэринэн үлэлээбитэ. Саха суруйаачыларын элбэх кинигэлэрин көрөн-истэн, эрэдээксийэлээн таһаарбыта.
1938-1939 сс. үөрэх дьылыгар тыа хаһаайыстыбатын техникумугар преподавателинэн үлэлээбитэ. Онтон салгыы Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын иһинэн тылбаасчыттар салааларын салайбыта.
1938 с. ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнинэн ылыллыбыта. Илья Дорофеевич талааннаах поэт, тылбаасчыт, уопсастыбаннай үлэһит быһыытынан дьон кулгааҕар-хараҕар биллэн барбыта.
Кини хоһоонноро сүргэни көтөҕөр, санааны кынаттыыр тыллардаах Ийэ дойдуга итэҕэл, олоххо таптал туһунан туойаллара. Поэт маҥнайгы кинигэлэрэ «Чаҕылҕан уоттара» (1933), «Дабаан» (1935), «Хоһооннор, поэмалар» (1937) – бүтүннүү кэриэтэ тыа хаһаайыстыбатын холбоһуктааһын, социалистическай тутуу мөккүөрдэригэр туһаайыллыбыттара.
Доҕотторо суруйааччылар, поэттар ахталларынан, Илья Дорофеевич элэккэй, сайаҕас майгылаах, дьээбэлээх-хооболоох, судургутук, көнөтүнэн сылдьар киһи эбит. Сахалыы, нууччалыы ыраастык саҥарар, икки тылы тэҥҥэ баһылаабыт сүрдээх грамотнай киһи быһыытынан сыаналыыллара.
Холуннарыы
1942 с. алтынньы 31 күнүгэр сэбиэскэйи утары пропаганданы ыытыыга буруйдааннар, хаайан кэбиспиттэр. Ол саҕана маҥнайгы кэргэнэ куртах рагыттан өлөн, аймана-саймана сылдьара. Аҕыс саастаах Артур диэн соҕотох уолун ийэтин дьонугар – таайыгар Барамыгин Николай Ионовичка ииттэрэ биэрбит кэмэ этэ.
Биирдэ киниэхэ Горькай уулусса 58-ыс №-ригэр нэһилиэгин дьахтара, бииргэ үөрэммит киһитэ Ядрихинская Валентина Гаврильевна балтынаан Дариялыын кэлбиттэрэ уонна дьиэҕин биһиэхэ куортамнаа диэн көрдөспүттэрэ. Илья Дорофеевич кинилэри аһынан сөбүлэспитэ. Валентина киномеханигынан үлэлиирэ. НКВД-лар кинини уонна балтын хобуоччу оҥостубуттар эбит.
Биирдэ Валентина: «Фашистар хотторон бүттүлэр, Москва анныгар кыайтардылар. Кыһыл Армия 600 нэһилиэнньэлээх пууну босхолоото», — диэн кэпсээбит. Онуоха Илья Дороффевич: «Үөрүөххэ эрдэ. Ньиэмэстэр Кавкаһы бүтүннүүтүн кэриэтэ ыллылар, Сталинградка кырыктаах кыргыһыы барар, 600 нэһилиэнньэлээх пуун 600 куорат буолбатах. Онон сэрии уһуоҕа. Киносборниктарга, бэчээккэ суруйаллара барыта кырдьык буолбатах», — диэбит. Ону Валентина НКВД-ларга тыллыы охсубут. Онон Винокуровы сэриигэ хотторор иһин пораженческай агитацияны ыытыыга буруйдаан, РСФСР ХК 58-с ыстатыйатын 10-с пуунун 2-с чааһыгар буруйдуур дьыала тэрийбиттэрэ.
Илья Дорофеевич чахчы кытаанах ычалаах, халбаҥнаабат тулуурдаах киһи диэн сөҕүөххэ, кининэн киэн туттуохха эрэ сөп! Кини бэйэтин да, атын да дьону уган биэрбэтэх. Бары сордооһуну-муҥнааһыны эрдээхтик тулуйбут. Кини сэллик ыарыһах, адьас мөлтөх доруобуйалааҕа эбээт…
Суут И.Д. Винокуровы 7 сыл болдьохтоох хаайыыга бириигэбэрдээбитэ, ол кэнниттэн үс сыл куолаһын быспыта. Бу 28 эрэ саастаах эдэр киһиэхэ ыар охсуу этэ.
Өрүттүү
Илья Егорович албакаатын кытта ааһынар үҥсүү түһэрэн, РСФСР Верховнай суутугар ыыппыттара. 1943 с. кулун тутар 3 күнүгэр Саха АССР Верховнай суутун бириигэбэрин көтүрбүтэ уонна иккистээн көрүүгэ ыыппыта. Буруйданааччы туруорсуутунан суукка Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа эбии туоһунан ыҥырыллыбыта. Николай Егорович Илья Дорофеевиһы патриот, интернационалист, куһаҕаны тылласпат киһи быһыытынан көрдөрбүтэ. Биир туоһу эмиэ кинини көмүскэспитэ.
Суут Винокуров И.Д. буруйдааһынтан босхолообута, кини дьыалата ырааһырбыта. Илья Дорофеевич кытаанах, тулуурдаах, хорсун киһи буолан кырдьыгын булуммута.
Илья Дорофеевич 1944-1945 сс. Суорун Омоллоону, Марк Жиркову, Устин Нохсорову, Иоаким Избековы кытары Москваҕа тиийэн, саха опернай-музыкальнай репертуарын оҥорсууга үлэлэспитэ. Ол түмүгэр «Ньургун Боотур», «Сыгый Кырынаастыыр» диэн опералар, «Сир симэҕэ» диэн балет музыкалара суруллубуттара. Поэт быһыытынан тахсыылаахтык үлэлээн испитэ. «Саргылаах дойду» (1944), «Биһиги күннэрбит ырыалара» (1952) диэн хоһооннор кинигэлэрин таһаартарбыта. Тылбааска күүскэ ылсан үлэлээбиттэрэ.
Илья Дорофеевич төрүкүттэн да мөлтөх доруобуйата хаайыыга өссө айгыраан, 1952 с., айар үлэтин үгэнигэр сылдьан, эдэр сааһыгар ыалдьан өлбүтэ.
Чаҕылхай талааннаах поэт үтүө аата-суола умнуллубат, дьон-сэргэ сүрэҕэр кини ырыалара, хоһоонноро мэлдьи тыыннаахтар…
«Хайыһар ырыатын» историята
Чаҕылҕан – фронтовик поэт. Сэриигэ кылгастык да буоллар сылдьыбыта. Саха норуодунай суруйааччыта Николай Якутскай Петр Тобуруокапка маннык кэпсээбит: «Ити «Хайыһар ырыатын» Чаҕылҕаҥҥа мин суруйтарбытым ээ! Мин кинини всеобуч ротатыгар байыаннай дьыалаҕа бэлэмниэхтээҕим, рота командира этим. Биирдэ хайыһарга эрчиллии буолбутугар, Илья Дорофеевич: «Николай Гаврильевич, миигин итинтэн көҥүллээ эрэ, мин кыайан хайыһардыа суохпун!», — диэтэ. Көрбүтүм – киһим, кырдьык да, дьарамай, дөлөкүспүт уолаттардыын сылдьар кыаҕа суох! «Чэ, буоллун! Хаал! Ол гынан баран, биһиги кэлиэхпитигэр диэри манна олор уонна биир хоһоонно суруй!», — диэтим. Киһим хаалла, кэлэрбитигэр «Хайыһар ырыата» хайыы-үйэ бэлэм этэ! Онон итиннэ мин да кыттыылаахпын! – диэн күлэрэ».
Ырыа мелодиятын нуучча талааннаах композитора Андрей Филиппович Костин айбыта. Ол маннык. Биирдэ Костин поеһынан айаннаан иһэн бу хоһоон тыллара көлүөһэ тыаһыгар ханыылаһан ньиргийэн иһиллиэхтэрин, өрө күүрүүлээхтик, дохсуннук ылланыахтарын өйдүү биэрбитэ. Тута матыып айан Чаҕылҕаҥҥа ыыппыта. Хоһоон автора сөбүлэспитэ.
«Илья Егорович Винокуров – Чаҕылҕан» (2014) кинигэттэн